Гаджимагомед Гусейнов: «Хотугу таһаҕаһы тиэйии бырайыагар Саха сирин кылаата сүрүн»
Хотугу таһаҕаһы тиэйии туһунан сүрүн сокуон бырайыага бу нэдиэлэҕэ Госдумаҕа маҥнайгы ааҕыытын ааста. Бу сокуону таҥыы үлэтин кэмигэр Саха сириттэн ордук элбэх этии, туруорсуу киирбит. Бу туһунунан Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы миниистирэ Гаджимагомед Гусейнов министиэристибэ уонна Саха сирин бырабыыталыстыбатын холбоһуктаах мунньаҕар иһитиннэрдэ.
“Сокуон бырайыага маҥнайгы ааҕыытын ааста, биһиги өрөспүүбүлүкэбит этиилэрэ учуоттаннылар. Биһиги бу бырайыак сайдыытыгар көхтөөх кыттыыны ылабыт, көннөрүүлэри эбии киллэрэн төһө кыалларынан толору, хотугу эрэгийиэннэргэ туһалаах буоларын ситиһиэх тустаахпыт. Сылы эргиччи айан суоҕун учуоттанар, тоҕо диэтэххэ бу биһиги хотугу улуустарбытыгар тыын боппуруос буолар”, — диэн эттэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Гаджимагомед Гусейнов Саха сирин Ил Дарханыгар көхтөөх үлэтин иһин махталын биллэрдэ уонна өрөспүүбүлүкэттэн киирбит этиилэр улахан аҥаардара бырайыакка киирбитин бэлиэтээтэ.
Сокуон бырайыага Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан үлэҕэ ылыллыбыта, олунньу ыйга Госдумаҕа киирбитэ. Манна кэккэ тэрээһиннэр, үбүлээһин хайысхалара хотугу эрэгийиэннэри тиһиктээхтик хааччыйыыга туһаайыллаллара киирэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: