Гаврил Кириллин: «Үлэнэн дьоллонор Дьокуускайбытынан киэн туттабыт!»

Гаврил Кириллин: «Үлэнэн дьоллонор Дьокуускайбытынан киэн туттабыт!»

Ааптар:
17.11.2022, 20:00
Бөлөххө киир:

“Улуу Кыайыыга сыаналаммат сүҥкэн кылаатын киллэрбит киин куораппытынан, албан ааттаах устуоруйабытынан киэн туттабыт”, — диэн туран, СӨ тас сибээстэргэ уонна норуоттар дьыалаларыгар минииистирэ Гаврил Витальевич Кириллин Дьокуускай куорат «Килбиэннээх үлэ куоратын» бочуоттаах аатын ылбытынан бу курдук кэпсиир:
—  Ааспыт сыллаахха Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьаһалынан көмүстээх Алдан «Килбиэннээх үлэ куоратын» бочуоттаах аатын ылар чиэстэммитэ. Быйыл Саха АССР төрүттэммитэ 100, Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 390 сылларыгар итиэннэ Дьокуускай куорат бэйэтин бэлиэ сылыгар «Килбиэннээх үлэ куоратын» бочуоттаах аатын сүктэ. Бу биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр улахан историческай суолталаах түгэнинэн буолла.
Түөрт үйэ тухары биһиги дойду түһүүлээх, тахсыылаах, улуу кыайыылардаах уонна иэдээннээх кэмнэрин бииргэ туораһаммыт, күн бүгүн албан ааттаах ааспыт кэммитинэн киэн туттабыт, тапталлаах Аҕа дойдубут сирэ-уота чөл туруктаах, норуота биир сомоҕо буолуутугар кыһаллабыт, сырдык кэскилин тутуһабыт. Дьокуускай уонна Алдан, биһиги киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин кыра да, улахан да куораттарын, бөһүөлэктэрин, нэһилиэктэрин хорсун-хоодуот дьонноро устуоруйа хаамыытын устатын тухары дойду бүттүүнүн кытта урут да, билигин да баар ыарахан да кэмнэргэ нацизмы утары охсуһан, Арассыыйа кимтэн да тутулуга суох буолуутун көмүскэспиттэрэ, көмүскүүллэр уонна көмүскэһэ да туруохтара. Саха сирин үлэһит кэлэктииптэрэ Арассыыйа сайдыытыгар, уопсай кыайыыбыт, ил-эйэ, кырдьыктаах дьыала туһугар кырата суох кылааттарын киллэрбиттэрэ, киллэрэ да тураллар. Биһиги бары бииргэбит, биир сомоҕо буолуубутунан хайаан да кыайыахпыт! Украинаҕа бандеровскай неонацизмы иитиэхтээн таһаарбыт, дойдубутун уон аҥы араартаан, аан дойду каартатыттан суох оҥорорго дьулуһар, сымыйаны өрө тутар арҕаа дойдулар маны биллиннэр.
Үлэнэн дьоллонор Дьокуускайбытынан киэн туттабыт! Сахабыт сирэ, Арассыыйа чэчирии сайдыыларыгар уруй буоллун!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: