Дьокуускай куоракка Пирогов аатынан уулуссаҕа “Сахатранснефтегаз” хампаанньа инспекцията гааска көҥүлэ суох холбоммут дьону тутта.
Түөрт бэйэ оҥоһуу гааһы уматар тэрил уонна «Бакси» хочуол суол таһынааҕы кафеҕа үлэлии тураллара чахчыламмыт. «Сахатранснефтегаз» үлэһиттэрэ гааһы уорууну тута тохтоппуттар, хас биирдии холбоммут тэрил аайы 200 тыһ. солк. ыстыраап тутар туһунан ирдэбил туттарбыттар. Ону таһынан, ис дьыала уорганнарыгар административнай уонна холуобунай дьыала арыйалларыгар сайабылыанньа түһэриллибит.
“Сахатранснефтегаз” акционернай хампаанньа сэрэтэр – гааска көҥүлэ суох холбонуу иһин холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыахха сөп. Көҥүлэ суох гаас ситимигэр холбонуу тулалыыр дьон олоҕор кутталы үөскэтэр.
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электроыстаансыйа (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…