Гектары иккистээн ылыахха сөп, өскөтө…
Уһук Илиҥҥи гектары ылыы 2016 сыллаахха киирэн, бастакы сылларга аймалҕаны таһааран иһэн намырыы быһыытыйан, былырыыҥҥы 2024 сылга диэри “күөдьүйбэккэ” турбута. Тоҕо гектар сирэ эмискэ болҕомто ортотугар буола түстэ диэтэххэ, тустаах исписэлиистэр да, дьон-сэргэ да сир сыаната эмискэ үрдээбитинэн, риэлтордар күөртээтилэр диэн быһаараллар.
Биэс сыл иһигэр баһылыахтааххын
Гектары киһи бастаан мээнэ туһаныыга ылар. Икки сыл иһигэр “ВРИ – вид разрешенного использования” талар. Итиэннэ биэс сыл иһигэр ол талбыт көрүҥүнэн учаастагын баһылыахтаах. Холобур, олорор дьиэни (ИЖС) талбыт буоллаҕына, дьиэ туттубут эбэтэр 30 тыһ. солк. тахса суумалаах туох эрэ тутууну ыыппыт буолуохтаах. Дьиэтин иэнэ 24 кв. м кыра буолуо суохтаах. Салгыы бас билиигэ эбэтэр түүлэһиигэ сайабылыанньа биэрэр, ону боломуочуйалаах уорган, холобур, нэһилиэк дьаһалтатыгар үлэлиир сир үлэһитэ баран көрөр. Дьиэ тутуллубут буоллаҕына, докумуонун оҥороллор. Тугу да оҥостубатах буоллаҕына, учаастага былдьанар. Ол иһин гектар ылбыт киһи хайаан да сирин баһылыахтаах.
Чугас эргин ханна баар?
Дьон, сүрүннээн, гектар сирин куорат, Нам, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас улуустарынан ыла сатыыллар. Дьокуускай чэрчитигэр Бүлүү тыраагын 34 км саҕалаан баар. Покровскайдыыр тыраакка Табаҕа мырааныттан саҕалаан, Намныыр тыраакка эмиэ мыраан үрдүттэн саҕалаан бэриллэр. Маҥан, Намсыыр тыраактарыгар суох. Туймаада хочотугар Табаҕа таһынан, Намныыр тыраагынан Сатал, Тулагы диэкинэн гектар сирэ суох, мырааҥҥа диэри элбэх оҕолоохторго, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар бэриллэр сирдэр сыталлар. Ол курдук, Дьокуускай куорат тулата 20 км радиустаах, Нерюнгри куорат тулата 10 км радиустаах сиринэн сабыллан сытар. Каартаҕа көрдөххө, кырдьык, Дьокуускай куорат турар сирэ, Табаҕа таһа, өрүс уҥуор Хаптаҕай сирэ эмиэ сиэккэнэн бүрүллүбүт, ол аата, бэриллибэт сирдэр диэн. Улуус кииннэрин тулалара сокуонунан эмиэ сабыылаахтар, оттон нэһилиэктэр сирдэрэ сабыллыбат. Ураты харыстанар сирдэр, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэрин тутуһан олорор сирдэрэ, резервэҕэ баар, сир баайдаах сирдэр, уулар кытыылара, харыстанар ойуурдар эмиэ сабыылаах зонаҕа киирэллэр.
Учуоттамматах кыһалҕалар
Ирбэт тоҥ институтун учуонайдарын айманар биир төрүөттэрэ, бадараан, быллаар буолбут сири учуоттаабакка, Уһук Илиҥҥи гектар диэн дьоҥҥо биэрэ олороллор, тоҕо боппоттор диэн этэ. Хомойуох иһин, надальнийвосток.рф каартата алдьанан эрэр сирдэри көрдөрбөт. Онон үчүгэйкээн алааска балаҕан туттан сайылыам диэбит ыра санааҥ биирдэ күдэҥҥэ көтүөн сөп.
Риэлтордар Уһук Илиҥҥи гектарга былырыыҥҥыттан көхтөөхтүк үлэлэһэ сылдьаллар. Биир өттүнэн, сайабылыанньа киириитигэр көмөлөстүлэр, иккис өттүнэн, сорохтор нэһилиэк дьаһалтатын кытта кэпсэппэккэ, быһаарсыбакка, дьоҥҥо мээнэ биэрэн кэбиһэллэр, дииллэр исписэлиистэр. Холобур, гаас, уот ситимэ харыстанар зоналаахтар. Ол харыстанар зоналар надальнийвосток.рф каартатыгар тута көстүбэттэр, анаан каарта уҥа өттүгэр баар галочканы баттаатахха биирдэ көстөллөр. Элбэх хайысхалаах киин үлэһиттэрэ оннук арыйан көрөллөр эбит, онон, ыксаабат дьон Элбэх хайысхалаах киин нөҥүө оҥортороллоро ордук. Риэлтордары кытта ыраах улуустарга олорооччулар сибээстэһиэхтэрин сөп, ол гынан баран, төһөнөн сир тула сахсаан улаатар да, соччонон төлөбүрдэрэ үрдээн иһэрэ чуолкай.
Аны, саха дьоно аар тайҕаҕа тахсан бултуур. Саха сирин ойуура бултуур сирдэргэ үллэриллэн турар. Ону бу надальнийвосток.рф каарта эмиэ көрдөрбөт, Саха гис каартаҕа киирдэххэ эрэ көстөр. Бултуур сирдэр федеральнай суолталаах сирдэргэ киирэллэр, онон аһаҕас сытар буоллаҕына, бултуурга, үүтээн туттарга анаан сайабылыанньа биэриэххин сөп.
Иккистээн ылыахха сөп дуо?
Бастакы сиргин ылан, биэс сыл иһигэр барытын сокуон иһинэн баһылаабыт, болдьоҕор докумуонун оҥорсубут буоллаххына, эйиэхэ бас билиигэ эбэтэр түүлэһиигэ биэрэллэр. Ол эрэ кэнниттэн биирдэ иккистээн гектар ылаҕын, утуу-субуу ылар табыллыбат. Биэс сыл ааһарын кэтэспэккэ түргэнник ылыаххын баҕарар буоллаххына, баһылыы охсон иккистээн көрдүөххүн сөп. Үсүһүн биэрбэттэр.
Уопсайа 2016 сылтан Уһук Илиҥҥи гектарга 16724 учаастак бэриллибит. 2023 сыллаахха – 1010 учаастак. 2024 сыллаахха – 2356 учаастак.
Ариян Боронов, СӨ Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыы министиэристибэтин Сиргэ бэлиитикэтин департаменын сүрүн исписэлииһэ:
– Кыһалҕабыт диэн, каарта мөлтөхтүк үлэлиир, сүгүн-саҕын арыллан испэт. Интэриниэккэ киирэн, надальнийвосток.рф диэни астахха, быһаарар инструкция баар – сорох дьон бэйэлэрэ талаллар. Ыарырҕатар буоллахха, Элбэх хайысхалаах киин нөҥүө оҥорторуохха сөп. Сиэрэй зонаҕа сайабылыанньа бэрдэрбэт. Оттон бааһынай хаһаайыстыба бас билэр сирэ учуокка турбут буоллаҕына, каартаҕа көстөр. Оннук учаастакка эмиэ кыайан биэрэр кыаҕыҥ суох. Суол, уот ситимэ ааһар сирэ эмиэ барыта көстөн турар.
Улуус сиригэр ылыаххын баҕарар буоллаххына, чуолкай координататын сурунан тиийэн, олохтоох дьаһалта үлэһитин кытта тиийэн көрөргүт ордук. Илэ хараххынан көрөн, бэрэбиэркэлээн баран, биирдэ сайабылыанньа биэриҥ.
Билигин сокуоҥҥа уларыйыы киирбитэ – холобур, ити эппиппит курдук, сиргин тиийэн көрбүтүҥ бадараан, туох да суола-ииһэ суох дойду буоллаҕына, ол учаастактан аккаастанан, атын сири талыаххын сөп.
Дьон тоһоҕолоон биири өйдүөхтэрин наада. Биэс сыл иһигэр дьиэ, балаҕан туттан баран, сирдэрин бас билиигэ эбэтэр түүлэһиигэ ылалларын умнан эбэтэр болдьоҕун куоттаран кэбиһэллэр. 5 сылынан туох да докумуон оҥоһуллубатах сирэ боломуочуйалаах уоргаҥҥа көстө түһэр. Оччоҕо бу киһи тугу да гымматах диэн баран, дуогабары ыйыппакка да көтүрэн кэбиһэллэр. Саамай хойутаабыта, бас билиигэ эбэтэр түүлэһиигэ сайабылыанньаны 4 сыл 6 ый буолан баран биэриэххэ сөп.
Николай Горохов, СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга, ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин сүрүннүүр исписэлииһэ:
— Уһук Илиҥҥи гектарынан биһиги министиэристибэбит өрөспүүбүлүкэҕэ баар ойуур пуондатын көрөр. Ойуур пуондатыгар гектары ылар дьонтон сайабылыанньа ылабыт, дуогабардарын оҥорсобут. Ол гынан баран, улуустар, нэһилиэктэр муниципальнай бас билэр сирдэригэр орооспоппут.
Ойуур сирэ хас да категорияҕа арахсар: туһаныллар (эксплуатационнай), резервнэй, харыстанар. Гектары туһаныллар ойуурдарга биэрэбит: суол кытыытынан, сынньанарга, туризмы сайыннарыыга, балыктыырга-бултуурга, дьиэ туттууга, тус бэйэ хаһаайыстыбатын, бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыбаны тэриниигэ, саады үүннэриигэ. Биэс сыл иһигэр бу сиргин бас билиигэр ылан, нэһилиэнньэлээх пууннар категорияларыгар киллэрэн үллэрэн, атыылыаххын да сөп. Ойуурдаах сиргэ ИЖС гектарын ылыахха сөп гынан баран, ирбэт тоҥо сир кырсыттан чугаһа бэрт буолан, мууһа ирэн тобулу түһэр, оҥхой үөскүүр түбэлтэлэрэ бааллар. Онон ойуур пуондатыгар дьиэ туттар (ИЖС) буоллахха, сирин туругун үчүгэйдик чинчийэн баран ылар ордук.
Харыстанар ойуурдар бас билиигэ, атыыга бэриллибэттэр. Резервнэй ойуур категорията түҥ тайҕаҕа баар, онно туох да көҥүллэммэт.
Георгий Беляков, куорат олохтооҕо (бу күһүҥҥү кэпсэтииттэн):
– Бу сайын кэтэх дьиэ туттарбар харчым тиийбэтэҕэ. Онон урут Хатас диэки ылбыт икки сирбин ботуччу сыанаҕа батаран, дьиэбин бүтэрэн үөрэн олоробун. Дьэ, сир диэн баар эбит, ас-таҥас көрдөөбөккө, сыаната үрдүү сытааччы. Онон өйдөнөммүт, быйыл ойохтуун, оҕолордуун гектар сир ылаары эккирэтиһэ сылдьабыт. Өрүс уҥуор Мэҥэ сирин да тахсан көрүөхпүт. Бүлүү тыраагын баран көрдүбүт. Эрдэ дьаһаммакка диэн санаа-толкуй киирдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: