Гаас оттукка көһөрүү көмөтүнэн Саха сиригэр сыл ахсын 2 млрд солк. суума харчы кэмчилэнэр

Гаас оттукка көһөрүү көмөтүнэн Саха сиригэр сыл ахсын 2 млрд солк. суума харчы кэмчилэнэр

Ааптар:
16.05.2024, 16:00
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Билигин Саха сиригэр 23 тыһыынчаттан тахса экологическай массыына регистрацияланна.

Эрэгийиэннээҕи бырамыысыланнас министиэристибэтэ сыаналыырынан, тиэхиньикэни гаас оттука көһөрүү сыл ахсын суоппардарга 2 млрд. солк. тахса суумалаах харчыны кэмчилиир кыаҕы биэрэр.

2024 сыл тохсунньу-муус устар ыйдарыгар Саха сиригэр өссө эбии 150 массыына газ оттукка көһөрүллүбүт. Ону таһынан, 2024 сыл кулун тутарыгар экологическай уматыкка көһөрүллүбүт 11 саҥа оптуобус үлэҕэ киирбит.

Санатан эттэххэ, Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан, тырааныспары гаас оттука көһөрүүгэ 90%-ҥа диэри субсидия үп-харчы көрүллэр, ону тэҥэ тырааныспарга түһээн кээмэйэ 50 % чэпчэтиллэр.

Билигин Саха сиригэр Дьокуускайга уонна Мииринэйгэ гааска көһөрүү  барыта 4 аккредитацияны ааспыт тэрилтэ үлэлиир. Суоппардарга гаас оттука 10 компрессордар, 23 сапыраапка, ону тэҥэ 23 көһө сылдьар сапыраапка ыстаансыйалар үлэлииллэр. Ону тэҥэ  эбии киин куоракка уонна Хаҥалас улууһугар аһыллара былааннанар.

Гааска уматыкка көспүт бөдөҥ тэрилтэлэр ортолоругар АЛРОСА, Саханефтегазсбыт, Сахатранснефтегаз, РНГ, Газпром добыча Ноябрьск, Сахаметан, СПГ, ЯПАК уонна Почта России хампаанньаллары бэлиэтиэххэ сөп.

СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
1 ноября
  • -18°C
  • Ощущается: -18°Влажность: 78% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: