Гаврил Алексеев: “Уот ситимэ арахсара аҕыйаата”
Элэктэриичэстибэ уотуттан, ититииттэн биһиги олохпут быһаччы тутулуктаах. Онон, Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга энэргиэтикэ биир тыын суолталаах боппуруоһунан буолар. Ахсынньы 22 күнүгэр дойду үрдүнэн Энэргиэтик күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, «Якутскэнерго» ПАУо генеральнай дириэктэрэ Гаврил Алексеевы кытта ааһан эрэр сыллааҕы үлэ хаамыытын, инники былааннар тустарынан кэпсэттибит.
Алдьаныы, кээһэнии
– Гаврил Николаевич, «Якутскэнерго» хампаанньаны салайбытыҥ номнуо балтараа сыл кэриҥэ буолла. Дьэ, бу кэм устата туох үлэ ыытылынна?
– СӨ Бырабыыталыстыбатын, муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын кытта үлэни күүһүрдэн, ыкса үлэлээтибит. Биир сыл иһигэр хампаанньа алын сүһүөх тэрилтэлэригэр, ол иһигэр 19 РЭС-кэ (оройуоннааҕы элэктэриичэскэй ситимнэргэ) барыларыгар сылдьан, миэстэтигэр үлэни-хамнаһы билистим. Сорохторугар хаста да сырыттым. Үлэ хаамыытын, эбийиэктэри барытын илэ хараххынан көрөрүҥ ордук дии саныыбын. Урукку да үлэбэр оннук гынарым.
2024 сыл саҕаланыыта ситим хаһаайыстыбаларын, ол эбэтэр РЭС-тэри ыҥыран улахан мунньах ыыппыппыт. Ол түмүгүнэн чопчу быһаарыныылары ылан, баар кыһалҕалары суох оҥорууга үлэ ыытан саҕалаабыппыт. Инньэ гынан, өрөмүөн бырагырааматын 100 % толордубут. Эбийиэктэрбитигэр аварийнай арахсыы 6 %-нан намтаата.
– Ити сылдьыбыт оройуоннаргар саамай кыһалҕалаах РЭС-тэр ханныктарый?
– Киин сиртэн ыраах сытар РЭС-тэр. Мин көрөрбүнэн, саамай ыарахан балаһыанньалаах Уус Маайатааҕы салаабыт буолар. Улуус сирэ-уота киэҥин ааһан, нэһилиэнньэлээх пууннар бэйэ-бэйэлэриттэн ыраах, ыһылла соҕус сыталлар. Уот ситимнэрэ уһун сиринэн тайаан ааһаллар, өссө сороҕо хайалар быыстарынан. Аны үлэһит илии да тиийбэт.
Ленскэй, Өлүөхүмэ, Мииринэй өттүгэр үлэһит ахсаана тиийбэтиттэн, кэккэ ыарахаттардаах буолла. Билиҥҥитэ 200-чэ үлэһит тиийбэт. Онон, бу ааттаталаабыт оройуоннарбар үлэ хаамыыта харгыстанар, өрөмүөн үлэтигэр, ситимнэри көрүүгэ-истиигэ, хааччыйыыга хаалыы да баар. Бу барыта үлэһит тиийбэтиттэн тахсар.
Энэргиэтик буолуон баҕалаах устудьуоннарга – истипиэндьийэ
– Дьиҥэр, каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ эһиги тиһиктээх үлэни ыытаргытын билэбин. Оннооҕор Үөрэтэр-производственнай киини аһан үлэлэтэҕит…
– Оннук. Былырыын Үөрэтэр-производственнай киин диэни арыйбыппыт. Бу кииммит номнуо Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ биир бастыҥынан биллэрин ааһан, дойду үрдүнэн тарбахха баттанар ахсааннаах үөрэх кыһатыгар кубулуйда.
– Оччотугар, дьон тоҕо энэргиэтикэҕэ үлэлиэн баҕарбатый?
– Тыа сиригэр дьон тиийбэт. Ыраах сытар учаастактарга үлэнэн хааччыллыы чааһыгар биһиэхэ сүрүн күрэстэһээччинэн – көмүсчүттэр, ньиэп-гаас хампаанньалара буолаллар. Биһиги кинилэр курдук элбэх хамнаһы төлүүр кыахпыт суох. Инньэ гынан, дьон кинилэргэ үлэлии барар. Биһиги хамнаспыт тарыыптан тутулуктаах. Тарыыбы СӨ Сыана судаарыстыбаннай кэмитиэтэ бигэргэтэр. Онон ол быһыллыбыт тарыыбынан муҥутуур элбэх хамнаһы төлүүр кыахпыт суох. Биһиги ол көмүсчүттэр дуу, ньиэп-гаас хампаанньаларын хамнастарын кытары тэҥнэһэр кыахпыт да суох.
Билигин каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ оскуолалары кытары үлэлээн эрэбит. 8-9 кылаастарга СПТУ-га итиэннэ 10-11 кылаастарга үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэ барыан баҕалаахтарга энэргэтиичэскэй кылаастары арыйдыбыт.
– Ханнык улуустарга?
– Мэҥэ Хаҥаласка, Уус Алдаҥҥа, Горнайга, Дьокуускайга, Мархаҕа, Хаҥаласка энэргиэтикэ салаатыгар оҕолору тардар сыаллаах 7 кылаас арылынна. Итини сэргэ орто, үрдүк үөрэх кыһаларын кытары дуогабардаһан, тус сыаллаах үөрэхтээһиҥҥэ үлэлэһэбит. Устудьуоннары кытта дуогабардаһан, үөрэхтэригэр үчүгэй оҕолорго оннооҕор истипиэндьийэ төлүүбүт. Истипиэндьийэбит ортотунан 10 тыһ. солк., 5 сыанаҕа үөрэнэр буоллаҕына – 20 тыһ. солк. Билигин маннык истипиэндьийэни уонча оҕо ылар. Өссө да элбиэхтэрэ дии саныыбын. Маны таһынан, быраактыка барар сирдэригэр айаннарын ороскуотун төлүүбүт, өссө хамнастыыбыт.
Уопсайынан, биһиги салааҕа каадыр боппуруоһа олус сытыытык турар. Бу биир-икки сылынан быһаарыллыбат дьыала.
Былаан уопсай кээмэйэ – 73 эбийиэк
– 2024 сылга «РусГидро» хампаанньа Саха сиригэр 10 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа саҥа энергокомплекстары үлэҕэ киллэрии туһунан былааннаабыта. Бүгүҥҥү туругунан бу былаантан туох ситиһилиннэ?
– “Сахаэнерго” АУо салаатынан 10 эбийиэк үлэҕэ киллэрилиннэ. “РусГидро” хампаанньа өрөспүүбүлүкэни кытары анал сөбүлэһиилээх. Онно 73 эбийиэк киирбититтэн, күн бүгүн Үөһээ Дьааҥыга, Томпоҕо, Муомаҕа, Өлүөхүмэҕэ, Өймөкөөн улуустарыгар 12 эбийиэк номнуо үлэлии турар. Билигин өссө 61 энерго-эбийиэк хаалан турар эрээри, кэккэ ыарахаттар бааллар. Бу эбийиэктэр бары инвестор суотугар тутуллуохтаахтар. Инвестор бу маны тутарыгар үгүс өттүгэр баантан кирэдьиит ылар. Аны ключевой ставка бырыһыана олус үрдээтэ, инньэ гынан, билигин сорох эбийиэктэр тутуулара биллибэт болдьоххо тохтоото. Билиҥҥи быһыыны-майгыны учуоттаан, биһиги инвестордарбытын ыксаппаппыт.
Бу күһүн, балаҕан ыйын 4 күнүгэр, Владивосток куоракка ыытыллыбыт Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум былаһааккатыттан телемост нөҥүө Томпо улууһун Тополинайыгар, Өлүөхүмэ Урицкайыгар, Дабааныгар, Саҥыйахтааҕар үөрүүлээх быһыыга-майгыга уопсайа 3,7 МВт АГЭК-тары үлэҕэ киллэрбиппит.
“РусГидро” хампаанньа үбүлүөйүгэр сөп түбэһиннэрэн, ахсынньы 5 күнүгэр, Өймөкөөн улууһун Өймөкөөн бөһүөлэгэр 990 кВт уонна Орто Балаҕаҥҥа 590 кВт ыстаансыйалары киллэрбиппит.
Тастан кэлиини олохтоох солбуйар
– Гаврил Николаевич, энэргиэтикэ салаатыгар арҕаа дойдулар сааҥсыйалара туох харгыстары үөскэттэ? Сыыйа олохтоох оборудованиеҕа көһөн эрдэххит буолуо.
– Биһиги анал бырагыраамалаахпыт. Сүрүн улахан дьайыы Дьокуускайдааҕы иккис нүөмэрдээх ГРЭС-питигэр буолан, саппаас чааһын ылыыга, тиэхиньиичэскэй хааччыйыы өттүгэр ыарахаттары көрүстүбүт. Манна General Electric диэн американскай турбиналар тураллар. Турбиналар сорох чаастара номнуо ресурсалара тахсан, хапытаалынай өрөмүөнү эрэйэллэр. Урукку өттүгэр анал тэрилтэ оҥорор эбит буоллаҕына, билигин кинилэргэ сааҥсыйа буолан, кыайан өрөмүөннээбэттэр итиэннэ саппаас чааһын аҕалбаттар. ГРЭС – Саха сирин киинигэр уонна илин эҥээр улуустарга анаан эниэргийэни оҥорон таһаарар сүрүн эбийиэкпит. Онон нэһилиэнньэни уотунан тиһигин быспакка хааччыйар инниттэн, дьон-сэргэ кыһыны этэҥҥэ туоруурун туһугар атын быһаарыылары көрдүүбүт. “РусГидро” хампаанньаны кытары сүбэлэһэн, эһиил ГРЭС-2 территориятыгар 25-тии МВт икки ыстаансыйаны туруоруохтаахпыт. Ол барыта үбэ-харчыта быһаарыллыбыта. Билигин номнуо оборудованиета Дьокуускайга аҕалыллан турар. Эһиил халлаан сылыйдаҕына, таҥар-тутар үлэлэрэ ыытыллан, 2025 сыл бүтүүтэ үлэҕэ киллэриллиэхтээх. Бу ыстаансыйалар эбии кыамтаны (мощность) биэрэллэр. Өскөтүн американскай турбиналар алдьанар-кээһэнэр түгэннэригэр, бу икки саҥа ыстаансыйа көмөҕө кэлиэ.
– Мантан атын энергокомплекстарга бала-
һыанньа хайдаҕый?
– Улахан оҕустарыы суох. Биирдиилээн оборудованиеларга бааллар, олору Арассыыйаҕа оҥоһуллубут тэриллэргэ уларытабыт.
11 ыйга – 6062 эбийиэк
– Ааһан эрэр сылга Саха сиригэр электро-ситимнэргэ төһө саҥа туһанааччы холбонно? Дьиэ-уот тутуллуута элбэх буолан, арааһа, сыллата элбээн истэҕэ.
– Быйыл уопсайа 100,5 МВт 6062 эбийиэк холбонно. Бу 11 ыйдааҕы көрдөрүү. Ол иһигэр 15 оскуола, 11 доруобуйа харыстабылын, 27 култуурунай-спортивнай эбийиэк, элбэх кыбартыыралаах 51 олорор дьиэ итиэннэ маҕаһыыннар, гараастар уонна да атын тутуулар.
Сайаапка элбэх. Кэтэх дьиэни, социальнай эбийиэктэри тутуу элбэх. Бу өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ сайдан иһэрин туоһулуур. Уоту туһаныы Саха сиригэр улаата турар.
Атомнай ыстаансыйа тула…
– Уус Куйгаҕа тутуллар дьоҕус атомнай ыстаансыйа Саха сирин Арктика зонатын сайыннарыыга биир тутаах бырайыагынан буолуохтааҕын үгүстүк этэллэр. Бу ыстаансыйа Арктика улуустарын эниэргийэнэн хааччыйыыга төһө туһалаах буолуой?
– “РусГидро” хампаанньа бэрэстэбиитэллэрин уонна салалтатын кытта Уус Куйгаҕа анаан-минээн бара сылдьыбыппыт. “Росатом” корпорация 55 МВт, инникитин өссө 110 МВт буолуохтаах биир-икки реактордаах атомнай ыстаансыйаны тута сылдьар. Бара сылдьар кэммитигэр номнуо тутааччылар олорор бөһүөлэктэрэ бэлэм этэ. 400-500-кэ киһи баар диэбиттэрэ. Биһиги кинилэр тутар былаһааккаларын уокка холбуубут. Онон эбэһээтэлистибэбитин барытын оҥоро олоробут. Бастакы түһүмэҕи холбоотубут, эһиил саас иккиһи холбуубут. Бу үлэнэн “Сахаэнерго” – алын сүһүөх хампаанньабыт дьарыктанар. Ыстаансыйа икки блога 2031 сылга бүтэрэ былааннанар. Сиһилии “Росатом” корпорацияттан ыйытыахха наада.
Сөргүтүллэр энэргиэтикэ
– Арктика улуустарыгар күн уотунан итиэннэ Булуҥҥа тыал күүһүнэн үлэлиир ыстаансыйалар үлэлии тураллар. Олор экэнэмиичэскэй өттүнэн төһө көдьүүстээхтэрий?
– Көдьүүстээхтэр диэн этиэм этэ. Дизельнэй уматыгы туһаныыга улахан кэмчилээһин тахсар. 2023 сылга биһиги 1802 туонна дизельнэй уматыгы кэмчилээбиппит. Билигин дизельнэй уматык сыаната олус үрдүк. Уматыгы кирэдьиит ылабыт, аны онтубут бырыһыана эмиэ улахан.
“Сахаэнерго” хампаанньа 2011 сылтан сөргүтүллэр энэргиэтикэнэн күүскэ ылсан үлэлэһэр. Өрөспүүбүлүкэ хоту, соҕуруу өттүгэр күн уотунан үлэлиир ыстаансыйалары туруортаан, көдьүүстээҕин быһаарда. Ол гынан баран, 100% күн уотунан үлэлиир ыстаансыйаҕа көһөр табыллыбат. Саха сиригэр сылы эргиччи күн уота тыкпат.
Билиҥҥитэ 12 АГЭК (автоматизированнай гибриднай энергокомплекс), 21 СЭС (күн уотунан үлэлиир электростанция) баар.
Билигин ааҕан-суоттаан көрөөһүммүтүнэн, бу ыстаансыйалары көдьүүстээхтик туһаннахха, 30-35% кэмчилээһин биэриэн сөп.
Тыалы туһаныы туһунан этэр буоллахха, бу ньыма биһиги тыйыс усулуобуйабытыгар сөбө суох. Кыһынын тыалбыт наһаа күүстээх, температурабыт наһаа намыһах. Онон, ыстаансыйа тэриллэрэ тымныыга эбии көрүүнү эрэйэллэр, ону аахтахха, туһата кыра буолар.
2025 сыллааҕы былааннар
– Кэлэр сылга ханнык улахан бырайыактары үлэҕэ киллэрэр былааннааххыт?
– Сунтаарга үһүс трансформаторы туруорар былааннаахпыт. Билиҥҥи узловой ыстаансыйа Өлүөхүмэ, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Бүлүү, Кэбээйи улуустарын уотунан хааччыйар. Ити улуустар бары уотунан ититиигэ холбонон олороллор, онон ноҕурууска аһара улахан. Инньэ гынан, икки трансформатор кыаҕы таһынан үлэлии турар.
Үһүс трансформаторы бу сайын Сунтаарга илдьибиппит. Куонкурус ыытан акылаатын оҥорторо сылдьабыт. Эһиил үһүс кыбаарталга үлэҕэ киллэриэхтээхпит.
Ньурбаҕа икки трансформаторы уларытан кыамталарын күүһүрдүөхтээхпит. Аммаҕа, Сулҕаччыга эмиэ маннык хабааннаах үлэ ыытыллыахтаах. Бүлүүтээҕи ГЭС-кэ бастакы гидрогенератор өрөмүөнүн түмүктүөхтээхпит.
Киин куоракка ГРЭС-тэн 50 лет Октября автострадаҕа диэри 500 мм диаметрдаах ититии турбаларын 700-хэ уларыта сылдьабыт. Саҥардан оҥоруу үһүс түһүмэҕин 2025 сыл үһүс кыбаарталыгар бүтэрэр былааннаахпыт. Саҥардыы, уларытыы үлэтэ баран, ититиигэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер, спортивнай эбийиэктэр, элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр холбоммуттара.
Билигин ититии ситимин автостраданы туоратан оҥорууга Дьокуускай куорат дьаһалтатын кытары кэпсэтэ сылдьабыт, кинилэр сир аннынан уурдарыахтарын баҕараллар. Биһиги үөһэнэн ыытаары гынабыт. Үөһээнэн турбаны ыыттахпытына, сыаната чэпчэкитин таһынан, көрүү-харайыы үлэтигэр харгыстар суох буолуохтара.
Байыаннай дьайыыга көмө
– Гаврил Николаевич, түмүккэ байыаннай дьайыыга хампаанньа көмөтүн туһунан кэпсэтиэххэ. Ааспыт ыйга хампаанньа үлэһиттэрэ гуманитарнай көмө илдьибиттэрин истибитим.
– Оннук. “Якутскэнерго” үлэһиттэрин гуманитарнай сыаллаах бу бэһис командировкалара буолар. Биһиги байыастарбыт этэҥҥэ байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьаллар. Сылга хаста даҕаны бытовой тэрили, таҥаһы-сабы, генератордары, тиэхиньикэни ыытабыт. Үлэбитигэр сылга иккитэ туох наадатын көрөн хомуйабыт. Бу саас харчынан 7,5 мөл. хомуйбуппут. Маны таһынан, уонча массыынаны тириэрдэн биэрдибит.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр өрүү көмөлөһөбүт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: