Хаартыска: «Олох суола» хаһыат
Бу күннэргэ Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ Төрүт Сокуонугар уларытыылары киллэриигэ араас таһымҥа киэҥник дьүүллэһии бара турар.
Бүлүү улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Корякин Төрүт Сокуоҥҥа бэйэни салайыныыга сыһыаннаах уларытыылары киллэрии түмүгэр баһылыктар, дьокутааттар куорпустарын эппиэтинэстэрэ өссө үрдүөҕүн, хонтуруол күүһүрүөҕүн, салайар каадырдары кытта үлэ тупсуоҕун бэлиэтээтэ. Бу туһунан «Олох суола» хаһыат суруйар.
Ил Дархан Айсен Николаев эппитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох бэйэни салайыныы икки таһыма хаалыахтаах. Кини бырайыагын кытта сөпсөһөбүн – бүгүҥҥү күҥҥэ икки таһым хаалыахтаах. Олохтоох бэйэни салайыныыга саҥа сокуон бырайыагынан дьокутааттар куорпустарын боломуочуйата күүһүрэн биэрэрэ, үлэтэ-хамнаһа, итини сэргэ, уопсастыбыннай хамсааһыннар үлэлэрэ тупсара көстөр. 33-ФЗ №-дээх федеральнай сокуон урукку курдук нэһилиэк, оройуон боломуочуйалара диэн араарбат. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр икки таһымнаах бэйэни салайыныы хааларынан, боломучуйалары аттаран туруорууну болҕомтоҕо ылыахха. Бу сокуон мөлтөх өрүтүнэн боломуочуйалары толорууга үбүлээһинэ суоҕар сытара. Саҥа сокуонтан боломуочуйалары толорууга төһө үп-харчы көрүллэрин, бэриллэрин күүтэбит, ол эбэтэр сүрүн боппуруос боломуочуйа көрүллүүтүгэр уонна үбүлээһинигэр сытар. Ити икки өрүт кыаллар түгэнигэр, бэйэни салайыныыга сыал-сорук туолуо диэн көрөбүн.
Төрүт Сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии түмүгэр баһылыктар, дьокутааттар куорпустарын эппиэтинэстэрэ өссө үрдүөҕэ, хонтуруол күүһүрүөҕэ уонна хаадырдары аттаран туруоруу тупсуо.
Николай Куприянов.
Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…
Бүгүн кэпсэтэр байыаһым Аҕа дойду көмүскэлин ытык иэһинэн ааҕар Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх “Боха” диэн позывнойдаах…
Байанай – баай хара тыа иччитэ, ойуур, көтөр-сүүрэр таҥарата. Кинини былыргы сахалар олус үөрүнньэҥ, кэһии…
Сылбыт элэҥнээн ааһа охсон, номнуо бүтэһик ый – ахсынньы үүннэ. Саҥа сылга диэри ыйы кыайбат…
Аатырбыт-сураҕырбыт, норуот тапталын ылбыт “Туймаада” судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл дириэктэрэ, уус-уран салайааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ …
Бүгүн, ахсынньы 7 күнүгэр, "Россия 24" телеханаалга 19.00 ч . ГТРК «Саха» бырайыагын — "Вместе…