Гаас тарыыба үрдээтэ диэн сурах оруннаах дуо?

Share

Тохсунньу  1 күнүгэр «Сахатранснефтегаз» хампаанньа гааска сыананы үрдэттэ, ол аата «күөх төлөн» эрэ буолбакка, итиини биэрии – ГРЭС гааһынан үлэлииринэн, онно  сыана үрдүө, оччоҕо табаар уонна бородуукта эмиэ ыарыа диэн урбаанньыттар биир бизнес-бөлөххө суруйбуттара.

Кинилэр 2022 сыл тохсунньутуттан 2023 сыл тохсунньутугар диэри гааска тарыып юридическай сирэйдэргэ 4 төгүл – кулун тутар, атырдьах ыйыгар, ахсынньыга, тохсунньуга улаатыннардылар… Онон барыта 17% үрдээтэ диэбиттэрэ.

Бүгүн ити сурах төһө оруннааҕын «Сахатранснефтегаз» хампаанньа пресс-сулууспатын начальнига Василий Амбросьевтан чуолкайдастыбыт.

«Итинник көҥүл толкуйдаан суруйуу уопсастыбаннаһы булкуйуу буолар», — диэн хампаанньа пресс-сулууспатын начальнига Василий Амбросьев эттэ.

Кини бэлиэтээбитинэн, 2022 сылга нэһилиэнньэ гааһынан туһаныытын тарыыбын үрдээһинэ ортотунан 9,4%, оттон юридическай сирэйдэргэ 15% буолла, 2023 сылга тохсунньу 1 күнүттэн юридическай сирэйдэргэ эрэ 0,4% үрдээтэ.

«Ол быһыытынан 17 % ордук үрдээһин суох. Өскөтүн юридическай сирэй уонна нэһилиэнньэ гааһы туһаныы тарыыбын туһунан быһаартарыан баҕардаҕына, «Сахатранснефтегаз» хампаанньа Табаары батарыыга управлениетыгар кэлэн билсиэн сөп», — диэтэ Василий Амбросьев.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Ленскэйгэ суол саахалыгар икки киһи эчэйдэ

Бэҕэһээ, ыам ыйын 20 күнүгэр, Ленскэй оройуонугар "Умнас" суол 5 км суол саахала буолла. Икки…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр көмүөл мууһа Кэбээйи, Дьааҥы, Орто Халыма оройуоннарыгар көхтөөхтүк устар

Саха сирин сиригэр-уотугар муус барыыта Кэбээйи, Дьааҥы уонна Орто Халыма оройоуннарыгар бэлиэтэнэр. Өлүөнэ эбэҕэ муус…

33 минуты ago
  • Быһылаан

Профлиискэ эмсэҕэлээбит понины быыһаатылар

СӨ Бэтэринээрийэҕэ департамена иһитиннэрбитинэн, бу ыйга Мархатааҕы бэтэринээринэй учаастакка сылгылары иитэр киһи сибээскэ тахсан көмөҕө…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Батамайы, Сииттэни, Арҕаһы уонна Сангаары уу ылар куттала баар

Кэбээйилэр халаан уутугар олохтоохтук бэлэмнэнэн олороллор, ол гынан баран, билигин даҕаны Батамайга, Сииттэҕэ, Арҕаска уонна…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

“Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт” куонкуруска кыттыҥ

Бүгүн – Ырыа күнэ. “Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥүттэн РФ Дьиэ кэргэн сылыгар уонна Саха сиригэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан паромнар ыам ыйын 25 күнүттэн сылдьыахтара

Дьокуускай -- Аллараа Бэстээх хайысханан паромнар ыам ыйын 25 күнүттэн сылдьан саҕалыахтара. Бу туһунан "Саха…

2 часа ago