Географическай диктант үс сүүстэн тахса сиргэ ыытыллыа

Географическай диктант үс сүүстэн тахса сиргэ ыытыллыа

Ааптар:
25.10.2022, 18:07
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр норуоттар икки ардыларынааҕы географическай диктант 300-тэн тахса былаһааккаҕа ыытыллыа.

Алтынньы 30  күнүгэр бары эрэгийиэннэргэ уонна тас дойдуга ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы географическай диктаны суруйууга Саха сирин олохтоохторо кыттыыны ылаллар. Нуучча географическай уопсастыбата бу тэрээһини ахсыс төгүлүн ыытар.
 Өрөспүүбүлүкэҕэ диктаны суруйуу 300 тахса былаһааккаҕа — үөрэх тэрилтэлэригэр, бибилэтиэкэлэргэ, түмэллэргэ ыытыллыа диэн иһитиннэриигэ суруллар.
Географическай диктант быйыл үгэс курдук хас да варианнаах буолуоҕа, хас биирдиитэ 40 ыйытыылаах. Сорудахтар уустугуттан көрөн икки чааска арахсыахтара. Бастакыга уон ыйытыы, иккискэ отут ыйытыы киирэр.
Географическай диктаны нуучча географическай уопсастыбата Бэпэчиитэллэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһиннэринэн 2015 сылтан ыытар. Сүрүн сыала Россия географиятыгар интэриэһи улаатыннарыы.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: