Георгий Софронов наартаны ойууга Саха сирин саҥа рекордун олохтоото
28.09.2022, 16:21
Бөлөххө киир:
- Чечня киин куоратыгар Грознайга устудьуоннар буоксаҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэригэр М.К. Аммосов аатынан ХИФУ үөрэнэр Сунтаар ыччата Арчын Пустоляков 67 кг үрүҥ көмүс, 57 кг Василий Иванов боруонса мэтээллэннилэр.
- Дагестаҥҥа көҥүл тустууга түмүктэммит Арассыыйа бэтэрээннэрин чөмпүйэнээтигэр Сахабыт сирин тустууктара аҕыс мэтээллэннилэр. Ол иһигэр, саастарынан бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр Прокопий Петров, Михаил Захаров, Вадим Данилов кыһыл көмүс, Терентий Халгаев, Ефрем Ефремов үрүҥ көмүс, Виктор Черкашин, Василий Шепелев, Николай Баттахов боруонса мэтээли ылаттаатылар.
- Казахстаҥҥа буолан ааспыт 30 омук дойдулара кыттыылаах “Алма-Аты” 21 км марафонугар Кыргызстан аатыттан кыттыбыт Сардаана Трофимова 1 ч 12 мүн көрдөрүүлээх чөмпүйүөн үрдүк аатын ылары ситистэ.
- Благовещенскайга буулдьанан ытыыга Амурскай уобалас чөмпүйэнээтигэр бэстилиэтинэн ытыыга Сахабыт сирин бэргэн ытааччылара пьедестал үктэллэригэр үһүөннэригэр таҕыстылар. Дьокуускайга эрчиллэр Мария Егорова бастаата, Евдокия Каторгина иккис, Мэҥэ-Хаҥаластан Айталина Колесова үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.
- Сочи Адлер куоратыгар буола турар бэтэрээннэр чэпчэки атлетикаҕа чөмпүйэнээттэрин маҥнайгы күнүгэр Саха сирин быһыйдара 12 мэтээллэннилэр. Полина Слободчикова, Валентина Доргуева 5 км сиргэ сүүрүүгэ уонна Александр Новгородов 5 км хаалыктаах (скандинавскай) хаамыыга кыһыл көмүс мэтээллэргэ тигистилэр. Ион Васильев, Степан Лыткин, Ирина Дегтярева, Мария Неустроева 5 км сүүрүүгэ үрүҥ көмүс, Анастасия Кривошапкина, Анастасия Колесова, Владимир Алексеев уһуну ойууга, Евдокия Каженкина, Ирина Софронова хаалыктаах (скандинавскай) хаамыыга эмиэ боруонса мэтээллэри ыллылар.
- Дьокуускай куоракка түмүктэммит өрөспүүбүлүкэ хотугу многоборьеҕа чөмпүйэнээтигэр Өймөкөөн ыччата Георгий Софронов 1010 наартаны нөҥүө ойон, Саха сирин саҥа рекордун олохтоото.
Баһылай Посельскай, Дьокуускай.
Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: