Бу күннэргэ үрдүк, орто үөрэх кыһаларыгар устудьуоннары ылыы хампаанньата түмүктэннэ. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэх кыһаларыгар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 162 оҕолоро ураты усулуобуйанан үөрэххэ киирдилэр диэн иһитиннэрдэ.
— Ол курдук, 89 оҕо орто анал, 73 оҕо үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирдилэр. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыттан 12 киһи устудьуон буолла. Кинилэртэн 3 киһи орто анал, 9 киһи үрдүк үөрэххэ киирдилэр. Онтон байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро уруккуттан үөрэнэ сылдьар буоллахтарына, кинилэри тус сыаллаах үөрэххэ көһөрөллөр, үрдэтиллибит истипиэндьийэни аныыллар, — диэн кини эттэ.
Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар улахан болҕомто ууруллар. Уһуйааннарга төрөппүт төлөбүрүттэн босхолоноллор — бу көмө миэрэтинэн 1415 төрөппүт туһанар.
Чэбдигирдэр лааҕырдарга босхо путевкалары биэрэллэр. Бу сайын 1823 оҕо маннык путевканан туһанан, лааҕырдарга сынньанна. Ону тэҥэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар, 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр босхо итии аһылык тэриллэр. Билиҥҥитэ 1240 оҕо бу көмөнөн туһанар.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…
Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха, суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…
Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…
Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…
Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…