Георгий Степанов: «Дьиэҕэ төннүү» диэн улахан бырайыак саҕаланна»
Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара, уопсастыбаннай тэрилтэлэр бииргэ көдьүүстээхтик үлэлииллэрин тэрийиигэ «Дьиэҕэ төннүү» диэн ааттаах сэминээр буола турар.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара дьиэлэригэр төннүүлэрэ биэдэмэстибэлэр икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһини күүһүрдэри эрэйэр диэн сэминээргэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдэээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов санаатын үллэстэр:
— Бүгүн биһиэхэ Уһук Илиҥҥэ дойду бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ көҕүлээһининэн Социальнай көҕүлээһиннэр сайдыыларын пуондатын тэрээһининэн, «Дьиэҕэ төннүү» диэн улахан бырайыак саҕаланна. Биһиги манна өрөспүүбүлүкэ муниципалитеттар салалталарын, социальнай тэрилтэлэр салайааччыларын, психологтары, уопасастыбаннай тэрилтэлэри ыҥырдыбыт. Биһиги байыастарбыт кыайыы көтөллөөх төннөн кэлэллэригэр бэлэм буолуохтаахпытын ситиһэр сыалтан, элбэх тэрилтэ сүбэлэрин холбоон көдьүүстээх үлэни тэрийэллэрин ситиһиэхтээхпит. Маннык сэминээрдэр Уһук Илин уокурук бары эрэгийиэннэригэр буолуохтаахтар. Соторутааҕыта Амур уобалаһыгар маннык сэминээр буолан ааспыта, бүгүн биһиги кинилэр уопуттарын, туох саҥа ньымалары киллэрэллэрин истиэхпит. Дьиэнэн хааччыйыы буоллун, социальнай көмө, доруобуйаларын чөлүгэр түһэрии буоллун, мэдиссиинэ көмөтө буоллун, элбэх үлэ күүтэр. Бүгүн бу сэминээргэ бары улуустарбытыттан дьаһалталар уонна тустаах тэрилтэлэр салайааччылара видеоконференц-сибээһинэн эмиэ кытталлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: