Галина Данчикова: «Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара нотариальнай чэпчэтиигэ тэҥ бырааптаах буолуохтара»
Мииринэй уонна да атын оройуоннар олохтоохторо РФ Госдууматын дьокутаата Галина Данчиковаттан мобилизацияланан барбыт байыаннай дьайыы кыттыылаахтара хантараагынан уонна бэйэ баҕа өттүнэн барааччылартан бырааптара араастаһалларын туһунан ыйыппыттара.
Ол курдук, мобилизацияланан барбыт байыаннай дьайыы кыттыылаахтара нотариальнай генеральнай дэбиэрэннэһи толорорго чэпчэтиинэн туһанар суумалара хантараагынан уонна бэйэ баҕа өттүнэн барааччылартан аҕыйаҕын туоһуласпыттар. РФ Госдууматын дьокутаата Галина Данчикова бу ыйытыыны РФ Нотариальнай палаататын бэрэсидьиэнэ Константин Корсикка тиэрдибит. Бу иннинэ Галина Данчикова РФ Юстиция министиэристибэтигэр нотариальнай дьыаланы толорууга чэпчэтии байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр барыларыгар көрүллэр боппуруоһу туруорсубута. РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин хантараагынан, бэйэ баҕатынан барбыт, мобилизацияламмыт уонна Росгвардия сотрудниктара тэҥ быраабынан уонна чэпчэтиинэн туһаныахтаахтарын ыйбыта.
Кулун тутар бүтэһик күннэригэр РФ Юстиция министиэристибэтиттэн РФ Сэбилэниилээх күүстэригэр мобилизацияламмыт уонна хантараагынан сылдьар гражданнар эрэгийиэннээҕи тарыып төлөбүрүттэн 100% босхолоноллорун туһунан ыйаах бырайыага бэлэмнэммитин туһунан дьокутаат официальнай суругар эппиэт кэллэ. Боппуруос бүтэһиктээхтик муус устар иккис аҥаарыгар быһаарыллыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: