Олунньу саҥатыгар өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн «Саха сирэ XXI үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһын тэрээһиннэрин 2024 сылга олоххо киллэриигэ үбүлээһин аттарыллыбыта.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников б.дь. олунньу 2 күнүнээҕи 104-р №-дээх дьаһалынан 16 улууска 24 эбийиэк олоххо киириитигэр анал үбүлээһин көрүллүбүтэ. РФ сэнээтэрэ Сахамин Афанасьев уонна Ил Түмэн Халыма-Индигиир уокуругуттан норуот дьокутаата, «Якутскэнерго» генеральнай дириэктэрэ Гаврил Алексеев өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын кытта былааннаахтык үлэлээбиттэрин түмүгэр уокурук үс улууһугар түөрт саҥа эбийиэк тутуллуоҕа.
Сиһилии норуот дьокутаата Гаврил Алексеев маннык иһитиннэрдэ:
— Ол курдук, Абый улууһун Кэбэргэнэ нэһилиэгэр аҕыс кыбартыыралаах олорор дьиэ тутуллуутугар 63 мөл. 660 тыһ 100 солуобай көрүлүннэ. Орто Халыма куоракка эдэр исписэлиистэргэ анаан тутуллуохтаах элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ 111 мөлүйүөн 785 тыһыынча 040 солкуобай көрүлүннэ. Өймөкөөн улууһун Үчүгэй нэһилиэгэр 60 миэстэлээх орто оскуола 60 мөл. 036 тыһ 620 солк. тутуллуоҕа. Тымныы полюһа Өймөкөөн нэһилиэгэр эдэр исписэлиистэргэ 4 кыбартыыралаах олорор дьиэҕэ 69 мөл 883 тыһ. 970 солк. көрүлүннэ.
Сэтинньи 23 күнүгэр Мииринэй оройуоннааҕы полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Надежнайга баар "Вилюй" гостиница таһыгар суол…
Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа диэн УГМС иһитиннэрэр. Киин, соҕуруу,…
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…