Салгыы
«ГЧП»: Саха сирэ 10 бастыҥ иһигэр киирдэ

«ГЧП»: Саха сирэ 10 бастыҥ иһигэр киирдэ

24.05.2024, 19:00
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Арассыыйа экэниэмикэтин сайыннарыы министиэристибэтэ 2023 сыл түмүгүнэн, эрэгийиэннэргэ судаарыстыбаннай-чааһынай партнерство сайдыытын рейтинин таһаарда.

Саха сирэ манна 8-с миэстэни, Уһук Илин эрэгийиэннэригэр 1-кы миэстэни ылла. 2023 сылы кытта тэҥнээтэххэ, өрөспүүбүлүкэ 13 пуунунан үөһэ тахсыбыт.

Өрөспүүбүлүкэҕэ судаарыстыбаннай-чааһынай партнерство көмөтүнэн элбэх социальнай эбийиэктэр тутуллаллар.

Рейтиҥҥэ 10 бастакы иһигэр Москва, Нижегородскай уобалас, Санкт-Петербург куорат, Ленинградскай уобалас, Пермскэй кыраай, Москва уобалаһа, Самарскай, Сахалинскай уобаластар,  Татарстан ылбыттар.

— «ГЧП» — көдьүүстээх ньыма, биисинэс өттүттэн интэриэс улаатар. 2023 сылга «ГЧП» сөбүлэһиитинэн инвестиция 955 миллиард солкуобайга тэҥнэспитэ, ити 2022 сыллааҕы көрдөрүүнү 31 миллиардынан куоһарар. Онон эрэгийиэннэргэ эмиэ көхтөөхтүк үлэлиэхтэрин наада, — диэн миниистир бастакы солбуйааччыта Илья Торосов эттэ.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: