Георгий Бессонов: “Кырдьыгынан, дьиҥ олоххо баарыныы оонньуубун”

Георгий Бессонов: “Кырдьыгынан, дьиҥ олоххо баарыныы оонньуубун”

14.09.2024, 16:00
Хаартыска: Георгий Бессонов архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын, киинэ артыыһа Георгий Бессонов билигин Ямалга Арассыыйа киинэтигэр уһулла сылдьар. Сотору кэминэн кини сүрүн оруолга оонньообут “Чума” (режиссер Дмитрий Давыдов) киинэтэ көрөөччү дьүүлүгэр тахсаары турар. Төһө да солото суох буоллар, быыс булан, Георгийы кытта кэпсэттибит.

Георгий Кэбээйи улууһун Сиэгэн Күөлүгэр оскуоланы бүтэрбитэ. Кыра эрдэҕиттэн кэнсиэртэргэ, “Хотугу сулуска” монологтары ааҕар, сыаҥкаларга оонньуур этэ эрээри, артыыс буолар баҕата суох этэ. “Испэр улаханнык ылыммат этим, быраас буолуохпун баҕарарым”, — диэн кини кэпсиир.

Ол да буоллар, кылааһын салайааччыта Саргылаана Ивановна монолог аахтаран, улуустааҕы күрэстэргэ биллэн барбыта. Бу кэмҥэ “талааннаах уол” диэн таба көрбүттэрэ буолуо.

Ийэтэ Зоя Никитична саха тылын учуутала, оскуола дириэктэрэ, аҕата Ким Николаевич суоппар этэ, ону тэҥэ, байыаннай үөрэҕи үөрэтэрэ.

Онон уоллара культурология салаатыгар туттарсан киирбитигэр киһи сөҕөрө суох этэ. Ол сыл Лэгэнтэй, Сиэйэ Уола, уо. д.а. элбэх талааннаах оҕолор туттарсан киирбиттэрэ, онон эспэримиэн быһыытынан, фольклортан саҕалаан, араас хайысхаларынан араартаан, үөрэтэн саҕалаабыттара. Георгий СӨ норуодунай, үтүөлээх артыыһа Алексей Павлов саҥарар жанрын бөлөҕөр киирэн үөрэммитэ.

Ол устудьуоннуу сылдьыаҕыттан, оччолорго Көр-күлүү, сатира тыйаатырыгар (билигин Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра) үлэлэһэн барбыта, гостуруолларга сылдьара. 2006 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн баран, тыйаатырга артыыс быһыытынан киирбитэ уонна халбаҥнаабакка үлэлии сылдьар.

“Куһаҕан киһи” уобараһа

— Сыанаҕа сылдьарбын сөбүлүүбүн. Сүүрбэттэн тахса сыл буоллаҕа, сыанаҕа сылдьан көрөөччүнү кытта көстүбэт ситими, көрөөччү долгуйар-үөрэр иэйиитин билэбин. Ханнык баҕарар оруолу оонньуохпун сөп. Оҕо испэктээктэригэр, көннөрү чэчири тутан тахсыы да буоллун, көрдөөх-күлүүлээх да, сүрүн драматическай оруолларга да буоллун, араас оруолга киирэрбин, бэйэбин тургутарбын сөбүлүүбүн.

Биир уобараска хаайтарарбын сөбүлээбэппин. Сороҕор, ханнык эрэ оруол, холобур, романтическай уобарас сатаммат буоллаҕына, ол сатаабат өрүппүн сайыннара, тупсара сатыыбын, ол элбэх үлэттэн тахсар.

— Эйигин ордук киинэҕэ омсолоох оруоллары оонньообуккунан билэллэр, оннук биир уобарас иҥэн хаалара баар дуо?

— Куһаҕан да оруоллары ылынан, дьон итэҕэйэрин курдук, итэҕэтиилээхтик оонньоотоххуна, оннук санаа үөскээн хаалара буолуо. Онуоха сөпкө оонньообуппун диэн үөрэбин эрэ. Биирдэ улууска гостуруолга сылдьабыт. Артыыстары ыалларынан тарҕаталлар. Арай, миигин букатын ааттаабаттар, санаабар, кэтэһэ сатыыбын. Соҕотоҕун хаалан хааллым. Ыксааммын, кулууп үлэһититтэн ыйыттым. “Эйигин ким да ылыан баҕарбат”, — диэтэ. “Бай, ол тоҕо?” — олус соһуйдум. “Эйигиттэн куттаналлар”, — диир. Хайыай, кулууп үлэһитэ бэйэтин дьиэтигэр илтэ. “Олох да кимнээҕэр сымнаҕас, көнө киһи эбиккин дии!” — диэн буолбута. Дьэ, оннук буолан турар.

Оттон куһаҕан киһи уобараһын оонньуур киһи эмиэ наада ээ. Ол да буоллар, “антагонистан” тэйэн эрэбин, үксүн аккаастанар да буоллум, сааһырыы да баран эрэр. Кэнники кэмҥэ тоҕо эрэ аҕалары оонньуур буоллум. Үс киинэҕэ аҕа оруолун оонньоотум.

—“Чума” киинэҕэ эмиэ аҕа оруолун оонньуугун дии? Төһө ыарахан оруолуй?

— Миэхэ чэпчэки этэ. Уопут баар буоллаҕа. Уобараска киирэри-тахсары бэйэбэр наһаа күүскэ ылыммаппын, ыарырҕаппаппын. Субу буола турар түгэни ылынабын. Ити барыта уопуттан, өр сыллаах элбэх үлэттэн кэлэр. Уопсайынан, дьиэбэр уобараспын илдьэ кэлбэппин, хаалларабын, санааҕа, искэ илдьэ сылдьан баран, ыытан кэбиһэбин. Дьиэбэр күүскэ бэлэмнэммэппин, тиэкиһи тыйаатырга кэлэн үөрэтэбин. Сорох артыыстар тылларын, уобарастарын төбөлөрүгэр илдьэ сылдьаллар, ол олоххо мэһэйдиир буолуохтаах.

Ханна да сырыттарбын, омук сиригэр да буоллун, дьон туттарын-хаптарын, саҥарарын көрө, үөрэтэ сылдьабын. Туох эрэ уратыны, “фишканы” көрдөхпүнэ, ылынан, уобарас айарга туһанабын. Кырдьык кыыһырбыт, үөрбүт киһи сирэйэ уларыйара, хараҕа уоттанара — тута көстөр, оннук туругу тиэрдиэхтээххин. Артыыс сыала-соруга диэн — көрөөччү уобараскын ылыныахтаах, итэҕэйиэхтээх. Онон ис сүрэхтэн, кырдьыгынан, дьиҥ олоххо баарын курдук оонньооһун — артыыс быһыытынан, мин сыалым-соругум.

“Табыллыбатах да оруолум миэхэ көмөлөһөр”

— Ханнык оруолгун ордук сөбүлүүгүн?

— “Костюмер” диэн улахан испэктээккэ Костюмер Норман оруолун оонньообутум. Кини Артыыһы хайдах бүөбэйдээн, бэлэмнээн таһаарара, кулиса кэннинээҕи олох көстөр. Артыыһы Алексей Павлов бэйэтэ оонньообута. Испэктээк “Хаарыан хампа күөх кытылым” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ кыттан, “Бастыҥ эр киһи оруола” номинацияҕа тиксибитим. Артыыстар бэйэбит эйгэбит, кулиса кэннинээҕи олоҕу көрдөрөр буолан, ыарырҕаппатаҕым.

— Оттон киинэҕэ?

— Киинэҕэ балачча элбэх оруолга оонньоотум. Хас биирдии киинэ туспа тыыннаах, ыарахан да, үөрүүлээх да түгэннэрдээх. Барыларыгар кыһаллан, ис сүрэхпиттэн үлэлээтэҕим дии. Онон ылбычча этэр кыаҕым суох. Барыларын сөбүлүүбүн. Сороҕор табыллыбатах да оруолум миэхэ көмөлөһөр, сыыһалары көннөрөргө, чочуйарга кыах биэрэр. Өһүргэммэккэ, дьон сөпкө этэрин ылыныахха, чочуйуохха наада. Олус уопуттаах артыыспын дэммэппин, өссө да сатаабатым элбэх.

“Арассыыйаҕа алтыс бырайыагым”

— Билигин Ямалга Свердловскай киинэ устуудьуйата “Цинга” диэн киинэтигэр уһулла сылдьабын. Уһук хоту аҕабыыттар православнай итэҕэли тарҕата кэлэллэр. Мин ненец киһитин оонньуубун. Бу Арассыыйаҕа алтыс бырайыагым буолар. “Мосфильмҥа” дааннайдарым бааллар, миигин билэллэр, онон сөп буола-буола ыҥыраллар.

Павел Костомаров “Бансу” киинэтэ Алтайга уһуллубута. Сэбиэскэй Сойуустан Аляскаҕа сөмөлүөттэр көтөллөрүн туһунан. Онно шериф оруолун оонньообутум. Интэриэһинэй киинэ этэ эрээри, сааҥсыйа буолан, бобон кэбиспиттэрэ.

— Улахан устуудьуйаларга уһуллуу уратылаах дуо?

— Улахан араастаһыыта суох. Саха киинэтэ атаҕар туран, сайдан эрэр. Манна Москва оператордара кэлэн үлэлииллэр дии. Билигин саха киинэтин туһунан бары билэллэр. Сороҕор, кыра устуудьуйалар хамаанданан үлэлэрэ биһиэнинээҕэр мөлтөх буолааччы.

Саха киинэтэ сылтан сыл сайдан иһэр. Манна быраас курдук, үйэҥ тухары үөрэнэҕин. Тиэхиньикэ сыл аайы саҥардылла, уларыйа турар. Элбэх сиргэ сылдьан, үгүс бэстибээллэргэ кыттан, көрөн-истэн, сайдан, хаачыстыбаҕа үлэлиэххэ наада.

“Оҕолорбун хаһан да мөхпөппүн”

— Саха боростуой эр киһитэбин. Туох да улахан уратым суох, арай, үлэбин сөбүлүүбүн, талааны сайыннара сатыыбын. Ол көстөрө буолуо. Киһи быһыытынан сүрдээх боростуой киһибин. Дэриэбинэҕэ улааппыт буолан, бултуурбун, балыктыырбын сөбүлүүбүн. Улахан булка сылдьааччыбын. Саанан ытарбын сөбүлүүбүн, кыах баарынан, күрэхтэһиилэргэ кыттабын.

Биһиги 2005 сыллаахха ыал буолбуппут. Кэргэним Зоя Васильевна Хаҥалас 2‑с Дьөппөнүттэн төрүттээх, Покровскай оскуолатын, физическэй-тиэхиньиичэскэй институту бүтэрбитэ. ОДьКХ хайысхатынан үлэлиир. Ойохпун кытта ыллыыбыт, кэнсиэртэргэ кыттабыт. 3 оҕолоохпут. Улахан уолбут Эрсан устудьуон, улахан кыыспыт Уйгулаана 12 саастаах, кырабыт Айыллаана 6 саастаах.

Дьиэ кэргэнинэн массыынаҕа олордубут да, ыраах айанныырбытын, саҥа сирдэри арыйарбытын сөбүлүүбүт. Байкалга, Японскай муораҕа тиийбиппит, өссө да барыахпыт турдаҕа. Оҕо араас сири-дойдуну көрөн, дьону кытта алтыһан, сайдар, ыыра кэҥиир. Дьонтон толлубат, аһаҕас буолар. Оҕолорбун санааларын аһаҕастык этэллэригэр үөрэтэбин, ол дьону кытта алтыһарга, доҕордоһорго көмөлөһөр.

— Аҕа быһыытынан төһө ирдэбиллээххин?

— Ханнык баҕарар киһи оҕотун үчүгэйдик иитэ, сайыннара сатыыр. Уолбун тыаҕа, булка тэбис-тэҥҥэ илдьэ сылдьар, такайар этим. Оҕолорбут бары сахалыы ааттаахтар. Олус ирдэбиллээх, кытаанах аҕабын дэммэппин, хаһан да мөхпөппүн. Буруйданнахтарына да, мөхпүппүн өйдөөбөппүн. Оҕоҕо хаһыытаан туһа суох, майгытын эрэ алдьатаҕын. Хаһыытыыр буоллаххына, куттанар, ону эрэ саныыр, сабыллар.

Сыыстахтарына, ыйан-этэн, сүбэлээн биэрэбин. Эйигин истэрин курдук, тэҥнээх киһилии кэпсэтэн, кини санаатын истиэхтээххин. Түмүк оҥорорун, өйдүүрүн, ылынарын ситиһиэхтээххин.

— Кыргыттары иитии уратылаах дуо?

— Ол, дьэ, ити мин “мөлтүүр”, сымныыр өрүтүм… Кинилэри таптыахха эрэ наада. Сөбүгэр атаахтатаҕын эрээри, оҕо эйигин истэр, толлор, аҕа, ийэ диэн сыаналыыр буолуохтаах. Аҕа кыыска ордук чугас эрээри, оҕолорун барыларын тэҥҥэ таптыахтаах. Уол оҕону да кыратыгар син биир сыллыы, таптыы сылдьаҕын.

— Идэни талалларыгар көмөлөһөҕүн дуо?

— Хамсык иннинэ уолум омук дойдутугар үөрэнэрин туһунан толкуйдуур, ыйыталаһар этим. Кыратыттан английскай тылы күүскэ үөрэппитэ, Кипргэ 1 сыл үөрэнэн кэлбитэ. Билигин Москваҕа IT-программист үөрэҕэр киирдэ. Английскай тылы үөрэппитэ онно эмиэ туһалыыр. Олохпут сайдан иһэр, IT-хайысха өссө балысханнык сайдан иһиэ. Улахан кыыс үчүгэйдик уруһуйдуур, туспа истииллээх. Ойуулуктары уруһуйдуур, бэйэтин көрдөнөр. Оҕоҕо көҥүл биэрэн, дьоҕурун сайыннарар кыах биэрэбит. “Онно барыһа суох, барыма” диэбэппит. Көрдөххө, өйдөөх баҕайы оҕолор үчүгэй үөрэҕи бүтэрэн баран, идэлэринэн үлэлээбэттэр дии. Онон ханна тардыһалларынан, сүрэхтэрэ сөбүлүүрүнэн сайыннара, туох наадатын ылан биэрэ сатыыбыт. Киһи үлэтин, идэтин астынар, сөбүлүүр эрэ буоллаҕына, сайдар, ситиһиилэнэр. Олох кистэлэҥэ — ол.

+1
42
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: