Гаврил Алексеев: «Халыма-Индигиир уокуругар түөрт саҥа эбийиэк тутуллуоҕа»

Гаврил Алексеев: «Халыма-Индигиир уокуругар түөрт саҥа эбийиэк тутуллуоҕа»

09.02.2024, 14:00
Хаартыска - Гаврил Алексеев тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Олунньу саҥатыгар өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн «Саха сирэ XXI  үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһын тэрээһиннэрин 2024 сылга олоххо киллэриигэ үбүлээһин аттарыллыбыта.

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников б.дь. олунньу 2 күнүнээҕи 104-р №-дээх дьаһалынан 16 улууска 24 эбийиэк олоххо киириитигэр анал үбүлээһин көрүллүбүтэ.  РФ сэнээтэрэ Сахамин Афанасьев уонна Ил Түмэн Халыма-Индигиир уокуругуттан норуот дьокутаата, «Якутскэнерго» генеральнай дириэктэрэ Гаврил Алексеев  өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын кытта былааннаахтык үлэлээбиттэрин түмүгэр уокурук үс улууһугар түөрт саҥа эбийиэк тутуллуоҕа.

Сиһилии норуот дьокутаата Гаврил Алексеев маннык иһитиннэрдэ:

Ол курдук, Абый улууһун Кэбэргэнэ нэһилиэгэр аҕыс кыбартыыралаах олорор дьиэ тутуллуутугар 63 мөл. 660 тыһ 100 солуобай көрүлүннэ. Орто Халыма куоракка эдэр исписэлиистэргэ анаан тутуллуохтаах элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ 111 мөлүйүөн 785 тыһыынча 040 солкуобай көрүлүннэ. Өймөкөөн улууһун Үчүгэй нэһилиэгэр 60 миэстэлээх орто оскуола 60 мөл. 036 тыһ 620 солк. тутуллуоҕа. Тымныы полюһа Өймөкөөн нэһилиэгэр эдэр исписэлиистэргэ 4 кыбартыыралаах олорор дьиэҕэ 69 мөл 883 тыһ. 970 солк. көрүлүннэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: