Салгыы
Гаврил Горохов: “Аһы-үөлү тиэйиигэ эбии сөмөлүөт көтөрө буоллар”

Гаврил Горохов: “Аһы-үөлү тиэйиигэ эбии сөмөлүөт көтөрө буоллар”

27.09.2022, 14:13
Бөлөххө киир:

Быйыл оттооһуҥҥа кэккэ улуустар күчүмэҕэйдэри көрүстүлэр. Олортон биирдэстэринэн Эбээн Бытантай улууһа буолар. Улуус 1300 туонна оттуур былааннааҕыттан  аҥаарын эрэ чөкөттө.

Маныаха туох харгыстаабытын туһунан улуус баһылыга Гаврил Горохов маннык иһитиннэрдэ:

— Быйыл Эбээн Бытантайга наһаа уулаах дьыл буолла. Төһө эмэ турунан оттуу сатаабыппыт үрдүнэн дьоммут-сэргэбит, хаһаайыстыбаларбыт оттообут отторун уу илдьэ барда. Олох көрдөрбүтүнэн былдьаттыбыт диэххэ сөп. Онон үөскээбит балаһыанньанан сибээстээн СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта ыкса үлэлэһэ, атын хаһаайыстыбалары кытта кэпсэтэ сылдьабыт. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ көмө оҥоруом диэтэ. Ол курдук, сүөһү сиир эбии аһылыгын – эбиэһи, уотурбаны, гранулированнай оту ыксаллаах балаһыанньаҕа түбэспит улуус буоларбытынан хааччыйыаҕа.  Онон эрэнэбит.

Аны өссө биир кыһалҕабыт – таһаҕас кэлиитэ. Былырыын аһы-үөлү, дьон таһаҕаһын тиэйэр операторбыт  бэркэ үлэлээбитэ. Быйыл сөмөлүөт сырыыта аччаата. Холобура, былырыын “Ираэро” курдук хампаанньа эбии көтөн абыраабыта. Быйыл бородууктаны “Полярные авиалинии” чэппиэр аайы сөмөлүөт аҥаарынан тиэйэр.   Онон оҕуруот аһыгар, фруктаҕа, атын аска-үөлгэ быйыл күһүн ыгылынныбыт. Итинэн сибээстээн, “Ираэро” да буоллун, атын сөмөлүөттэри эбии бу үлэҕэ кытыннарар ордук буолуо этэ.

Эбээн Бытантай улууһун хочуолунайдара кыстыкка этэҥҥэ киирдилэр. Билиҥҥитэ этэҥҥэ диэн сыаналыыбын.

Хаартыска: архыыптан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: