Георгий Афонскай: “Ханнык да төлөбүрдээх үөрэх оскуолаҕа киирбэт”
10.10.2025, 15:36

Хаартыска: ааптар түһэриитэ
Бөлөххө киир:
Георгий Афонскай, Дьокуускайдааҕы 23 №-дээх оскуола дириэктэрэ:
-Оскуолаҕа төлөбүрдээх үөрэх киирэн эрэр, диэн суруйуулары көрөн баран, интэриэһиргээн бүгүҥҥү аһаҕас истиилэргэ кэллим. Мин бэйэм оскуола дириэктэрэ буолабын, иһиттим, туран бэйэм санаабын эттим. Ханнык да төлөбүрдээх үөрэх киирбэт, диэн быһаччы этэбин. Биһиэхэ 273 №-дээх “РФ үөрэхтээһин туһунан” федеральнай сокуон баар, ол онно оҕо 11 сыл устата оскуолаҕа босхо үөрэнэр бырааптаах диэн сурулла сылдьар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: