Гаврил Вырдылин: «Итэҕэл кэмэ кэллэ»

Share

Олунньу 22 күнүгэр Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр итэҕэлгэ үлэлии, тарҕата сылдьар дьон муһуннулар. Бу туһунан Таатта улууһун норуот айымньытын киинин салайааччыта Гаврил Вырдылин санаатын үллэһиннэ:

— Мунньаҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи геокултуурунай институт, Таатта улууһун салалтата тэрийдибит. Судаарыстыбаннай сүбэһит Андрей Борисов, Таатта улууһун баһылыга Айаал Бурцев, саха итэҕэлин түмээччи Павел Ксенофонтов уонна мин иилээн-саҕалаан ыыттыбыт. Тэрээһин саҕаланыыта далбар хотуттар арчылаатылар. Саха норуотун тумус туттар киһитэ Борис Федорович Неустроев — Мандар Уус киирии тылы эттэ. Итэҕэл араас хайысхатыттан 100-тэн тахса киһи кыттыыны ылла. Уопсайа 36 киһи этиннэ — 26 эр киһи, 10 дьахтар. Сүрүннээн итэҕэлгэ тугу үлэлээбиттэрин, былааннаахтарын иһитиннэрдилэр. Сонунтан сонун, ураты ис хоһоонноох этиилэри иһиттибит. Бэйэ-бэйэбитин байытыстыбыт. Сэттэ чаас ааспытын билбэккэ хааллыбыт. Ачыат Васильевич Иванов былыргы алгыһы оҥорбутугар бары ойон туран эппит тылларын хатылаатыбыт. Өбүгэлэри кытары холбуур алгыс буоларын бэйэбитинэн биллибит. Мунньаҕы https://www.youtube.com/live/KP2cldi6ItY?si=_ibUbC8Vq21GU5G1
https://youtu.be/9fetqDAbtRU?feature=shared көрүөххүтүн сөп. Мунньах боротокуола тарҕаныаҕа. Андрей Саввич түмүк тылыгар бары сөбүлэһэр өйдөбүллэрбитигэр куоластатта уонна кулун тутарга Дьокуускайга итэҕэл сүбэтин мунньаҕа буоларын иһитиннэрдэ. Таатта улууһун ылбаҕай ырыаһыттара Лариса Попова, Иван Потапов оһуохайы оройуттан туттулар.
Итэҕэлгэ үлэлиир дьоммут тылларын-өстөрүн, санааларын истэн баран бу курдук түмүккэ кэллибит. Саба бырахтахха, биһиги итэҕэлбит биир. Аҕыйах тылтан уонна өйдөбүлтэн мөккүөр үөскүүр. Төһөнөн хайысхаларбыт күүскэ үлэлииллэр даҕаны итэҕэлбит хас биирдии киһиэхэ киирэр. Биһиэнэ айылҕаттан тэйэ илик дьиҥ итэҕэл буолар. Сахалар баар буолуохпутуттан күн бүгүнүгэр диэри тиийэн кэллэ. Аны биһиги итэҕэлбитигэр атын омуктар сүгүрүйүүлэрэ элбиир туруктаах. Кэнэҕэһин хоту омук итэҕэлигэр аан дойду барыта киириэҕэ. Киһи-аймах айылҕаны кытары өйдөһөн олорор буолуохпут. Бүгүҥҥү муҥутуур кыһалҕабыт — оҕолорбутугар итэҕэли сыһыарыы. Сүүһүнэн сылларга тиийэн кэлбит өйдөбүллэрбитин биһиги көлүөнэ мэлитэр туруктаахпыт. Биһиги оҕолорбутун саха тылын, итэҕэлин иҥэрэрбитин таһынан, кинилэр оҕолорун оннук иитэллэрин ситиһиэхтээхпит. Ол эбэтэр, сиэннэрбит саха тыыннаах, итэҕэллээх хаалыахтаахтар. Хас биирдии төрөппүт бу сүрүн соругу өйдүөх уонна бэйэтин өттүттэн үлэ ыытыах тустаах. Итэҕэл кэмэ кэллэ.

Таатта улууһун норуот айымньытын киинин тус архыыбын хаартыскалара
What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

6 часов ago