Гаврил Торотоев: “Ийэ тылын баһылаабыт киһи өлөн-охтон биэрбэт”

Share

Күн бүгүн ийэ тылбыт сыыйа кэхтэн эрэрин бэлиэтиир дьон элбээтэ, оннооҕор тыа сиригэр оҕолорбут төрүөхтэриттэн нууччалыы чобугураһаллар. Тугу гынабыт? Хайдах дьаһанабыт? Тыл үөрэҕин билимин хандьыдаата, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун дириэктэрэ Гаврил Торотоев тустаах тиэмэ тула санаатын үллэстэр.

Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын, култуураларын үөрэтэр кыһа

– Эн салайар институтуҥ уруккута саха тылын уонна култууратын бакылтыата этэ. Институт аатын-суолун, хайысхаларын туһунан кэпсиириҥ буоллар.

– 2010 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай үнүбэрситиэтэ Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт буолбута. Ол уларыйыы түмүгэр саха тылын уонна култууратын бакылтыата үнүстүүт таһымыгар тахсыбыта. Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын, култуураларын үөрэтэр кыһаҕа кубулуйбута. Аатыттан да көстөрүн курдук, биһиги сыалбыт-сорукпут кэҥээн биэрдэ. Урут, чуолаан, саха тылын уонна култууратын үөрэтэр эбит буоллахпытына, билигин бүтүн дойду хотугулуу-илиҥҥи өттүн барытын көрөбүт уонна онно баар тыллары, култууралары сайыннарарга үлэлэһэбит, анал идэлээхтэри бэлэмнээн таһаарабыт. 2010 сыллаахха биһиэхэ хотугу тыллар салаалара холбоһон биэрбитэ. Онон эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, чукча, дулгаан тылларын эмиэ үөрэтэбит.

Ону таһынан, үнүстүүт буолуубут биһиэхэ элбэх кыаҕы биэрдэ. Кэҥээтибит, туур айан (туризм) уонна сиэрбис хаапыдырата тэриллибитэ, манна анал идэлээхтэри бэлэмниибит. Эн үөрэммит саха тылын салаата хас даҕаны тэрилтэҕэ тирэх – ийэ киин буолла. Ол курдук, биһигиттэн Уйулҕа үнүстүүтэ сайдан салааланан тахсыбыта, Өксөкүлээх үнүстүүтэ уонна Олоҥхо үнүстүүттэрэ үөскээбиттэрэ. Итиннэ биһиги бэлэмнээн таһаарбыт дьоммут уонна уһуйааччыларбыт үлэлииллэр.

– Урут саха тылын, култууратын салаалара диэн арахсаллара. Билигин хас салаа үлэлиир?

– Тоҕус сүрүн хайысхалаахпыт. Ол иһигэр эн этэр сахаҥ салаата баар. Ону таһынан, ыччаты кытта үлэ, туур айан, сиэрбис, хотугу тыллар, култуура үөрэҕэ, педагогическай үөрэхтээһин о.д.а. хайысхалар.

– Атын эрэгийиэннэртэн, дойду илин өттүттэн төһө элбэх оҕо кэлэн үөрэнэр?

– Биирдиилээн оҕолор кэлэн үөрэхтэрин бүтэрэн бардылар. Чукоткаҕа, Хабаровскай кыраайга исписэлиистэри бэлэмнээтибит. Онтон да атын эрэгийиэннэртэн кэлэн үөрэнэ сылдьаллар. Ити курдук, кыралаан да буоллар, өрөспүүбүлүкэ таһыгар идэлээхтэри бэлэмнииргэ көмөлөһөн эрэбит. Тылы харыстыырга, сайыннарарга дойду хотугулуу-илин өттүгэр биллэр-көстөр үөрэх-билим киинэ буолабыт. Магадаҥҥа, Хабаровскай кыраайга, Чукоткаҕа баар аҕыйах ахсааннаах омуктарга көмө-тирэх буолабыт, бииргэ тэрээһиннэри ыытабыт. Көстөрүн курдук, үлэбит үксээн иһэр.

Тыл уонна көмпүүтэр

– Кэлиҥҥи кэмҥэ бэйэҥ билимҥэ тугунан дьарыктанаҕын, сэҥээрэҕин?

– Урут сүрүн интэриэһим туттулук истилиистикэ этэ. Саха тылыгар биэс истиил баар. Тылбыт-өспүт онно хайдах туттулларын кэтээн көрөрүм, бу тиэмэҕэ хандьыдаат үлэтин көмүскээбитим. Саха тылын үөрэтэр учуонайдар бэрт аҕыйахпыт. Кэлин чинчиллибэккэ, букатын тыытыллыбакка хаардыын турар хайысхалар бааллар. Ол иһин кыһалҕаттан нууччалыы-сахалыы тылбааска ылсабын, литэрэтиирэ кириитикэтигэр киирэн ылабын, кэлин көмпүүтэр лиҥкибиистикэтигэр холонон эрэбин, кыралаан түүр тылларын тэҥнээн чинчийэбин, тылбыт төрдүн-төбөтүн быһаарарга холонон көрөбүн.

– Көмпүүтэр лингвистиката диэн тугуй?

–  Бу, букатын саҥа хайысха тахсан эрэр. Судургутук икки үөрэх холбоспут хайысхата диэххэ сөп – информатика уонна тыл үөрэҕэ. Сыыппара өттүгэр уонна тыл үөрэҕэр иккиэннэригэр билиини эрэйэр. Оннук идэлээх дьон быстар аҕыйах. Массыынаны тылы өйдүүргэ, ырытарга, чинчийэргэ, туһанарга үөрэтэбит. Ити хайысхаҕа, дьиҥэр, биллибэтинэн-көстүбэтинэн уонтан тахса сыл үлэлээтим. Татарстаҥҥа хаста да сылдьыбытым, кинилэртэн идиэйэ ыларым. Кинилэргэ тыл улахан куорпуһа баар, саха тылыгар эмиэ оннук куорпус баар буолуохтаах диэн толкуйдуурум. Бу баай матырыйааллаах уонна көмпүүтэр бырагыраамата үлэлииригэр сөптөөх аһаҕас тиһик буолуохтаах. Ол иһин 2014 сылтан сыһыарыылар наардалларын (база данных) оҥорон саҕалаабытым. Холобур, тылы уларытар сыһыарыылары, саха, ааҥыл, нуучча тылларыгар баар халыыптар хайдах бэлиэтэнэллэрин уонна суолталарын чопчулаатым. Көмпүүтэр мэйиитэ болдьох бэлиэлэри өйдүүр. Онон хас биирдии сыһыарыыга болдьох бэлиэлэри анаан толкуйдаатым, сорохторо эрдэттэн бааллара, атын омуктар тутта сылдьалларын тэҥнии тутан туһанным. Сахабыт тыла олус баай. Биһиги тылбытыгар атын омукка суох араас халыып баар. Онон улахан чопчулуур үлэ барда.

– Бука, хас даҕаны сыл устата барар үлэ буолуо. Түмүгэр, массыына сахалыы өйдүүр кыаҕын тэрийиллиэхтээх дуо?

– Яндекс иһинэн нууччалыы саҥаҕа хоруйдуур өйдөөх бырагыраамалаахтар. Саха тылыгар эмиэ ити курдук массыына, тылбаасчыт баар буолуохтаах, саҥарбыппытын көмпүүтэргэ тиэкис быһыытынан түһэрэн биэриэхтээх… Ону таһынан, куйаар ситимигэр холбоммокко үлэлиир анал тылбаастыыр бырагыраамалар оҥоһуллуохтаахтар. Ити барыта инникитин олоххо киирэр кыахтаах. Атын улахан омуктар куорпуска олоҕураллар. Куйаар ситимигэр миллиард тыл туттуллубутун хомуйдахтарына, массыына бэйэтэ сөптөөх тыллары, этиилэри бырагыраамаҕа туох сорудаҕы биэрбиппитинэн талан ылан үлэлээн барыахтаах. Биһиэхэ, саха тылыгар, билиҥҥитэ куорпуспут суох, быйылгыттан дьэ оҥорон эрэбит. Манна Гуманитарнай чинчийии үнүстүүтүн уонна Национальнай бибилэтиэкэни кытта бииргэ үлэлиибит.

Оҕону ийэ тылынан иитии

– Сорох төрөппүт оҕону ийэ тылынан иитии туох үчүгэйдээҕин соччо-бачча өйдөөбөт диэн этэллэр. Арассыыйаҕа олорорбут быһыытынан, оҕобут нууччалыы билэрэ табыгастаах диэн уһуйааҥҥа нууччалыы тыллаах бөлөххө биэрэллэр. Оҕолоро көрдөрбүтүнэн “нууччатыйан” барар. Учуонай киһи быһыытынан сахалыы иитии көдьүүһүн быһааран биэрэриҥ буоллар.

– Төрөппүт, бастакытынан, ийэ тыл – киһини киһи оҥорор сүдү күүс диэн өйдүөхтээх. Ити күүһү баһылаабыт киһи ханна даҕаны сырыттар өлөн-охтон биэрбэт.

Иккиһинэн, ийэ тыл – бигэ тирэх. Оҕо мин диэн өйдөбүлэ тылы кытта олоҕурар. Ол аата, омук быһыытынан бэйэтин билиниитэ (самоидентификация, национальная идентичность) тылы кытта олоҕуруохтаах. Тоҕо диэтэххэ, тыл өйү кытта быһаччы ситимнээх. Ханнык тылынан саҥарар, ол тылынан толкуйдаан барар. Билигин ханнык омук буолалларын (саха дуу, нуучча дуу) билбэт оҕолор бааллар. Нууччалыы тыллаахтарын быһыытынан, саха оҕолоро бэйэлэрин нууччаларбыт дэнэ сананаллар. Кинилэр нуучча буолбатахтарын Арассыыйа улахан куораттарыгар тиийдэхтэринэ эрэ билиэхтэрэ. Киһи атын дойдуга бардаҕына саха омук сорҕото, кини кэннигэр омугун күлүгэ сылдьарын бигэтик өйдүүр. Төрөөбүт тыла куруук өйөбүл, бигэ тирэх буолар.

Үсүһүнэн, ийэ тыл биллибэтинэн-көстүбэтинэн эмтиир аналлаах. Ийэ тылын ис-иһиттэн билэр киһиэхэ Үрдүкү Күүстэр уонна Өлбүт Өбүгэлэрэ көмөлөһөллөр. Баҕар, сорохтор атын эйгэҕэ халыйда диэхтэрэ эрээри, ити баар чахчы. Ол аата киһи уйулҕата бөҕөргүүр, санаата сааһыланар, доруобуйата көнөр.

Төрдүһүнэн, ийэ тыл – сайдыы аартыга. Ону туохха көрөбүтүй? Оҕо кыаҕа муҥура суох. Өскөтүн төрөппүт оҕотун нууччалыы үөрэттэҕинэ, бу оҕо кыаҕын хайа охсубут аҥаарын суох гынан кэбиһэр. Бу оҕоттон, баҕар, улахан учуонай, биллэр-көстөр суруналыыс, суруйааччы, артыыс, бэлиитик тахсыан сөп этэ. Ону нууччалыы иитэн аралдьытан, өбүгэтиттэн кэлбит күүһүн быһан кэбиһэллэр. Ол түмүгэр оҕо айылҕата анаабыт кыаҕын толору туһаммат.

– Оҕобун нууччалыы үөрэппэтэхпинэ эрэйдэниэ, санаатын нууччалыы кыайан этиэ, дьыалатын быһаарсыа суоҕа дииллэр.

– Кырдьык, 1950-1960-с сылларга ити курдук кыһалҕа баара. Тыа дьоно сахалыы эрэ саҥарар уонна киэҥ сиргэ бардаҕына нууччалыы ситэ-хото быһаарсыбат этэ. Ол дириҥник иҥэн, оҕобун үөрэхтээх оҥоруохтаахпын, ону ситиһэргэ нууччалыы тылланара ордук эбит дии саныыр эдэр ыаллар бааллар. Хомойуох иһин, сорох дьоҥҥо ити курдук өйдөбүл олохсуйан хаалбыт. Тыа сириттэн Дьокуускайга көһөн кэлбит дьон, үксүгэр көрдөххө, оҕолорун нууччалыы саҥарда сатыыллар. Ити баар чахчы. Куорат оҕото ханна да барбат, син биир нууччалыы билиэҕэ диэн санаанан салайтарыахтаах. Тоҕо диэтэххэ, Дьокуускайга эйгэбит сүнньүнэн нууччалыы. Ол иһин ордук нууччалыы тыллаах нэһилиэнньэлээх улуус киинигэр оҕо сахалыы билэрин ситиһэргэ дьулуһуллуохтаах диэн уруккуттан толкуйдуубун. Ыйааһын бэскитэ диэн баар. Сахалыыны күүһүртэххэ эрэ икки тыл тэҥҥэ туттуллара кыаллар. Тоҕо диэтэххэ, нууччалыы өртө куруук баһыйа турар. Куоракка ордук манна болҕомтобутун ууруохтаахпыт уонна “ийэ”, “аҕа” диэнтэн саҕалаан, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону ийэ тылыгар күүскэ иитиэхтээхпит. Ийэ тыл дьиэ кэргэҥҥэ уйаланар.

Сахалыы тиэрминнэр

– Саха тыла чөл хаалыытыгар тиэрмин эмиэ улахан оруоллаах. Биһиги, суруналыыстар, бэйэбит бөлөхтөрүнэн тиэрминнэри сахатыта сатыыбыт, ардыгар эмиэ мөккүһэн ылабыт. Сороҕор биир санааҕа кэлбэппит. Тиэрмини бэрээдэктээһиҥҥэ туох үлэ барыахтааҕый? Мин санаабар, ситэ үлэлээбэппит быһыылаах.

– Бастакытынан, билиҥҥитэ үрүө-тараа сылдьабыт, ол иһин кыаллыбат дии саныыбын. Маны сааһылыыр үлэ ирдэнэр. СӨ Бырабыыталыстыбата тыл боппуруоһун ирдэбилин иһигэр киллэрэрэ уонна ону күүскэ ирдиирэ буоллар, түргэнник кыаллыа этэ. Дьиҥэр, дьарыктаныан баҕалаах учуонайдар, суруналыыстар, биирдиилээн баҕалаах дьон баар. Ити күүстэри түмэн, биһиги тиэрмин тылдьыттарын оҥоруохтаахпыт. Онно анал идэлээх дьон ирдэнэр, ылбычча киһиэхэ кыаллыбат. Тоҕо диэтэххэ, тиэрмини оҥоруу – билим туспа салаата. Тастан киирбит киһи ону билбэт да, ситэ өйдөөбөт даҕаны буолуон сөп. Онон тылдьыты оҥоруунан анал идэлээх дьон дьарыктаныахтаахтар. Учуонай Сэбиэккэ дуу, хамыыһыйаҕа дуу бигэргэппиттэрин кэннэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник тарҕатыыга бэчээт, тэлэбиидэнньэ, араадьыйа күүскэ үлэлэһиэхтээх. Билим (наука) – үөрэх – түмэт (уопсастыба) тиһигэ тахсан кэлэр. Ити үс күүһү биһиги тэҥҥэ тутуохтаахпыт. Сороҕор, болҕомтоҕо ылбакка, үөрэх тиһигэ көтөн хаалар, ситэ кыаллыбат. Дьиҥэр, тиэрмини үөрэх, үөрэх кинигэтин нөҥүө киллэриллэр. Оҕолорго биридимиэттэринэн (айылҕа үөрэҕэ, ахсаан, муусука) сахалыы тылдьыт баар буолуохтаах. Ити курдук кыралаан өтөн киирэн иһиэхтээхпит.

– Билигин оскуолаҕа сахалыы үөрэтэргэ туох кыһалҕа баарый? Билим оҥорбутун кэмигэр киллэрэн испэппит дуу, кинигэлэрбит бытааннык тахсаллар дуу? Эбэтэр үөрэх чааһа аҕыйах диэн эмиэ туруорсаллар.

– Билигин балаһыанньа букатын уларыйда, уон сыллааҕы курдук буолбатах. Оҕо үксэ бириэмэтин куйаар ситимигэр атаарар, туох баар билиитин-көрүүтүн онтон сомсон ылар. Ол сомсоро үксэ нууччалыы. Инньэ гынан, оҕо билиини дьиэтигэр олорон нууччалыы эрэ ылынар, сахалыыта быста мөлтөөтө. Сорох оҕо кинигэни аахпытын да иһин, тылын, ис хоһоонун өйдөөбөт. Оннооҕор күннэтэ туттар тылларбытын ситэ өйдөөбөт. Ити курдук кыһалҕа тирээн кэллэ. Үөрэнээччи урукку сылларга курдук биир тэҥ билиилээх буолбатах. Ким эрэ төрөөбүт тылын билэр, ким эрэ ситэри билбэт, ким эрэ олох да билбэт. Ол аата билигин араҥалаан үөрэтии кыһалҕата тирээбит курдук көрөбүн. Саха оҕотун сахалыы үөрэтиигэ омук тылын үөрэтии курдук мэтиэдьикэ киирэн биэриэхтээх. Холобур, төрөппүттэрэ сахалыы кылааска нууччалыы уһуйааҥҥа сылдьыбыт, сахалыы кыайан саҥарбат оҕолору аҕалаллар. Оччотугар учууталга уустук балаһыанньа үөскүүр. Кини хайдах үөрэтэрий? Биир матырыйаалы, биир учуобунньугунан үөрэтэр кыаҕа суох. Ол иһин кэлин таһымнаан үөрэтиэҕиҥ диэн кэпсэтиилэр тахсаллар. Үнүбэрситиэккэ биһиги таһымнаан үөрэтэбит. Холобур, саҥа саҕалыыр бөлөххө омук оҕолоро үөрэнэллэр, ол букатын туспа мэтиэдьикэлээх. Сороҕор нуучча оскуолаларыгар үөрэммит саха оҕолоро кэлэллэр. Олор сахалыы саҥараллар эрээри, кыайан суруйбаттар. Кинилэри үөрэтэргэ эмиэ туспа мэтиэдьикэ туһаныллыахтаах. Саха оскуолатыгар үөрэммит оҕо номнуо бэлэмнээх, литэрэтиирэни үөрэппит, Өксөкүлээх Өлөксөйү билэр, “Сааскы кэми” аахпыт. Ол оҕо билиитин таһыма атын. Онон биһиги үс бөлөххө арааран үөрэтэр этибит, билигин да ол салҕанар. Оскуолаҕа кырата икки бөлөххө арааран үөрэтэр ордук быһыылаах.

Сахалыы эйгэ

– Эн санааҕар, сахалыы эйгэни кэҥэтэргэ хайдах уонна ким үлэлэһиэхтээҕий?

–  Бастакытынан, сахалыы эйгэни кэҥэтэргэ тыл бэлиитикэтэ баар буолуохтаах. Судаарыстыба өттүттэн күүстээх хамсааһын барыахтаах. Тылы сайыннарыы хайаан да үбүлээһини кытта ситимнээх. Ону тоҕо эрэ баччааҥҥа диэри биһиги өрүү сүрэхтэрин баҕатынан буор-босхо үлэлиир дьоҥҥо – уопсастыбанньыктарга сүктэрэн кэллибит. Тылы кинилэр сайыннардыннар, үбүлүүр наадата суох диэн толкуй баар. Дьэ кэлин итини салалтабыт өйдөөн, 2024 сылга диэри судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллары харыстыыр тосхол үлэлээн эрэр. Быйыл онно үп көрүлүннэ. Ити курдук күүстээх үбүлээһин эрэ баар түгэнигэр тыл сайдар. Холобур, Татарстан тосхолугар 2030 сылга диэри 1 млрд солк. тахса үбү тыыран көрөн олороллор. Тэҥнээн көрүҥ, биһиги уонунан мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэҕинэ үөрэбит. Кинилэртэн ыраахпыт эрээри, саҕалааһын баар. Онон үөһэттэн күүстээх бэлиитикэ барыа диэн биһиги Ил Дархаммытыгар, СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, Ил Түмэҥҥэ эрэнэбит.

Иккиһинэн, түмэт (уопсастыба) араас хайысхаҕа сүрүннүүр дьонноох буолар. Биһиги кинилэр күүстэрин туһаныахтаахпыт. Холобур, төрөппүттэр, аҕалар, ийэлэр, биир дойдулаахтар, култуура эйгэтин түмсүүлэрэ… Араас эйгэҕэ таһаарыылаахтак үлэлиир дьон элбэх. Кинилэргэ тирэҕириэхтээхпит итиэннэ кинилэри өйүөхтээхпит. Кистэл буолбатах, үлэҕэ-хамнаска сороҕор үрдүттэн соҕус сыһыан баар. Маны оҥоруохтааххыт диэн баран кими эрэ соруйуохтара. Олор уу тэстибэт гына отчуоттуохтара, ол гынан баран, үлэ ситэ тэриллибэтэх, оҥоһуллубатах буолуон сөп. Дьиҥ-чахчы ис сүрэхтэриттэн үлэлиир дьону өйүөхтээхпит дии саныыбын.

– Сахалыы эйгэ хайысхата элбэх. Маҥнай туохха болҕомто уурар эрэйиллэрий?

– Биэс туттулук истиилэ баар диэн этэн аһарбытым. Сорох истииллэрбит ситэ сайдыбакка тураллар – дьыала уонна билим истиилэ. Ол аата итиннэ болҕомтобутун туһаайыахтаахпыт. Дьыала истиилигэр тылбаас сайдыбакка турар. Тута тылбаас киириэхтээх. Холобур, мунньахха киирбит киһи сахалыы холкутук саҥарыахтаах, ону тылбаасчыт тута тылбаастаан иһиэхтээх, сахалыы өйдөөбөт дьон, холобур, наушник нөҥүө истиэн сөп. Ити улахан дьайыылаах буолуон сөп этэ. Саха киһитэ санаатын сайа этэр ньымата – саха тыла. Нууччалыы, баҕар, этиэхтээх, туруорсуохтаах дьыалатын аҥаарын эрэ тиэрдиэн сөп. Тыл тэҥ таһымҥа туруохтаах. Ол курдук Төрүт Сокуонунан көрүллэр киһи быраабын эмиэ тэҥҥэ тутуохтаахпыт.

Аны олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарар тэрилтэлэр ситэ өйдөөбөттөр. “Сорат”, “сливки” диэн суруйбут буолаллар. Бэйэлээх бэйэбит дойдубутугар олорон, бэйэбит оҥорон таһаарар аһылыкпытын биир эрэ тылынан суруйа сылдьабыт. Ити, дьиҥэр, олус улахан суолталаах. Хас биирдии атыылаһааччы, кинилэр кэккэлэригэр ыччаппыт эмиэ барытын көрө сылдьар. “Сливки” оннугар төһө хойуутуттан-убаҕаһыттан көрөн “чөчөгөй”, “сүөгэй” диэтэрбит ыччат билиэх этэ. Бу “сорат” буолбатах “суорат” эбит, “творог” буолбатах “иэдьэгэй” эбит диэн.

Куйаар ситимигэр оҕоҕо аналлаах матырыйаал элбиэхтээх. Оҕо киинэтэ, оҕо ырыата, ойуулуктар (мультфильм), көмпүүтэр бырагыраамалара дэлэйиэхтээхтэр. Атын омук тылыгар бааллар эбээт, ааҥыл тылын туох да кыһалҕата суох оҕотуттан улахан дьонугар тиийэ үөрэ-көтө үөрэтэллэр. Онно сөптөөх оонньуулар, ыйынньыктар дэлэйдэр. Биһиэхэ хамсаныы дьэ кыралаан тахсан эрэр. Ити судаарыстыбаннай тосхолу кытта ситимнээх дии саныыбын, кыралаан да буоллар үп көрүлүннэ. Мантан инньэ сахалыы элбэх ойуулук, оҕону үөрэтэр, аралдьытар, иитэр анал бырагыраама үөдүйдэҕинэ, ыччат тылыгар сыыйа төннүө этэ.

– Ол аата кэлэр сылларга тылбыт кэскилэ бигэ туруктаныа дуо? Билигин намтааһын баара бэлиэтэнэр.

– Бигэ эрэллээхпин. Үөрэх тэрилтэтигэр үлэлиирим быһыытынан, ыччаты кытта күннэтэ алтыһабын, көрөбүн, идэлээхтэри бэлэмниибит. Ийэ тылбытын хайдах эрэ гынан өрө таһаарыахтаахпыт, сайыннарыахтаахпыт диэн бэрт тобуллаҕас толкуйдаах ыччат баар. Кинилэри көрөн сүргэм көтөҕүллэр. Ол аата тылбыт биһигинэн бүтэн хаалбат, инникилээх эбит, тыл туһугар туруулаһар, туруорсар, сайыннарар дьон үүнэн иһэр диэн үөрэ көрөбүн. Ол гынан баран, тулабын көрөн ардыгар санаам түһэр түгэннэрэ эмиэ баар. Кыра оҕолор нууччалыы чобугураһа сылдьар буолаллар. Дьэ, ити оҕолору сахатытар, иитэн таһаарар улахан сыал-сорук турар. Төрөппүттэн саҕалаан бары бииргэ түмсэн үлэлиэхтээхпит.

Тулууру, дьулууру, дьаныары

– Түмүккэ, ааҕааччыларбытыгар баҕа санаа быһыытынан тугу этиэҥ этэй?

– Оҕоҕутугар ийэ тылын иҥэриҥ. Оччоҕо киһи буолан килбэйиэ, саха буолан сандаарыа. Билигин балачча уустук кэмҥэ олоробут. Онон биир дойдулаахтарбар барыларыгар тулууру, дьулууру, дьаныары баҕарабын. Ити барыта биһиги санаабытын күүһүрдүөхтээх, өрө көтөҕүөхтээх. Дойду күүһэ дьон, норуот санаатыттан тутуллан турар. Биһиги түмсүүлээх, биир санаалаах, биһиги үлэбит-хамнаспыт, тугу дьаһанарбыт сөп диэн көрөр буоллахпытына эрэ, дойдубут инникилээх, кэскиллээх буолуо, кыаҕырыа. Онтон үрүө-тараа сылдьар, туспаны-туораны “туойар”, дойдубутун киртитэр, хараардар, баһааҕырдар түгэммитигэр таҥнары түһүөхпүт. Таҥнары түһүү хаһан баҕарар үчүгэйгэ тиэрпэт. “Таҥнарыахсыт” диэн тыл тылын олоҕо “таҥнары” диэн. Таҥнары тарда сылдьар дьон таҥнарыахсыт буолаллар.

Дойдубутун харыстыыр, хараанныыр, харыһыйсар Дойдуһа дьон буолуоҕуҥ! Оччоҕо хайа баҕарар уустук кэми уҥуордаан, уйгулаах олоҕу уһансыахпыт, кэскиллээх олоҕу кэҥэтиэхпит.

– Гаврил Григорьевич, биһиэхэ кэлэн ыалдьыттаабыккар улахан махтал. Ыччаты иитэр үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

3 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

3 часа ago