Салгыы
Георгий Куркутов: «Бу Саха сирин устуоруйатыгар буолбатах түгэн»

Георгий Куркутов: «Бу Саха сирин устуоруйатыгар буолбатах түгэн»

04.11.2024, 15:35
Сайаана Львова хаартыската
Бөлөххө киир:

Бүгүн, сэтинньи 4 күнүгэр – Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр, Фашизмы утары II пуорум чэрчитинэн араас тэрээһиннэр буолаллар. Бүгүҥҥү тэрээһиннэр тустарынан Донбасска көмөлөһөр уонна өйүүр Хотугулуу-илиҥҥи пуонда салайааччыта, фашизмы утары пуорум тэрийэр кэмитиэтин чилиэнэ Георгий Куркутов санаатын үллэһиннэ:

— Бүгүҥҥү икки улахан тэрээһиммитигэр – Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн уонна Фашизмы утары пуорум чэрчитинэн, биһиги өрөспүүбүлүкэбит салалтатын ыҥырыытын ылынан генерал-лейтенант Роман Греков бэйэтинэн кэлэн кытта сылдьар. Бу Саха сирин устуоруйатыгар буолбатах түгэн диэн бэлиэтиэххэ наада. Кинини кытары байыаннай эппиһиэрдэр, «Мы есть мы» вокальнай-инструментальнай анасаамбыл кэллэ. Ону тэҥэ биһиги бэйэбит уолаттарбыт, Аҕа дойдуну көмсүкээччилэрбит, анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар бастыҥ байыастарбыт кэллилэр. Бу байыастарбытын дьонноро-сэргэлэрэ көрөн олордохторуна наҕараадалаары, чиэстээри уонна түгэнинэн туһанан уоппускаҕа ыытаары дойдуларыгар илдьэ кэллилэр.

Биһиги үһүс бөлөхпүт, атын бөлөхтөр эмиэ пуорум чэрчитинэн үлэлии сылдьаллар. Бу фашизмы утары пуорум олус улахан суолталаах. Биһиги өссө тугу үлэлиэхпитин сөбүн, ханнык кыһалҕалар баалларын уонна хайдах бэрээдэктэхтик үлэлиирбитин эмиэ бу пуорум түмүгүнэн быһаарсыахтаахпыт.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
5
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: