Георгий Степанов: “Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр 89 тыһ. тахса өйөбүл оҥоһуллубут”

Share

Саха сиригэр анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр аадырыстаах көмө үлэтэ салҕанар. Бу үлэ өрөспүүбүлүкэ баһылыгын ураты болҕомтотугар сылдьар.

СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов ахсынньы 25 күнүнээҕи брифиҥҥэ иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр 89 тыһ. тахса көмө оҥоһуллубут.

“Итинтэн 55 тыһ. тахса төлөбүр, чэпчэтии уонна араас социальнай-олох-дьаһах өҥөтүн быһыытынан муниципальнай таһымҥа оҥоһулунна. 71 тыһ. тахса эбэтэр көмө уопсай ахсааныттан 80%  байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин чилиэнигэр оҥоһуллубут, ол иһигэр оҕолорго – 11 549”, — диэн Георгий Степанов бэлиэтээтэ.

Бу үлэ иитинэн анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕын 78 дьиэ кэргэнигэр олорор дьиэлэрин гаастааһыҥҥа харчынан көмө, байыаннай сулууспалаах 197 төрөппүтэ санаторнай-курортнай эмтэниигэ көмө ылбыт, 212 дьиэ кэргэн чилиэнэ – байыаннай сулууспалаах эмтэнэр сиригэр барарга харчынан көмө. Мэдиссинэ көмөтө 1196 байыаннай сулууспалаахха уонна 1928 кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэнигэр оҥоһуллубут. Доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы тэрилтэлэригэр анал байыаннай эпэрээссийэ 406 кыттыылааҕа уонна 743 байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин чилиэнэ доруобуйатын чөлүгэр түһэриини ааспыт.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

4 часа ago