Салгыы
Георгий Степанов: «Байыастар оҕолоро устудьуон буоллулар»

Георгий Степанов: «Байыастар оҕолоро устудьуон буоллулар»

11.09.2023, 13:46
Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ үрдүк, орто үөрэх кыһаларыгар устудьуоннары ылыы хампаанньата түмүктэннэ. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэх кыһаларыгар  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 162 оҕолоро ураты усулуобуйанан үөрэххэ киирдилэр диэн иһитиннэрдэ.

— Ол курдук, 89 оҕо орто анал, 73 оҕо үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирдилэр. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыттан 12 киһи устудьуон буолла. Кинилэртэн 3 киһи орто анал, 9 киһи үрдүк үөрэххэ киирдилэр. Онтон байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро уруккуттан  үөрэнэ сылдьар буоллахтарына, кинилэри тус сыаллаах үөрэххэ көһөрөллөр, үрдэтиллибит истипиэндьийэни аныыллар, — диэн кини эттэ.

Саха сиригэр  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар улахан болҕомто ууруллар. Уһуйааннарга төрөппүт төлөбүрүттэн босхолоноллор — бу көмө миэрэтинэн 1415 төрөппүт туһанар.

Чэбдигирдэр лааҕырдарга босхо путевкалары биэрэллэр. Бу сайын 1823 оҕо маннык путевканан туһанан, лааҕырдарга сынньанна. Ону тэҥэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар, 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр босхо итии аһылык тэриллэр. Билиҥҥитэ 1240 оҕо бу көмөнөн туһанар.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: