Гавриил Чиряев 100 сыллаах үбүлүөйүгэр — хоһоон күрэһэ

Share

Бүлүү улууһун 1-кы Чочу нэһилиэгэр биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл, ССКП обкуомун бастакы сэкирэтээрэ Гавриил Иосифович Чиряев төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр саҕаланнылар.

Бу ыытыллар үлэ туһунан Чочу нэһилиэгин баһылыга Петр Догоюсов бу курдук кэпсиир:

— Биир дойдулаахпытыгар Гавриил Чиряевка аналлаах «Улахан киһи» («Человек с большой буквы») диэн аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон күрэҕин биллэрилиннэ. Күрэх тэрийээччилэрэ — «Чочу нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии дьаһалтата уонна Г.И. Чиряев түмэлэ.

Күрэххэ кыттыы ирдэбилэ:  Г.И.Чиряевка анаан айыллыбыт  хоһоон сахалыы эбэтэр нууччалыы тылынан суруллубут буолуон сөп.

Кыттааччылар:  8 — 11 кылаас үөрэнээччилэрэ, 35 сааһыгар диэри эдэр дьон,  улахан дьон.

Күрэх түмүгүнэн кыттааччыларга барыларыгар күрэххэ кыттыбытын туоһулуур сэртипикээт туттарыллар. Бөлөҕүнэн 1, 2, 3 миэстэни ылбыттарга диплом уонна өйдөбүнньүк бэлэх туттарыллар. Бастыҥ хоһооннор Г.И.Чиряев түмэлин саайтыгар тахсыахтара уонна инникитин  Г.И. Чиряевка аналлаах өрөгөй ырыаҕа тиэкис быһыытынан туттуллуохтара.

Хоһооннору б.дь. ахсынньы 24 күнүгэр диэри Кыадаҥда нэһ. Юбилейнай уул. 7, биитэр электроннай почта: pleshcovamn@mail.ru, admdzp@mail.ru тутабыт.

Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын үөрэнээччилэрин хоһоон күрэҕэр кыттарга ыҥырабыт.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

6 часов ago