Салгыы
Георгий Башарин үлэлэрэ суолталарын сүтэрэ иликтэр

Георгий Башарин үлэлэрэ суолталарын сүтэрэ иликтэр

Ааптар:
08.09.2022, 16:18
Бөлөххө киир:

Ааспыт XX үйэҕэ саха норуотун талааннаах уонна биллиилээх учуонайдарыттан биирдэстэринэн уһулуччулаах историк, история билимин дуоктара, профессор Георгий Прокопьевич Башарин (21.03.1912-18.04.1992) этэ.

1938-1992 сылларга кини араас дуоһунастарга үлэлээбитэ уонна науканан утумнаахтык дьарыктаммыта. Сүрүннээн 1630- тус сыллартан 1917 сылга диэри Саха сирэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын, сахалар норуот быһыытынан материальнай уонна духуобунай култууралара сайдыытын, саха литературатын историятын, саха норуотун фольклорун, историография боппуруостарын, историческай наукалар методологияларын уонна философскай төрүттэрин, уо.д.а боппуруостары чинчийбитэ, үөрэппитэ. Кэлин Саха сиригэр 1921-1925 сылларга үөскээбит уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй балаһыанньаны үөрэппитэ итиэннэ ырыппыта.

Учуонай таһаарбыт үлэлэрин тула араас элбэх научнай мөккүөрдэр, утарсыылар, араастык сыаналааһыннар, үҥсүүлэр 1943 сылтан 1991 сылга диэри барбыттара. Профессор бары үлэлэрэ марксистскай-ленинскэй методология көрдөбүллэринэн формационнай, кылаассабай уонна партийнай бириинсиптэри тутуһан суруллубуттара. Ол да үрдүнэн суолталарын сүтэрэ иликтэр: историяҕа буолбут сабыытыйалар, чахчылар, бырассыастар, дааталар уларыйбаттар, кинилэр миэстэлэрин уонна оруолларын сыаналааһын, онно олоҕуран оҥоһуллубут түмүктэр эрэ кыратык уларыйыахтарын сөп.

 

ХОЛУННАРА САТААЧЧЫЛАР БИЛИГИН ДА БААЛЛАР…

Ол эрээри туох барыта бириэмэлээх, кэмнээх-кэрдиилээх, сыыйа умнуллар. Ону туһанан саха историктарын уонна суруйааччыларын хаттаан холуннарааччылар баар буоллулар. Кинилэртэн биирдэстэрэ “улуу эдэр историк” (бу “Туймаада” хаһыат сыанабыла) Лазарь Рожин маннык суруйар: “Г.П.Башарины Ленинскэй бириэмийэҕэ, ССРС НА чилиэн-корреспонденын аатыгар, Социалистическай Үлэ Дьоруойугар түһэрэ сылдьыбыттара. Онно барытыгар аккаас биэрбиттэрэ. Тоҕо диэтэххэ, кини биир да боччумнаах үлэтэ суох”. (“Туймаада”. 17.11.2016.-№ 331). Ис дьиҥэр тугу да билбэт “маннык улуу историктар” бигэргэтиилэрэ норуот өйүгэр-санаатыгар олохсуйан хаалыахтарын сөп диэн санааттан, мантан аллараа биһиги профессор Г.П.Башарин сүрүн үлэлэрин ааҕааччыларга кылгастык быһааран биэриэхпит. Таарыччы ити ылбатах ааттарыгар түһэрии ханнык быһыыга-майгыга буолбутун эмиэ кырдьыгынан кэпсиэхпит.

1.“История аграрных отношений в Якутии (60-е годы XVIIIсередина XIX вв.) -М. 1956 -428 стр. (Иккис таһаарыы:”История агараных отношений в Якутии (XV-сер. XIXвв.) — т.1-М.,2003- 448стр.- т.2-М..2003-520стр.). 1950 сыл бэс ыйын 5 күнүгэр Г.П.Башарин бу тиэмэҕэ Москваҕа докторскай диссертацияны көмүскээбитэ. ССРС Уралтан илин өттүгэр олохтоох омуктартан наука маҥнайгы дуоктара баар буолбута. Ол эрээри, кини сотору кэминэн национализмҥа буруйданан, наука кандидатын уонна дуоктарын истиэпэннэрэ сотуллубута. Ол эрээри нуучча уһулуччулаах учуонайдара туруорсаннар уонна өйөөннөр 20.12.1956 с. Георгий Прокопьевич бу үлэтинэн Москваҕа докторскай диссертациятын иккистээн көмүскээбитэ. Дьэ, манна кырдьык кыайыыта, наука өрөгөйө буолбута. Башариҥҥа наука дуоктарын истиэпэнэ иккистээн иҥэриллибитэ.

1957 сыллаахха Ленинскэй бириэмийэ ыстаатыһа хаттаан чөлүгэр түһэриллибитэ. Ол иһин История институтун Учуонай сэбиэтэ Г.П.Башарин үлэтин (кинигэтин) Ленинскэй бириэмийэҕэ түһэриэххэ сөп диэн мэктиэлээбитэ. Ол эрээри араас биричиинэлэринэн бу уһулуччулаах үлэ Ленинскэй бириэмийэ ҕэ түһэриллибит үлэлэри дьүүллүүр уонна аныырга мэктиэлиир хамыыһыйаҕа кыайан туттарыллыбатаҕа.

2.“Некоторые вопросы историографии вхождения Сибири в состав России”. — Якутск, 1971.-136стр. Бу дьоҕус кинигэҕэ Сибиир Арассыыйа састаабыгар киирбит историятын үөрэппит учуонайдар үлэлэрэ ырытыллыбыта. Түмүгэр, Г.П.Башарин ыраахтааҕылаах Арассыыйа Сибиири сэриилээн ылбыта уонна бэйэтигэр холбообута диэн бигэргэтии сыыһа диэбитэ. Кини Сибиир Арассыыйаҕа саҥа сирдэри географическай арыйыы, кинилэри хаһаайыстыбаннай баһылааһын (освоение) кэнниттэн улахан сэриилэһиитэ, утарсыыта суох киирбитэ (вхождение) диэн дакаастаабыта. Ол эрээри Новосибирскай учуонайдара (онно эбии Ф.Г.Сафронов) — присоединение Сибири (в т.ч. Якутии), Г.П.Башарин – вхождение Сибири (в т.ч.Якутии) диэн терминнэри туттуулара тохтооботоҕо. “Присоединение” диэн термин туох куһаҕаннааҕый диэн ыйытыыга Георгий Прокопьевич маннык хоруйдуура: “Присоединение дииллэр, ол гынан баран бары истэригэр “завоевание, насильственный захват, насильственное присоединение” диэни саныыллар уонна өйдүүллэр”, — диирэ.

3. “Три якутских реалиста — просветителя (из истории общественной мысли дореволюционной Якутии)” — Якутск,1944.-149 стр. БСК(б)П Саха сиринээҕи тэрилтэтин бюротун 06.02.1952 с. уурааҕынан бу кинигэни антинаучнай, антимарксистскай уонна буржуазнай-националистическай ис хоһоонноох диэннэр Саха АССР бибилэтиэкэлэриттэн төттөрү хомуйан ыланнар уоттаабыттара. Кинигэ иккистээн 1994 сыллаахха бэчээттэммитэ. 1952-1991 сылларга саха норуотун, кини интэлигиэнсийэтин буржуазнай национализмҥа буруйдааччылар наар бу кинигэҕэ сигэнэллэрэ. Г.П.Башарин уо.д.а. саха учуонайдара быһааралларын, өйдөтөллөрүн төрүт ылымматтар уонна истиэхтэрин да баҕарбаттар этэ: “Башарин кинигэтэ баар. Бүттэ. Атын туох да наадата суох. Сахалар националистар”, — дииллэрэ.

4. “Социально-экономические отношения в Якутии второй половины XIX-XX вв.”-Якутск, 1974.- 216 стр. Г.П.Башарин уонна З.В.Гоголев мөккүөрдэрэ сүрүннээн XX үйэ саҥатыгар Саха сирин социальнай-экэнэмичэскэй сайдыытын сыаналааһыҥҥа сытара. З.В.Гоголев этэринэн, бу бириэмэҕэ Саха сирэ капиталистическай сайдыы суолугар киирбитэ, бырамыысыланнас күүскэ сайдыбыта, буржуазия уонна оробуочай кылаас бааллара. Онон, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин түмүгэр Саха сирэ капитализмтан социализмҥа киирбитэ. Бу – З.В.Гоголев сүрүн идьиэйэтэ, түөрүйэтэ итиэннэ түмүгэ.

Оттон Г.П.Башарин Саха сиригэр 1917 сылга диэри феодальнай-патриархальнай (Ф.Г.Сафронов – патриархальнай-феодальнай, сорохтор – общиннай тутул) сыһыаннаһыылар сайдыбыттара, кинилэр баһылыыр оруоллаахтара диир. Маны таһынан торговай капитал сайдыбыта, бэрт аҕыйах кыракый мануфактуралар бааллара, бырамыысыланнай капитал суоҕа диирэ. Онон, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин түмүгэр Саха сирэ феодальнай-патриархальнай тутултан быһалыы социализмҥа киирбитэ диирэ Г.П.Башарин. Бу кини сүрүн идьиэйэтэ, түөрүйэтэ уонна түмүгэ. Өскөтүн 1917 сылга диэри Саха сиригэр капитализм сайдыбатах, буржуазия уонна оробуочай кылаас суох буоллахтарына, хантан кэлэн буржуазнай идеология, буржуазнай национализм сайдыаҕай? Бастакы суруйааччыларбыт хайдах националистар буолуохтарай? 1921-1923 сылларга хантан кэлэн Саха сиригэр буржуазнай-националистическай контрөрөбөлүүссүйэ буолуой? Бу кинигэ кэнниттэн Г.П.Башарины эккирэтиһии, кэнэйдээһин өссө күүһүрбүтэ.

 

ССРС НА ЧИЛИЭНКОРРУГАР ТҮҺЭРИИ ТУҺУНАН

1972 сыл алтынньы 9 күнүгэр СГУ Учуонай сэбиэтэ ССРС НА-гар тахсыбыт аһаҕас турар миэстэҕэ Г.П.Башарин кандидатуратын түһэрэргэ диэн уурааҕы ылыммыта. Бу уурааҕы ССРС НА академига Н.М.Дружинин өйөөбүтэ. Ол эрээри Георгий Прокопьевич бэйэтэ Академияҕа талыллар куонкурустарга кыттартан аккаастаммыта. Н.М.Дружиниҥҥа 20.12.1972. маннык суруйбута: “… мне ясно, что кандидатура моя в члены-корреспонденты не пройдет. Поэтому я возражал против решения Совета университета, принятого при моем отсутствии”. Онон Г.П.Башарины ССРС НА түһэриигэ СГУ Учуонай сэбиэтин уурааҕа эрэ баар, атын ханнык да докумуон оҥоһуллубатаҕа. Кэлин даҕаны кини ханнык да академияҕа түһэриллибэтэҕэ. Онон Лазарь Рожин дойҕоҕо сымыйа: Г.П.Башарин Академияҕа түһэриллибэтэҕэ, куонкурустарга кыттыбатаҕа, онон кини кандидатуратын ким да, ханна да аккаастаабатаҕа.

СОЦИАЛИСТИЧЕСКАЙ ҮЛЭ ДЬОРУОЙУГАР ТҮҺЭРИИ ТУҺУНАН

Г.П.Башарины бу үрдүк аакка СГУ Учуонай сэбиэтэ 1990 сыллаахха түһэрбитэ. Университет туруорсуутун 1990 сыл сэтинньитигэр Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиума өйөөбүтэ. Маны истэннэр, Саха сириттэн 6 киһи, 04.03.1991 с., Новосибирскайтан историческай наука дуоктара В.С.Познанскай 07.03.1991с. Г.П.Башариҥҥа Соц. Үлэ Дьоруойун аатын иҥэрэри утаран ССРС бэрэсидьиэнэ М.С.Горбачевка уонна ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ А.И.Лукьяновка үҥсүү суруктары суруйбуттара.

Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун туруорсуута уһаан-кэҥээн, соһуллан, кыайан көрүллүбэккэ 1991 сыл атырдьах ыйыгар диэри тардыллыбыта. Онтон путч буолан, ССРС ыһыллыбыта. Онон туруорсуу хаалбыта, көрүллүбэтэҕэ. Мантан көстөрүн курдук, Л.Рожин “Г.П.Башарин кандидатуратын аккаастаабыттара” диэн дойҕоҕо эмиэ сымыйа буолан тахсар.

ТҮМҮКТЭЭН ЭТТЭХХЭ

Георгий Прокопьевич Башарины төрөөбүт сахатын норуота уһулуччулаах учуонай, уопсастыбаннай диэйэтэл быһыытынан билинэр. 1938-1992 сылларга кини саха историктарын, суруйааччыларын, литератураны уонна искусствоны чинчийээччилэри кытары Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уопсастыбаннай өй-санаа сайдыыта сөптөөх хайысханан уонна суолунан барыытыгар уһулуччулаах кылаатын киллэрбитэ, дьоһун миэстэни ылбыта. Кини сырдык аата, дьоһуннаах олоҕо, айымньылаах үөрэҕэ, үлэтэ устуоруйаҕа үйэ-саас тухары тыыннаах хаалбыта.

Николай НИКОЛАЕВ, үлэ бэтэрээнэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: