Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха туһаайан этиитигэр Арассыыйа култуурунай нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстааһыҥҥа уһун болдьохтоох бырагырааматын оҥоһулларын туһунан иһитиннэрбитэ.
— Бу Саха сиригэр устуоруйа уонна култуура пааматынньыктарын чөлүгэр түһэрэр былааны олоххо киллэрии тэтимин күһүүрдэллэригэр сорук туруорар. Өрөспүүбүлүкэ бу бырагыраамаҕа кыттыаҕа, – диэн Култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстааһыҥҥа Департаменын салайааччы э.т. Гаврил Терентьев иһитиннэрдэ.
— Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Анал этиитигэр дойду култуурунай нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстааһын уһун болдьохтоох бырагырааматын олоххо киллэрии туһунан этиитин үөрэ иһиттим. Күн бүгүнүгэр диэри ити хайысхаҕа биир кэлим бырагыраама суох этэ. Биһиги итиннэ хайаан да кыттыахпыт. Саха сиригэр Айсен Николаев «Пааматынньыктары оннунан хаалларыы» диэн бырайыагы көҕүлээбитэ. Таатта улууһун Чөркөөҕөр эрэгийиэннээҕи суолталаах култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэгэ чөлүгэр түһэриллибитэ. Ол иннинэ Саха сиригэр 13 сыл устатыгар устуоруйа уонна култуура суолталаах биир да пааматынньык чөлүгэр түһэриллибэтэҕэ. Көҕүлээһини Саха сирин олохтоохторо бары өйөөбүттэрэ. 2019 сылтан бэйэлэрин үптэринэн-харчыларынан араас оройуоннарынан устуоруйа уонна култуура нэһилиэстибэтин барыта 45 пааматынньыга чөлүгэр түһэриллибитэ. Бырайыагы олоххо киллэрии салҕанар, — диэтэ Гаврил Терентьев.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс- сулууспата
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…