Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын өттүнэн удьуор утумунан бэриллибит.
Уус Алдан Сыырдааҕыттан төрүттээх эдэр киһи айылҕаттан айдарыылаах төрүттэрэ ааспыт үйэҕэ таҥара дьиэлэрин тэриллэрин, киэргэллэрин, кириэстэрин, дьон көрдөһүүтүнэн киһи уҥуохтарын оҥоһуктарын бэлэмнииллэр эбит.
Бүгүн хаһыаппыт “Сатабыл” рубрикатын ыалдьыта – СӨ уустарын сойууһун чилиэнэ, араас таһымнаах быыстапкаларга хаардыы хааман кыайар тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус.
– Георгий, тимири уһаарыы курдук уустук дьыалаҕа, арааһа, киһи олох кыра эрдэҕиттэн уһуйулуннаҕына эрэ, эн сааскар ааттаах-суоллаах тимир ууһа буолара буолуо?
– Оннук эбит. Аҕам Афанасий Петрович Олесов миигин биэс сааспыттан тимири кытта бодьуустаһарга уһуйбута. Бэйэтэ удьуорунан бэриллибит уус буолан, бу дьарыга суох табыллыбат этэ. Ол да иһин биир да быыстапканы көтүппэт, өрөспүүбүлүкэтээҕи үгүс быыстапкаларын кыайыылаахтара буолар. Москваҕа олорор бииргэ төрөөбүт убайым Альберт Олесов эмиэ идэтийбит тимир ууһа. Кини Москваҕа ыытыллыбыт «Клинок – традиции и современность» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы 37-с быыстапка кыайыылааҕынан буолар.
– Эн сүрүннээн быһаҕы оҥоруунан дьарыктанар эбиккин. Дьэ, онон, тимир ууһа, быһах оҥорор кистэлэҥҥиттэн “сэгэтэн” арыйан биэриэҥ буолаарай?
– Үлэм тимири чочуйууттан саҕаланар. Онтон укка олордуу, кыыны тигии түһүмэҕэ кэлэр. Үстүү-түөртүү быһах тэҥинэн нэдиэлэни быһа оҥоһуллар буолан, бытаан үлэ. Билигин таптайар, сытыылыыр, сыһыарар ыстаныактардаахпын. 2000 кыраадыска тиийэ ититэр күөрдү аҕам кэлэн оҥорон, халыҥ тирииттэн, оҕус кутуругуттан, тирииттэн кыыннаах быһахтары, анньыыны уһанабын. Сылгыһыт, булчут дьоҥҥо ыксаллаах түгэҥҥэ сиэмэх кыыллартан көмүскэнэргэ аналлаах анньыы, сүгэ буолар батыйаны эмиэ оҥоробун. Аммаҕа “Олоҥхо” эргиэн киинин атыыласпытым. Онно кэннигэр гараастаах этэ. Ол дьиэни уһанар кыһа оҥостубутум. Уус кыһатын үөрүүлээхтик арыйыыга сиэр-туом ыыппытым. Онно Мандар Уус уһуйбут аатырбыт ууһа Сарыал Билюкин аат ааттаан кэлэн, алгыһын анаабыта. Амма улууһун аттаах-суоллаах уустара, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова, култуура управлениетын салайааччы Иван Иванов, улуус тимир уустарын түмсүүтүн салайааччы Роман Алексеев кыттыыны ылан, сүргэбин көтөхпүттэрэ, айар үлэбин кынаттаабыттара. Бу дьоммор өйөбүл буолбуттарыгар махталым муҥура суох.
Күн аайы үлэлииргэ бокуой суох. Тенниһинэн дьарыктанабын, онно күрэхтэһиилэргэ бэлэмнэнэбин. Кэргэмминээн бэйэбит маҕаһыыннаах урбаанньыттарбыт, онно сүүрэбит-көтөбүт. Иллэҥ кэм көһүннэр эрэ, 14 уонна 7 саастаах уолаттарбын кытта таптыыр дьарыкпар аныыбын. Үлэлиир дьиэлэнэн абыранным. Тимир ууһа – уустук идэ. Төһө да уопутурбутум иһин, уһанар кэммэр син биир аҕабыттан уонна убайбыттан ымпыгар-чымпыгар тиийэ сүбэлэтэ олоробун. Биилээҕи уһанарым быһыытынан, быһахпар “саҥа хаһаайыҥҥар хайҕабылы ыла сырыт” диэн алгыспын иҥэрэбин. Онон мин илиибиттэн саха сиэрэ-туома барыта тутуһуллубут быһахтар чочуллан тахсаллар.
– Араас быыстапкаларга өрүү кыттар буоллаҕыҥ?
– Быыстапка – уус киһиэхэ бырааһынньык. Сыл аайы “Дархан Уус” быыстапкаҕа кыттабын. Быһахпын онно батаран кэлэбин. Бу өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкаҕа кыттыым миэхэ үгүһү биэрэр – уопуттаах уустар үлэлэрин анаан билсэбин. Быыстапкаларга, күрэхтэһиилэргэ араас номинациялары олохтууллара – уустары бары өттүнэн өйүүр, саҥаны, үйэлээҕи айарга тирэҕинэн буолар. Холобур, “Бастыҥ дизайн” номинация сонун көрүүлэргэ сирдээбитэ.
– Матырыйаалгын хантан ылаҕын? Уопсайынан, төһө элбэх быһаҕы оҥордуҥ?
– Матырыйаалы куораттан атыылаһабын. Таптайыыга барыта барсар: “нержавейка”, боростуой тимир, углерода элбэх тимир. Амма тимириттэн, болгуоттан эмиэ таптайабын.
Төһө быһаҕы оҥорбуппун бэлиэтэммэппин ээ. Төһө буоллаҕа буолла? Хас да сылы быһа 300-400 быһаҕы атыылаатаҕым буолуо. Биллэн турар, сүрүн болҕомто быһаҕы сытыылыырга ууруллар. Араас ыстаныактарга сытыылыыбын. 10-15 мүнүүтэ барар. Сүрүннээн алмаас диискэлээх ыстаныакка үлэлиибин. Быһаҕым уһулуччу буоларыгар кыһаллан, чааһы быһа олоробун. Бэйэтэ туспа медитация. “Син биир атыыланыа” диэн буолбакка, олох хас биирдии быһахха дууһабын ууран оҥоробун.
… Ити курдук, биир дойдулаахтара бэлиэтииллэринэн, айылҕаттан айдарыылаах, Майаҕатта Бэрт Хараттан тардыылаах Мүрү эбэ кытылын Майаҕас уонна Сыырдаах ыччата, уус удьуордаах айылгытынан ис кыахтаах, күүстээх сүрүннээх, сиэрдээх сэмэй майгылаах эдэр уус, биэс оҕолоох дьоллоох ыал аҕата Георгий Олесов сарсыҥҥыта инникилээх. Ааттыын да Дьулус-Уус буоллаҕа!
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…
Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…