Галина Данчикова сөмөлүөккэ миэстэни эрдэттэн үлэһии боппуруоһун көтөҕүөҕэ
Өлүөхүмэ улууһугар байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын 220-тэн тахса дьиэ кэргэнэ олорор. Кинилэргэ туох көдьүүстээх көмө оҥоһулларын Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Галина Данчикова улууска оробуочай командировкатын кэмигэр бэрэбиэркэлээтэ.
Дьокутаакка иһитиннэрбиттэринэн, миэстэтигэр аһыллыбыт Ресурснай киин олохтоохтор сайабылыаннньаларынан оҥоһуллубут гуманитарнай көмөнү байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр биэрэр. Кинилэргэ туох тустаах көмө, чэпчэтии оҥоһулларын туһунан тиһигин быспакка иһитиннэрэллэр, сырдаталлар.
Ону таһынан байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ муниципальнай тэриллии сиригэр-уотугар дьайар дастабырыанньанан хааччыйалларыгар оройуон салалтатыгар этии киллэрдилэр. Николай Харбин баһылыктаах салалта кинилэр этиилэрин ылынна.
– Судаарыстыба баһылыга ылыммыт быһаарыыларын сокуонунан хааччыйыы Судаарыстыбаннай дума дьокутааттарыгар улахан суолталаах. Ол — биһиги байыастарбыт иннигэр улахан эппиэтинэс, — диэн Галина Данчикова бэлиэтээн эттэ.
Өссө биир кыһалҕалаах боппуруоһу дьүүллэстилэр. Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара дьиэлэригэр уоппускаҕа кэлэн баран, байыаннай чаастарыгар төннөллөрүгэр сөмөлүөккэ билиэти кыайан ылбат балаһыанньалара баар буолар.
— Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара сөмөлүөтүнэн көтөллөрүгэр миэстэни эрдэттэн үлэһии боппуруоһа федеральнай таһымҥа туруоруллубута. Онон бу боппуруос суһаллык быһаарылларын туһугар, РФ Тырааныспарка министиэристибэтин болҕомтотун өссө сытыытык тардыахпыт, — диэтэ Галина Данчикова.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: