Гаврил Спиридонов: «Сүрдээҕин үөрдүм, долгуйдум»

Гаврил Спиридонов: «Сүрдээҕин үөрдүм, долгуйдум»

25.11.2024, 14:45
Хаартыска: А.Васильева түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Олоҥхо күнүгэр Ил Дархан истипиэндьийэлэрин олоҥхоһуттарга, оһуохайдьыттарга, уустарга, норуот маастардарыгар туттарыы сиэрэ-туома буолла. Истипиэндьийэни ылбыттар санааларын үллэстэллэр.

Хаартыска: А.Васильева түһэриитэ.

Гаврил Спиридонов, олоҥхоһут, Мэҥэ Хаҥалас:

— Бүгүн сүрдээҕин үөрэн-долгуйан турабын. Үйэбэр үктэммэтэх мааны дьиэбэр киирэммин, дьону-сэргэни кытта тэҥҥэ үлүскэн үөрүүнү үллэстэ турабын. Онон Ил Дархаҥҥа махталбын тиэрдэбин. Саха норуотун култуурунай, духуобунай баайын харыстаан, дьонун-сэргэтин өйүүрүгэр махтанан, киниэхэ бары үтүөнү баҕарыам этэ.

Биэнсийэҕэ тахсан баран, дьиэ көрөр, сиэн көрөр дьарыктаахпын, куоракка киирэн кыстыыбын. Маны тэҥэ, Олоҥхо ыһыаҕар тоҕус сыл кытынным, тоҕус улууска сырыттым. Эһиил Нерюнгригэ тиийбит киһи диэн баҕалаахпын. Саха буоларбыт быһыытынан, саха тыла, култуурата сүппэтин диэн уонна оһуохайы этэр дьон бааллар диэн кыттыһан сылдьабын. Саха буоларбынан сүрдээҕин киэн туттабын. Биир эмит эдэр киһини уһуйбут киһи диэн баҕа санаалаахпын.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: