Гааһы киллэттэриигэ субсидия кээмэйэ улаатта
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна дьиэ кэргэттэригэр, элбэх оҕолоох, кыаммат ыалларга, байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар, соҕотоҕун олорор биэнсийэлээхтэргэ, инбэлииттэргэ олорор дьиэлэригэр гаас киллэрэллэригэр анаан үбүнэн көмө оҥоһуллар.
СӨ Бырабыыталыстыбата чэпчэтиинэн туһанар гражданнарга олорор дьиэлэригэр гаас киллэттэрэллэригэр субсидия кээмэйин улаатыннарда. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһын эрэгийиэннээҕи ыстаабын мунньаҕар иһитиннэрдэ.
Урукку өттүгэр биир кэмнээх аадырыстаах көмө 150 тыһ.солк. эбит буоллаҕына, билигин чэпчэтиинэн туһанар гражданнар 202 тыһ.солк. ылар буолуохтара.
«Мин дьаһалбынан СӨ Бырабыыталыстыбата чэпчэтиинэн туһанар гражданнарга субсидия кээмэйин 202 тыһ. солк. диэри улаатыннарда. Гаастааһын бырагырааматын олоххо киллэрии биһиги биир сүрүн сорукпутунан буолар», – диэтэ Айсен Николаев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: