Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата, нолуок уонна бүддьүөт кэмитиэтин чилиэнэ Галина Данчикова Арассыыйа парламентаризмын күнүнэн эҕэрдэлээтэ.
«Саха сирин олохтоохторо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн истиҥ эҕэрдэни тутуҥ! Бу бырааһынньык Саха сирин дьылҕатыгар эппиэтинэһи сүгэр, кини сайдыытыгар уонна кининэн киэн туттар өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторун түмэр. Өрөспүүбүлүкэбит баай, дириҥ устуоруйатын туһунан санаан туран, бүгүҥҥү, сааскы муус устар 27 күнүгэр биһиги саха норуотун чулуу уолаттара, Саха автономнай өрөспүүбүлүкэтин төрүттээбит Максим Аммосовка, Платон Ойуунускайга, Исидор Бараховка, Степан Аржаковка ытыктабылбыт бэлиэтин биллэрэбит.
Күндү биир дойдулаахтарым, барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну уонна саҥа ситиһиилэри баҕарабын. Сахабыт сирэ, Арассыыйа сайдарын туһугар төрөөбүт дойдуга тапталгыт сөҕүрээбэтин!», — диэн бэйэтин социальнай ситимигэр Галина Данчикова суруйбут.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…