Салгыы
Галина Бочкарева: “Көхтөөх уонна кыахтаах тэрилтэ буолабыт”

Галина Бочкарева: “Көхтөөх уонна кыахтаах тэрилтэ буолабыт”

20.09.2024, 14:55
Хаартысканы Г.А.Бочкарева тиксэрдэ.
Бөлөххө киир:

Үйэни куоһарар саастаах, 1200‑тэн тахса чилиэннээх Саха сирин Суруналыыстарын сойууһа Арассыыйаҕа биир саамай элбэх ахсааннаах, көхтөөх үлэлээх, кыахтаах, тарбахха баттанар тэрилтэнэн буолар. Саха сирин суруналыыстара төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин устуоруйатын үйэтитээччилэринэн, инники балысхан сайдыытыгар сөҕүмэр кылааттарын киллэрээччилэринэн буолаллар.

Устуоруйаны сэгэттэххэ, ССКП Саха уобаластааҕы кэмитиэтэ 1959 сыллаахха кулун тутар 16 күнүгэр анаан-минээн ыыппыт мунньаҕар Саха сирин Суруналыыстарын сойууһа тэриллибитэ, бэрэссэдээтэлинэн Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, кэлин холбоһуктаах “Кыым”, “Социалистическая Якутия” хаһыаттар эрэдээктэрдэрэ, билиҥҥи социология салаатын олохтообут улахан учуонай Иван Александрович Аргунов талыллыбыта.

Итинтэн ыла, биэстии сыллаах ыллыктаах хардыыларынан сайдыылаах социализмы тутууга, аныгы 21‑с, ырыынак экэниэмикэтинэн салаллар үйэбитигэр үрдүк оҥорумтуолаах, таһаарыылаах үлэҕэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун көҕүлээһиҥҥэ саха бэчээтэ агитатор, пропагандист уонна кэлэктиибинэй тэрийээччи, норуоту, былааһы ситимниир далаһа быһыытынан аналын килбиэннээхтик толорбута, толорор. Сойууһу араас кэмнэргэ уончалыы сылларга биллэр судаарыстыбаннай диэйэтэллэр, учуонайдар, суруналыыстар С. К. Томскай, О. Д. Якимов, О. Г. Сидоров, И. В. Борисов, о. д.а. таһаарыылаахтык салайбыттара.

Галина Алексеевна Бочкарева

2008–2023 сылларга 15 сыл устата Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун саамай уһуннук салайан кэлбит бэрэссэдээтэл. 44 сыл устата айымньылаахтык үлэлээн кэлбит идэтийбит суруналыыс, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, бэчээтин туйгуна, РФ Суруналыыстарын сойууһун “Чиэс. Достуойунустуба. Профессионализм” бочуоттаах наҕараадатын хаһаайына. Кэмигэр РФ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ В. Д. Богданов Уһук Илиҥҥи уокурукка суруналыыстыка эйгэтигэр эписсийээлинэй сүбэһитэ.

Бу күннэргэ СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, үгүс үрдүк таһымнаах суруналыыстары иитэн таһаарбыт настаабынньык, “Ил Түмэн” издательскай дьиэ” автономнай тэрилтэ шеф-эрэдээктэрэ, дьоллоох ыал ийэтэ, иһирэх эбээ, саха Далбар Хотуна Галина Алексеевна Бочкарева үлүскэннээх үлэ үөһүгэр сылдьан ытык-мааны 65 сааһын бэлиэтиир.

Түгэнинэн туһанан, мантан аллараа Галина Алексеевналыын атах тэпсэн олорон ирэ-хоро сэһэргэһиибититтэн, күндү ааҕааччыларбыт, эһиги болҕомтоҕутугар бэчээттиибит.

Суруксуттуур идэҕэ сыстан барыым

— Оҕо сааспыттан тылга сыстаҕас этим. Мэҥэ Хаҥалас Табаҕа орто оскуолатыгар үөрэнэр кэммэр 29 №-дээх “Дьүкээбил уоттара” диэн эдэр кэрэспэдьиэннэр постарын саха тылын учуутала Тимофей Саввич Попов салайара. Сүрдээҕин дьарыктанар этибит, үөрэхпитигэр, оскуолабыт олоҕор туох сонун, саҥа уларыйыылар, тэрээһиннэр буолалларын өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо хаһыатыгар “Бэлэм буолга” уонна оройуоммут хаһыатыгар “Ленинскэй знамяҕа” сонун оҥорон ыытарбыт. Онон мин кэрэспэдьиэн быһыытынан аан бастакы суруйуум “Бэлэм буол” хаһыакка бэчээттэммитэ.

Ол гынан, оҕо эрдэҕинээҕи суруйууларбын өйдөөн утумнаахтык харааннаабатах, муспатах эбиппин. Хата ону, мин үөрүүбэр, кэлин хаһыатчыт буолан үлэлии сылдьан 50 сааспын бэлиэтиир үбүлүөйбэр Нина Иннокентьевна Протопопова бэйэтэ: “Галина, бу эн оҕо сылдьан “Бэлэм буолтан” саҕалаан суруйбут суруйууларыҥ”, — диэн Табаҕа оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан суруйбут сонуммун уонна Томпо оройуонугар Кириэс Халдьаайы оскуолатыгар үөрэнэр кэммэр суруйбут матырыйаалбын холбуу тутан суруктаан-бичиктээн, ламинаттаан бэлэх оҥорон туттарбыта. Ити мин оҕо сылдьан оскуолаҕа юнкордар постарыгар дьарыктанан, суруксуттуур идэҕэ сыстан барыым биир туоһута диибин. Итиэннэ ол юнкорум дастабырыанньатын олус күндүтүк санаан, баччааҥҥа диэри илдьэ сылдьабын

Иккиһинэн, өйбүн-санаабын тутарбар төрөппүттэрим сабыдыаллара улахан этэ. Аҕам сэбиэскэй-хаһаайыстыбаннай үлэһит, ийэм бибилэтиэкэр, кэлин үөрэнэн саха тылын учуутала этилэр. Аҕабыт Карл Карлович Байкалов аатынан сопхуоска рабочком бэрэссэдээтэлэ буолан, үлэ-хамнас, күүрээннээх социалистическай куоталаһыы тэрээһинин, олох-дьаһах боппуруостарын, кыһалҕаларын быһаччы быһаарар буолан, мэлдьи дьон ортотугар сылдьара. Онон оройуонтан, өрөспүүбүлүкэттэн суруналыыстар кинини ааттаан кэлэллэрэ, суруйбут матырыйаалларын “Ленинскэй знамя”, “Кыым” хаһыаттарга таһаараллара.

Аҕалаах ийэм почта, хаһыат кэлэрин кэтэһэллэр аҕай этэ. Ааҕа олорон бу суруналыыс баары-баарынан, токуруппакка, уустаан-ураннаан наһаа да үчүгэйдик сырдаппыт. Оттон итэҕэһи-быһаҕаһы, сыыһаны-халтыны саамай сөпкө, толлубакка аһаҕастык, дьыалабыайдык суруйбут диэн астыналларын, хайгыылларын мэлдьи истэрим уонна суруналыыстыка диэн баары баарынан, кырдьыгынан суруйар, дьоҥҥо туһалыыр, көмөлөһөр интэриэһинэй, дьон сыаналыыр идэтэ эбит диэн өйдөбүл өйбөр хатаммыта. Онон орто оскуоланы бүтэрэрбэр мин суруналыыс буолабын диэн быһаарыныыны ылыммытым.

Баҕа санаабын, сыалбын-сорукпун бырааптаан

— Оччолорго, 1976 сыллаахха оскуоланы бүтэрэрбэр, СГУ-га суруналыыс идэтигэр бэлэмнээбэт этилэр итиэннэ ийэбит ыалдьар буолан, устуоруйа-филология факультетыгар нуучча тылын, литэрэтиирэтин салаатыгар үөрэнэ сылдьаммын, ФОП (факультет общественных профессий) диэн уопсастыбаннай идэлэр факультеттарыгар суруналыыс буолар баҕабын толорон дьарыктаммытым. Аатырбыт суруналыыс, комментатор, репортер, “Саха Озерова” Вячеслав Степанов дьарыктаабыта. Аны оччолорго өрөспүүбүлүкэтээҕи нууччалыы тыллаах ыччат хаһыата “Молодежь Якутии” иһинэн “Репортер” диэн оскуола үлэлиирэ. Онно Эдуард Волков, Леонид, Людмила Левиннэр, Владилен Гусев, Наталья Бородянская курдук, о. д.а. сиппит-хоппут хаһыатчыттар оскуолаларын ааспытым. Бастакы нууччалыы суруйууларым ол хаһыакка бэчээттэммиттэрэ.

Кэлин, университеты бүтэрэн баран, Уус Алдаҥҥа оройуоннааҕы “Ленинскэй тэрийээччи” хаһыакка, онтон ыччат “Эдэр коммунист” хаһыатыгар үлэлии сырыттахпына, комсомол обкуома Москваҕа Үрдүкү комсомольскай оскуолаҕа (ВКШ) ыытан, онно үөрэнэн, ыччат бэчээтин үлэһитин быһыытынан идэтийбит суруналыыс дипломнанан, оҕо сааспыттан иитиэхтээбит баҕабын, туруоруммут сыалбын ситиспитим.

Хаһыатчыт быһыытынан бастакы хардыыларым

— Университеты бүтэрээт, оччолорго 21 сааспар Уус Алдан улууһун “Ленинскэй тэрийээччи” хаһыатыгар үлэбин кэрэспэдьиэнинэн саҕалаабытым. Бастакы эрэдээктэрим Милан Матвеевич Афанасьев, солбуйааччы эрэдээктэр Федор Игнатьевич Васильев этилэр. Кинилэр салалталарынан Уус Алдан хаһыатыгар суруналыыс быһыытынан сайдан, үөрэнэн барбытым.

Эдэр, саҕалаан эрэр суруналыыска ыччаты уонна юнкордары кытта үлэни сыһыарбыттара. Инньэ гынан хомсомуол оройуоннааҕы кэмитиэтин үлэһиттэрин кытта ыччат-комсомольскай үлэ кэлэктииптэринэн, биригээдэлэринэн үрдүк таһаарыылаах үлэни, социалистическай куоталаһыыны көҕүлүүр бары тэрээһиннэргэ мэлдьи сылдьыһарым, ыччат тиэмэтин сырдатарым. хомсомуол райкомун кытта ыкса үлэлэһэрим.

Юнкордары кытта үлэни сүрүннүүрбэр оччолорго оскуолалартан үөрэнээччилэр ыытар кэрэспэдьиэнсийэлэрэ тирэх буолбута. Билигин биллэр, Уус Алдантан үүнэн тахсыбыт ааттаах-суоллаах суруналыыстар, холобур, Петр Васильев Тумул оскуолатыттан, Сардаана Сивцева, Петр Павлов Мүрү орто оскуолатыттан, Найахыттан Светлана Пахомова, Ньургуйаана Сивцева, Люба Готовцева, Вера Макарова курдук кыргыттар, о. д.а. оҕолор суруйаллара. Онон суруналыыстыкаҕа таттарыылаах, тыыппалааах оҕолор бааллар эбит диэн биллэҕим дии. Бу оҕолор суруктарын эрэдээксийэлээн, хаһыакка тахсар гына оҥорорум. Онон Уус Алдан хаһыатыгар үлэлии сылдьан, идэтийбит суруналыыс быһыытынан бастакы хардыыларбын оҥорбутум.

Аны Уус Алдаҥҥа иккистээн эргиллэн кэлиибэр эдэр кэрэспэдьиэннэр оскуолаларын тэрийбитим. Элбэх оҕо дьарыктаммыта, үөрэммитэ. Ол курдук Яна Байгожаева Бэйдиҥэттэн, Ольга Лыткина Тандаттан, Жанна Леонтьева Кэптэниттэн, Афанасий Копырин Курбуһахтан үөрэммиттэрэ, билигин суруналыыс быһыытынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьалларыттан олус үөрэбин. Кинилэр суруйар эйгэҕэ бастакы хардыыларыгар күүс-көмө буоллаҕым дии.

Эрэдээктэр, салайааччы быһыытынан оскуоланы барбытым

— Онтон дойдубар, Мэҥэ Хаҥалас хаһыатыгар “Эркээйигэ” 1995 сыллаахха ананан кэлбитим. Олохпутугар-дьаһахпытыгар уларыйыы бөҕө буолан, сүрдээх аҥаат-муҥаат кэмнэр этилэр. Уус Алдаҥҥа эрэдээктэри солбуйааччынан үлэлии олорон, манна сирэй эрэдээктэринэн ананан кэлэн, хара ааныттан үбүлээһин, матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй хааччыллыы, структурнай тэрээһин боппуруостарынан ылсан үлэлээн барбытым. Эрэдээксийэҕэ саастаах суруналыыстар элбэхтэрэ. Инньэ гынан, кэлэктииби эдэрситэр сорук турбута. Почталары кытта биир тылы булан, өҥөлөрүн иһин сурутуу харчытын 30% ылалларын 10% намтатары ситиспиппит. Ол биһиги кыайыыбыт этэ. Эрэдээксийэбит туспа дьиэлэммитэ.

Аны уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэри кытта үлэни күүскэ сөргүтэн, нэһилэктэргэ хаһыат күннэрин ыытан, селькордар сэминээрдэрин тэрийэн, альтернативнай сурутууну ыытан, хаһыаппыт тираһа да улааппыта. 1998 сыл түмүгүнэн хаһыаппыт “Эркээйи” өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ үлэлээҕинэн билиниллибитэ. Онон  төрөөбүт дойдум “Эркээйи” хаһыатыгар эрэдээктэр, салайааччы быһыытынан оскуоланы барбытым.

Михаил Ефимович быһаччы сыал-сорук туруорбута

— Ити ситиһиибит дьайдаҕа буолуо, 1999 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнэ М. Е. Николаев миигин “Өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ”, “Вся республика” диэн хаһыаттар холбоһуктаах эрэдээксийэлэрин генеральнай дириэктэринэн-кылаабынай эрэдээктэринэн анаабыта. Атах тэпсэн олорон бэсиэдэлэһиигэ: “Олох-дьаһах, экэниэмикэ, бэлиитикэ түргэнник сайдар, уларыйар кэмигэр бэчээккэ дириҥ ырытыы, анаарыы (аналитика) наада. Бүгүҥҥү уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй хаһыаттар күннэтэ тахсар буоланнар, дириҥ ырытыылаах ыстатыйа аҕыйах.

Онон быһыыны-майгыны иһитиннэрэр, тиэмэни дириҥник ырытар матырыйааллары икки тылынан таһаарар хаһыаты тэрийдим. Эн иннигэр итинник сорук турар. Ол миэхэ саҥа санаалары, идиэйэлэри үөскэтэр, үлэбэр туһалаах буолуо этэ. Эрэдээксийэҥ айар кэлэктиибин сүүмэрдээ, хаһыатыҥ кэнсиэпсийэтин, устаабын ырытан оҥорон бигэргэт уонна бу сыл балаҕан ыйыттан таһааран барыахха наада”, — диэн сыал-сорук туруорбута.

Онон, этэр курдук, олох “ыраас лиистэн” саҥа хаһыаты төрүттээн, Николай Алексеев, Петр Попов, Данил Макеев, Борис Павлов, Петр Павлов, Андриан Николаев, Александр Веревкин курдук, о. д.а. талааннаах суруналыыстары түмэн, хаһыаппыт аналын, бэлиитикэтин былааннаахтык, утумнаахтык олохтоон үлэлээн барбыппыт. Өрөспүүбүлүкэ сүрүн хаһыаттарын кытта күрэстэһэр кыахха киирэн эрдэхпитинэ, Михаил Ефимович Николаевка бэрэсидьиэҥҥэ үһүс болдьоххо туруорунарын көҥүллээбэккэлэр, хаһыаппыт сабыллар буолбута.

Бигэ турукпут айымньылаах үлэҕэ көҕүлүүр

—2008 сыллаахха “Якутия” хаһыат эрэдээктэрин солбуйааччынан үлэлии олорон, Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн талыллыбытым. Балаһыанньа уустуга, араас санаалар бааллара. Ол курдук чааһынай хаһыаттар бэйэлэрэ туспа “Нож” диэн ааттаах (независимая организация журналистов) сойуус тэринэр былааннаахтара, бэйэлэрэ мустар, туспа туттар этилэр. Уопсай биир сыһыаны олохтуур сыалтан, Леонид Левини (“Якутск вечерний”), Кирилл Алексеевы (“Наше время”), “Кыым” хаһыаттан Владимир Степановы бырабылыанньа састаабыгар киллэртээтим. Онон сойууска арахсыы, хайдыһыы боппуруоһа тохтообута.

Бэрэссэдээтэлинэн талыллан баран, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһа дойду үрдүнэн киэҥ далааһыннаах тэрээһиннэри, үлэни-хамнаһы хайдах тэрийэрин, ыытарын уопут быһыытынан үөрэтэргэ, билсэргэ быһаарыммытым. Инньэ гынан 2009 сыллаахха “Вся Россия” диэн Сочига Дагомыска ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээлгэ Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун улахан дэлэгээссийэтин быһыытынан тэринэн тиийэн кыттыбыппыт. Өрөспүүбүлүкэ, улуустар хаһыаттарын эрэдээктэрдэрэ сахалыы таҥаспытын таҥнан бэйэбит төрүт култуурабыт, духуобунай баайбыт эриэккэс эгэлгэлэрин оһуохайдаан, алгыстаан, ыллаан-туойан омук-омуктарга көрдөрбүппүт, билиһиннэрбиппит. Бу бэстибээл сыллата ыытыллар.

Оччолорго Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн Всеволод Леонидович Богданов үлэлиирэ.

Биһигини, Саха сирин суруналыыстарын кытта истиҥ, доҕордуу сыһыаннааҕа, тыһыынчанан чилиэннээх улахан сойууспут бигэ туругун, айымньылаах үлэтин үрдүктүк сыаналыыра, атыттарга холобур туттара. Бэл, миигин Уһук Илин уокурукка үлэ-хамнас тэрээһинигэр бэйэтин эписсийээлинэй сүбэһитинэн туруорбута. Уопсайынан, Уһук Илин уокуругар кыраайдарга, уобаластарга бэрт аҕыйах чилиэннээх сойуустар бааллар. Мин Приморьеҕа Владивостокка тиийэн ыһыллан хаалбыт сойууһу хаттаан тэрийсибитим. Онно холоотоххо, биһиги сойууспут 1200‑тэн тахса чилиэннээх, Уһук Илиҥҥэ саамай улахан, кыахтаах тэрилтэнэн буолар. 2017 сыллаахха суруналыыстар Арассыыйатааҕы сойууспут саҥа бэрэссэдээтэлэ Владимир Геннадьевич Соловьев манна биһиэхэ кэлэн “Инфорум” бырайыакка үөрэх ыыппыта элбэҕи этэр.

2009 сыллаахха, сойууспут тэриллибитэ 50 сылыгар, үбүлүөйүнэн сибээстээн “Тымныы полюһугар командировка” диэн ааттаах тэрээһин ыытыллыбыта, иккиһинэн “Репрессияламмыттар суолларынан” диэн Хаандыганан, Уус Ньаранан Магадаҥҥа тиийэ «Эр санаа уонна кутурҕан трассата» автопробег тэриллибитэ. Ити кэмнэргэ “Олоҥхо сирин прессата” бэстибээли икки сылга биирдэ ыытарбыт, спортивнай күрэхтэһиилээх, култуурунай бырагыраамалаах.

Аны улуустарынан суруналыыстар пресс-турдарын ыытар буоллубут. Миэстэлэргэ араас көрсүһүүлэргэ айымньылаах үлэлэрин уопутун атастаһаллар, инники былааннарын, бырайыактарын ырытыһаллар, сүбэлэһэллэр. 50 сыллаах үбүлүөйбүтүгэр “Полвека вместе” диэн дьоһуннаах кинигэни таһаарбыппыт. Биир улахан ситиһиибитинэн аан бастаан “Журналисты Якутии” диэн профессиональнай энциклопедияны Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын гранын өйөбүлүнэн бэлэмнээн таһаарбыппыт буолар. Энциклопедияҕа бэчээт эйгэтигэр 15 сыл, онтон уһуннук үлэлээбит суруналыыстар киллэрилиннилэр. Энциклопедиябыт саха суруналыыстыкатыгар суоруллубат-сотуллубат суолу-ииһи хаалларбыт аҕа көлүөнэ суруналыыстар ааттарын үйэтитиигэ, эдэр суруналыыстарга ыйыы-кэрдии буоларынан суолтата улахан.

Аҕыс төгүл аан дойдутааҕы Пресс-турдары тэрийэн, тоҕус дойдуга сырыттыбыт. Атын сирдэргэ ханна да маннык тэриммэттэр, кыахтара суох, суруналыыстар хамнастарын сыыһа онуоха эппиэттээбэт. Биһиги, баай өрөспүүбүлүкэ суруналыыстара бүддьүөт суотугар айанныырбыт курдук саныыллар. Дьиҥэр, оннук буолбатах, биһиги тус бэйэбит үппүтүнэн айанныыбыт. Биһиги Кытай, Япония, Монголия, Казахстан, Белоруссия, Армения, Грузия, Узбекистан, Киргизия курдук дойдуларынан сылдьан биир идэлээхтэрбитиниин билсэбит, уопут атастаһабыт, билиибитин-көрүүбүтүн хаҥатынабыт. Саха омук быһыытынан үтүө үгэстэрбитин, ыллаан-туойан, хомустаан, оһуохайдаан нассынаалынай култуурабытын билиһиннэрэбит. Олус туһалаах, көдьүүстээх сырыылар диэххэ наада.

Искусственнай өй солбуйар кыаҕа суох

— Билигин уопсайынан суруналыыстарга олус ыарахан кэм. Бастатан туран, аныгы технологиялар сайдыыларынан, иһитиннэрэр-биллэрэр технологиялар элбээбиттэринэн, блогердар, ким баҕарар тугу баҕарар суруйар, тарҕатар буолбуттарынан, дьон-сэргэ дириҥ ырытыылаах, анаарыылаах суруйуулары кыайан аахпат буолла. Кылгас сонуннары, хаартыскалары хараҕынан көрөн ааҕыы үйэтэ кэллэ. Ол гынан, мин саныахпар, киһи бэйэтин көрүүтүн, санаатын, уйулҕата оонньооһунун суругунан анаарыытын, ордук публицистика, уочарка, уус-уран кэпсээн жанрдарынан биэриитин искусственнай өй солбуйар кыаҕа суох. Онон инникитин киһилии өйүнэн, киһилии санаанан суруйар-айар суруналыыстыка син биир баар буолуоҕа.

Иккиһинэн, хаһыакка үлэлии кэлбит эдэр суруналыыстар тылы, этиини сатаан суруйбаттарыттан киһи санаата түһэр. Итинник суруксуттартан уочарка матырыйаалы, зарисовканы, анаарыыны ирдиириҥ кыаллыбат. Онон сахалыы суруналыыстыка аҕа көлүөнэ дьон баарына тыыннаах буолуоҕа, онтон салгыы үчүгэйдик суруйар, толкуйдуур, анаарар суруналыыстар баар буоллахтарына, көмүс курдук күндүтүйүөхтэрэ. Суруналыыстыка билиҥҥи туруга, инники дьылҕата миигин сүрдээҕин долгутар.

Аны билигин социальнай ситим сайдыбыт кэмигэр сорохтор аҕыйах сылынан хаһыат суох буолуоҕа диэн дойҕохтууллара төрдүттэн сыыһа. Тоҕо диэтэххэ “суруллубут — суоруллубат” диир курдук, хаһыаттар суруйуулара бибилэтиэкэлэргэ, архыыптарга үйэлэргэ хараллар. Наадыйдаххына уонча-сүүрбэччэ сылынан, үйэ да аҥаарынан тиийэн ааҕыаххын, туһаныаххын сөп. Сиэннэрбит, хос сиэннэрбит ааҕыахтара. Эдэр көлүөнэ салалта бэчээт уонна суруналыыстыка суолтатын дириҥник өйдүүрэ наада. Социальнай ситимҥэ суруллубут сонуннар сотору суох буолуохтара.    Оттон бэчээт, хаһыат инникитин да баар буолуо диэн эрэнэбин. Онуоха бэтэрээннэр, уопуттаах суруналыыстар, суруйааччылар, бэчээккэ бэриниилээх бука бары үлэлэһиэхпитин, эдэр көлүөнэҕэ бэчээт, периодика суолтатын өйдөтүөхпүтүн наада.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 95% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: