Хаартыска: Photo by form PxHere
Мин күнү-дьылы, айылҕаны уруккуттан кэтээн көрөбүн. Урукку сыллары кытары тэҥнээн көрөн бараммын, быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны улахан халаан уута кэлэр кутталлаах диэн түмүккэ кэллим. Былырыын күһүн тохтоло суох ардах түһэн, сир-дойду ууга барбыта, инньэ гынан өрүс тоҥуон иннинэ хаһааҥҥытааҕар да толору этэ.
Итиэннэ сэттинньигэ диэри үөһээттэн өрүскэ уу сүүрүгүрэ сыппыта, ол иһин былырыын өрүс хойут тоҥмута. Аны ааспыт күһүн хаар чараас буолан, өрүс мууһа халыҥаан, быйыл улахан харыылар буолуохтарын сөп дии саныыбын. Ол аата арыылары барыларын кэриэтэ уу олоччу ылыа, намыһах сиргэ турар дэриэбинэлэр ууга барар кутталлара үөскүүр.
Мин санаабар, ол иһин, олохтоох салалталар эрдэттэн дьону көһөрөр эвакуационнай пууннары тэрийэн, көһөртөөн бэлэмнэниэхтэрин наада.
Аны сааскы халаан саҕана булчуттар ууга түһүүлэрэ сыл аайы хатыланар. Быйыл арыылар ууга барар кутталлаахтарынан сибээстээн, киин улуустарга кустааһыны ыам ыйын ортотуттан бобуохха наада. Ол эбэтэр, кустааһын болдьоҕун ыам ыйын 5-14 күннэригэр олохтуохха сөп.
Килиимэт уларыйан, сыл аайы сылыйа турар. Быйыл хаһааҥҥытааҕар да эрдэ ардаата. Соторутааҕыта социальнай ситиминэн Сунтаарга көҕөнү бултаабыттарын туһунан тарҕанна, онон сылыктаатахха кус-хаас эрдэ кэлиэ. Онон кустааһын болдьоҕун хаттаан көрүөххэ баара, уларыйбатаҕа уонтан тахса сыл буолла. Кус маассабай көтүүтэ киин улуустарга ыам ыйын 5-7 күннэригэр буолар. Оттон биһиги булчуттарбыт ити кэмҥэ кустууллара бобуулаах.
Кэнники сылларга киин улуустарга күһүн кус аҕыйыыр дэһэллэр. Ол биричиинэтинэн сааскы куһу ыам ыйын 21-гэр көҥүллээһин буолар дии саныыбын. Оруобуна ити кэмҥэ манна сымыыттыы хаалыахтаах кустары мээнэ ытыалаан, сороҕун өлөрөн эбэтэр хоту кыйдаан кэбиһэллэр. Ити барыта кустааһын болдьоҕуттан тутулуктаах, онон көһөрөн биэриэххэ наада.
Георгий Слепцов,
Нам улууһа
Изаҕа отучча сыл анараа өттүгэр түөрт оҕолонуоҥ диэбиттэрэ буоллар, итэҕэйэрэ саарбах. Оччолорго уолаттар куттарын туппут,…
Битэмииннээх утах - тумууну, кирииби сэрэтиигэ күүстээх «көмөлөһөөччү». Утах сүрүн кистэлэҥэ битэмиинэ уонна антиоксидана дэлэйигэр…
СӨ Урбаан, эргиэн уонна туризм министиэристибэтин чахчытынан, б.дь. сэтинньи 1 күнүнээҕи туругунан, аччыгый уонна дьоҕус…
Соторутааҕыта саха тэлэбиидэнньэтигэр “Айкуо” диэн саҥа сэрийээл көстөн бүттэ. Сэрийээлгэ аныгы устудьуоннар олохторо, кыһалҕалара көстөр.…
Атамайга нэһилиэк олохтоохторун уонна оскуола үөрэнээччилэрин кытта истиҥ көрсүһүү буолла. СӨ Ытык сүбэтин чилиэнэ, СӨ…
Сэтинньи 18-25 күннэригэр Дьокуускай куоракка А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр норуот маастара, утум уус…