Георгий Белоусов тоҕо «Саха сирэ» хаһыаты сөбүлүүрүй?

Георгий Белоусов тоҕо «Саха сирэ» хаһыаты сөбүлүүрүй?

21.10.2023, 22:14
Хаартыска - Елена Потоцкая
Бөлөххө киир:

«Саха сирэ» хаһыат кэлиҥҥи кэмҥэ киоскаларга чэппиэргэ тахсар күнүгэр эрдэ бүтэн хаалар буолла. 

Чэппиэр аайы сарсыарда 9 чаас 25 мүн. хаһыаппыт сибиэһэй нүөмэрин «Саха» НКИХ «Тэтим» араадьыйатыгар сырдатабыт. Бу көрүҥ ааҕааччыларбытын эмиэ кэрэхсэтэр.   Хаһыаппыт, кырдьык, ааҕааччы болҕомтотун тардыан тардар. Ол курдук, «Саха ыала» (саха ыалын олоҕун-дьаһаҕын, ситиһиитин, сүбэ-ама), «Эдэр саас» (ыччат күннээҕи түбүгэ, кэскиллээх санаата), «Манчаары» (хаһыатчыттар, айар куттаахтар үлэлэрин сырдатар, арыйар), «Кыһа» (үөрэхтээһиҥҥэ сонун сүүрээннэр, оскуола, орто анал, үрдүк анал үөрэх кыһаларын үлэлэрин сырдатыы) анал балаһалар ааҕааччы болҕомтотун тардаллар.

«Итии чэй» рубрикаҕа олоххо сонун көрүүлээх, ураты ситиһиилээх, үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйар сырдык толкуйдаах дьону кытта кэпсэтэбит, «Сонор суолугар»  булчуттар санааларын, булт-алт албастарын туһунан атастаһаллар. «Көлүөһэ үрдүгэр» — массыына көлөлөөх дьоҥҥо аналлаах, «Сүбэһит» — дьиэ ис-тас барааныттан саҕалаан, ас ырысыабар тиийэ ааҕыахха сөп. «Хараҥа хостоохпут», «Биэтэс Билээхэптээхпит». Быһата, киһи ааҕыан баҕарара барыта баар.

«Саха сирэ» хаһыаты сөбүлээн ааҕар дьон истэригэр «Саха» НКИХ тэлэбиидэнньэтин  туйгуна, «Норуот таптала» номинация хаһаайына Георгий Белоусов баар. Кини санаатын маннык үллэстэр:

Дьэ, онон, доҕоттор, «Саха сирэ» хаһыаты сурутуҥ, ааҕыҥ.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
9 октября
  • -8°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: