Георгий Степанов: байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл миэрэлэр тустарынан

Share

Георгий Степанов байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан  ыытыллар өйөбүл миэрэлэр тустарынан кэпсээтэ.

Бүгүҥҥү күн туругунанбайыаннай сулууспалаахтар төрөппүттэрэ — 59  киһи санаторнай-курортнай эмтэниигэ көмөнөн туһанна. Оттон 113 киһи (чугас дьонноро) байыас эмтэнэр сиригэр тиийэргэ материальнай көмөнү ыллылар. Дьоҥҥо биир саамай наадалаах өйөбүлүнэн дьиэлэрин гастааһын боппуруоһа буолар. Манан 37 ыал туһанна, — диир брифиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов.

Вице-премьер байыаннай дьайыы кыттыылааҕын оҕотугар өйөбүл миэрэлэр тустарынан боппуруоска тохтоото. Кини оҕолор доруобуйаларын чэбдигирдэр лааҕырдарга 1 811 оҕоҕо босхо путевка бэриллибит. «Өйөбүл бу миэрэтэ бүгүҥҥү күҥҥэ ордук суолталанан турар«, — диэн бэлиэтиир кини. Маны сэргэ, 1 387 кырачаан оҕо саадыгар төлөбүртэн, бэһистэн уон биирис кылааска диэри үөрэнэр 1 232 оҕо ааспыт үөрэх дьылыгар оскуолаҕа босхо аһылыгынан хааччыллыбыттар.

Билигин орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар туттарсан киирии хампаанньата бара турарынан бу боппуруоһу эмиэ сырдатта. Ол курдук, байыаннай дьайыы кыттыылааҕын оҕотун кытта тус сыаллаах үрдүк уонна орто анал үөрэхтэргэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар үөрэнэргэ 125 дуогабар түһэрсиллибит.

Сиһилии манна https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3363325 ааҕыҥ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга 4 сулустаах гостиница тутуллуоҕа

Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баччаларга сэрэнэн-сэрбэнэн, чуумпутук сылдьарбыт

Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…

42 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Зонтигы ким айбытай?

Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр

Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

2 часа ago