Галина Пустовойт: «Биир ньыгыл сомоҕо буоллахпытына, биһиги туохха да кыайтарыахпыт суоҕа!»

Share

Байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр инники кирбиигэ сылдьар саллааттарбытыгар алын кылаас оҕолоро кытта өйөбүл-тирэх буолаллар. Ол туһунан Уус Маайа улууһун киин бибилэтиэкэтин Солнечнай бөһүөлэгин филиалын сэбиэдиссэйэ Галина Пустовойт санаатын үллэһиннэ:
— Байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар саллааттарбыт Саҥа дьылы чугас дьоннорун кытта бэлиэтиир кыахтара суоҕун учуоттаан, бу өттүгэр болҕомто уурар хайаан да наадалаах диэммит, биһиги бибилэтиэкэбитигэр үлэлиир «Творческая мастерская «Очумелые ручки» куруһуок бары кыттыылаахтара «Саҥа дьыллааҕы аахсыйа» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаны өйөөбүппүт. Нэдиэлэ устатыгар оҕолор бибилэтиэкэҕэ кэлэннэр куруһуок салайааччыта Н.И. Могила салалтатынан саллааттарга Саҥа дьыллааҕы аккырыыккалары оҥорон бэлэмнээбиттэрэ. Кырачаан оҕолор, ордук 3-с кылаас үөрэнээччилэрэ, маныаха олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаннар, хас биирдии аккырыыккаҕа бары дьоҕурдарын, талааннарын уураннар, кырасыабай гына оҥорорго кыһаннылар. Үгүстэр аккырыыккаларын сылаас үтүлүк, хаатыҥка быһыылаан оҥорууларын тымтар тыйыс тымныылаах Саха сириттэн эҕэрдэни, дьиэ-уот сылааһын бэлиэтиир диэн быһаараллар. Аккырыыккаҕа кырачаан дьон бэйэлэрин эҕэрдэлэрин суруйаннар, «Саллаат, эн эргиллэн кэлэргин күүтэбит. Дьиэҕэр Кыайыы кынаттаах тиийэн кэлээр!» диэн тус баҕа саналарын ыыппыттара. Биһиги ити аккырыыккаларбытын Дьокуускайга «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Уопсастыбаннай приемнайыгар саллааттарга тиксэрэллэригэр анаан ыыппыппыт.
Оҕолор барахсаттар ыыппыт аккырыыккалара инники кирбиигэ, үөрэтэр полигоннарга сылдьар, госпиталларга эмтэнэ сытар бары саллааттарбытыгар харысхал буоланнар, кинилэр Ийэ дойдуларын, норуоппут инники дьылҕатын, чиэһин туруулаһыыларыгар эбии күүһү уктуннар!
Саҥа дьыл кими барытын түмэр бырааһынньык. Күн бүгүн биһиги дойдубут дьонугар түмсүү хаһааҥҥытааҕар да олус наадалаах кэмэ турар. Ол да иһин маннык аахсыйа ыытыллан, бүттүүн бииргэ буолууга барыбытын сомоҕолоото. Биир ньыгыл сомоҕо буоллаххпытына, биһиги туохха да кыайтарыахпыт суоҕа!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

27 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

42 минуты ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

1 час ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Бары хайысхаҕа хаачыстыба уонна эппиэтинэс баар буолуохтааҕа ирдэннэ

Суруналыыстар байыаннай дьайыыттан саҕалаан Ил Дархан Тымныы Оҕонньору хас сааһыгар диэри кэтэспитин ыйыттылар. Айсен Николаев…

2 часа ago