Геннадий Васильев Ил Дархан отчуотунан санаатын үллэһиннэ

Share

Манчаары Баһылай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи успуорт национальнай көрүҥнэрин киинин дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата  Геннадий Васильев Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыллааҕы Бырабыыталыстыба  үлэтин түмүгүн туһунан отчуотунан санаатын үллэһиннэ:

— Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев 2024 сыллааҕы үлэтин-хамнаһын иһиттибит. Манна кини чопчу хас биирдии хайысхаҕа барытыгар үлэ хайдах барбытын  сиһилии кэпсээтэ. Ордук социальнай хайысхаҕа, ол эбэтэр дьиэ кэргэн тирэхтээх-туруктаах буолуутун  сиһилии кэпсээтэ. Ол эбэтэр  дьиэ кэргэттэргэ бастакы, иккис, үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ  көрүллэр социальнай субсидиялар  тустарынан.  Оҕо төрөөһүнүгэр  социальнай субсидияҕа  бэйэбит региоммут иһинэн дьаһал тахсан, сокуон ылыллан, бу хайысханан  элбэх көмө оҥоһулларын бэлиэтээтэ. Бырабыыталыстыба уонна Ил Түмэн икки ардыгар социальнай хайысхаҕа элбэх үлэ ыытыллар. Биһиги оҕолорбут эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, доруобай буолуохтаахтар. Ол туһугар доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр сыллата аайы Дьокуускай куоракка  улахан  балыыһалар тутуллаллар. Улуустарга эмиэ тутуу барар. Аны тыа сиригэр быраастар көһө сылдьар бөлөхтөрө үлэлииллэр. Чуолаан, хоту улуустарга.  Быраастар былырыыҥҥыттан саҕалаан хотугу улуустары  барытын кэрийэн,   улахан  үлэни оҥордулар. Оскуола-үөрэх эйгэтигэр биһиги оҕолорбут хайаатар даҕаны Россия таһымыгар БКЭ  туттарыытыгар буоллун, олимпиадаларга тэҥҥэ туруохтаахтар. 2024 сыл иһигэр 14 оскуола биһиги республикабытыгар тутуллан киирдэ. Ону таһынан, оҕо  уһуйааннара үлэҕэ киирдилэр. БКЭ-ҕэ Россия таһымыттан арыый намыһах эбиппит. Бу хайысхатыгар чопчу болҕомтону уураммыт үлэлэһиэххэ наада диэн эттэ. Кэнники сылларга биһиги оҕолорбут Бүтүн Россиятааҕы олимпиадаларга, ордук чуолаан 2024 сылга элбэх ситиһиини ситистилэр. Быйыл буолбут физкультура олимпиадатыгар  ситиһиилээхтик кытыннылар. Манна эмиэ спорт хайысхатыгар оҕолорбут эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буолалларыгар биһиги улуустарбытыгар сыл аайы спортивнай эбийиэктэр хайаан да тутуллуохтара диэтэ. Кини былырыын ыытыллыбыт «Азия оҕолорун» оонньууларын санатан эттэ. «Азия оҕолоро»  кырдьык, биһиги эдэр ыччаттарбытыгар аан дойду  бастыҥ оҕолорун кытта тэҥҥэ күрэхтэһэннэр,  сайдыахтара,  инники олохторугар туһалаах буолуо диэтэ. Быйыл ыытыллар «Манчаары оонньууларын» эмиэ таарыйда.  «Манчаары оонньуулара» биһиги саха норуотун бүттүүн киэн туттуубут. Быйыл Таатта сиригэр-уотугар ыытыллыахтаах. Биһиги төрүт көрүҥнэрбитин оҕолорбутугар үөрэтэн-сайыннаран инникитин эмиэ аан дойдуга таһаарарга улахан санаалааҕын эттэ.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Биир күн иһигэр Горнай түмэллэрин көрөн сөхтүбүт-махтайдыбыт

Сэтинньи саҕаланна да, Өктөөп идеяларын өрө тутан кэлбит оҕо, эдэр сааспыт күргүөмнээх күннэрэ хайдах да…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Эдэр-сэнэх буолуу кистэлэҥнэрэ

Үөрэх этэринэн, киһи орто сааһа 120 сыл диэн да, дьиҥэ, олохпут итинтэн быдан ырааҕынан кылгас. Быраастар,…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сирэ Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа кыттар

Сыл ахсын сэтинньи саҥатыгар Арассыыйа бары эрэгийиэннэригэр "Ускуустуба түүнэ"  диэн аахсыйа ыытыллар. Тэрээһин Норуоттар сомоҕолоһууларын…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сүбэһит: Тумуу киирэн эрдэҕинэ…

Мүөттээх бальзам 500 г. грецкэй эриэхэни, 300 г. мүөтү, 100 г. алоэ сүмэһинин, 4 лимону…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга — байыаннай тиэхиньикэ быыстапката

Сарсын, сэтинньи 4 күнүгэр, Дьокуускайга трофейнай байыаннай тиэхиньикэ быыстапката арыллыаҕа. Бу күн биир сүрүн тэрээһининэн…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Туймаада эрэлэ» оҕолор хуордарыгар бириистээх миэстэни ылла

Владивостокка буолбут Уһук Илиҥҥи хуор олимпиадатыгар "Кыра оҕолор хуордара" номинацияҕа кыттан, "Туймаада эрэлэ" дипломунан уонна үрүҥ…

3 часа ago