Гавриил Ксенофонтов пуондатын үйэтитии үлэтэ салҕанар

Share

Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан өрөспүүбүлүкэ биллэр учуонайдарын наукаҕа нэһилиэстибэлэрин үөрэтэргэ, харыстыырга, кинилэр илиинэн суруллубут эбэтэр бэчээттэммит үлэлэрин сыыппараҕа көһөрөргө улахан болҕомто ууруллар.

Саха сиринээҕи Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар  «Гавриил Ксенофонтов: ученый, опередивший время»  диэн «төгүрүк остуол” буолла. Тэрээһин уһулуччулаах уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, саха интэллигиэнсийэтин чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ, юрист Гавриил Ксенофонтов төрөөбүтэ 135 сылыгар ананна.

“Төгүрүк остуолу” СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев иилээн-саҕалаан ыытта. Кини бэлиэтээн эппитинэн, Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыйааҕынан, 1993 сылтан Гавриил Ксенофонтов үтүө аатын төнүннэрэргэ  аналлаах элбэх тэрээһин ыытылынна.

“Төгүрүк остуол” кыттыылаахтарын Хаҥалас улууһун баһылыгын солбуйааччы Юрий Никифоров,  СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Григорьева, САССР уонна РФ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Борисов, учуонай сиэнэ  Михаил Ксенофонтов эҕэрдэлээтилэр.

Уһулуччулаах учуонай олоҕун туһунан Саха сирин норуодунай суруйааччыта Павел Харитонов-Ойуку, юридическай наука дуоктара, бэрэпиэссэр Александр Ким-Кимэн, устуоруйа наукатын дуоктара, бэрэпиэссэр Екатерина Романова, устуоруйа наукатын хандьыдаата, доцент Альбина Дьячкова, филология наукатын дуоктара  Надежда Покатилова, устуоруйа наукатын хандьыдааттара Егор Шишигин, Пантелеймон Петров уо.д.а. кэпсээтилэр.

ххх

Национальнай бибилиэтэкэ дириэктэрэ Саргылана Максимова бэлиэтээн эппитинэн, биэс сыллааҕыта Гавриил Ксенофонтов үлэрин бэчээттииргэ устуоруйа наукатын  дуоктара Екатерина Романова салайааччылаах оробуочай бөлөх тэриллибитэ. Биэс сыл устата национальнай бибилэтиэкэ учуонай тус пуондатыттан үлэлэри толору сыыппараҕа көһөрдө.

 «Гавриил Ксенофонтов пуондатын барытын салҕыы сыыппараҕа түһэрэр үлэни биһиэхэ итэҕэйбиттэрэ. Екатерина Назаровна учуонай үлэлэрин хомуурунньугун 10 туомугар улахан бырайыагы оҥорорго этии киллэрбитэ. Билигин бибилэтиэкэ тоҕус туому барытын көмпүүтэргэ бэчээттээн бэлэмнээтэ уонна быйыл библиографическай чааһын бэлэмнииргэ ылсар. Мин санаабар, үбүлээһин үчүгэйдик былааннаннаҕына, тоҕус туомун барытын үс сыл иһигэр бэчээттээн таһаарыахха сөп”, — диэн Саргылана Максимова санаатын үллэһиннэ.

Энциклопедист-учуонай, бастакы үөрэҕинэн юрист идэлээх Гавриил Ксенофонтов ориенталистика боппуруостарын үчүгэйдик быһаарсара, итэҕэл устуоруйатыгар анал куурустары толкуйдаабыта, литератураҕа чинчийэр үлэнэн дьарыктаммыта, ньиэмэс учуонайдарын философияҕа үлэлэрин тылбаастааһынан үлүһүйбүтэ, Сибиир норуоттарын фольклоругар уонна энтографияҕа  лиэксийэлэри ааҕара.

Мифология, сиэр-туом боппуруостарынан дьарыктанар хас биирдии кэриэтэ киһи Гавриил Ксенофонтов үлэлэригэр сигэнэр. Учуонай үгүс ахсааннаах сүгүрүйээччилэрин ортолоругар биллиилээх антрополог М.Элиадены, бөдөҥ религиовед С.А.Токаревы уонна археолог-учуонай А.П.Окладниковы ааттыахха сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Быйыл икки аэропорду саҥардан оҥоруохтара

2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…

5 часов ago