Георгий Степанов: «Өйөбүл саҥа демографическай миэрэтэ кэмигэр таҕыста»

Share

Саха сирин Ил Дарханын Айсен Николаев Анал этиитин туһунан өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов санаатын үллэһиннэ.

Вице-премьер Ил Дархан Анал туһаайыытыгар ураты болҕомтотун өрөспүүбүлүкэҕэ баар демографическай ситиһиилэри түһэрбэт буолууга уурда диэн бэлиэтээтэ.

«Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ Уһук Илиҥҥэ төрөөһүҥҥэ саамай үрдүк көрдөрүүлээх. Биһиги бу хайысхаҕа дойду сэттэ бастыҥ эрэгийиэнин иһигэр киирсэбит. Ол эрээри төрөөһүн түмүллүбүт коэффициена биһиэхэ уонна дойдуга бүттүүнүгэр да түһэ турарын бэлиэтиибит. Ол иһин өрөспүүбүлүкэ баһылыга олох кэмигэр өйөбүл саҥа миэрэтин биллэрдэ дии саныыбын, манна олоҕуран Айсен Сергеевич 4-с уонна онтон өссө күн сирин көрөр оҕолордоох ыалга эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын аныырга эттэ»,— диэтэ Георгий Степанов.

Бэрэссэдээтэли солбуйааччы бүгүн элбэх оҕолоох ыаллары өйөөһүн систиэмэтэ үчүгэйдик үлэлиирин бэлиэтээтэ. Ол иһин кини саҥа миэрэни социальнай буолбакка, туох-ханнык иннинэ демографическай буолар диэн сыаналаата.

«Ил Дархан киллэрбит этиитин өйөбүл демографическай миэрэтин курдук ылыныахха дии саныыбын, бу биһиги дьиэ кэргэттэрбитин түөрт уонна онтон элбэх оҕолонууга көҕүлүөҕэ. Уонна Ил Дархан бэлиэтээьитин курдук, билиҥҥи кэмҥэ маннык быһаарыныыны ылыныы гражданскай хорсун быһыынан буолар»,— диэтэ Георгий Степанов.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Владимир Путин Уһук Илиҥҥи уонна Арктика ипотеката оннунан хааларын эттэ

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эпиир кэмигэр билиҥҥитэ Арктика эрэгийиэннэригэр куораттары биирдиилээн сайыннарыы бырагыраамата үлэлиирин,…

23 секунды ago
  • Сонуннар

Василий Миронов: «Ийэ дойдуну көмүскээччи сылыгар «Дьоруойдар кэмнэрэ» бырагырааманан үлэлиэхпит»

СӨ Аҕа баһылыгын иһинэн үлэлиир инновационнай менеджмент Үрдүкү оскуолатын ректора Василий Миронов дойду Аҕа баһылыгын…

2 минуты ago
  • Сонуннар

Владимир Путин: «Төрөөһүн көрдөрүүтүн көннөрүөхпүтүн наада!»

Бэрэсидьиэн Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэ быһа эпииригэр демография боппуруоһун тумнубата. Арассыыйаҕа икки төгүл төрөөһүн улаханнык түһэ…

19 минут ago
  • Сонуннар

Арктикаҕа бииргэ үлэлээтэххэ эрэ түмүктээх дьыала ситиһиллиэ

Константин Роббек, аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттар бырааптарыгар боломуочунай: -- Ил Дархан туһаайан этиитин…

30 минут ago
  • Сонуннар

Бэрэсидьиэнтэн биэс оҕолоох ийэ ыйытар

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эпиирин кэмигэр Сургуттан биэс оҕолоох ийэ, биир оҕото инбэлиитин, былырыын…

32 минуты ago
  • Сонуннар

Владимир Путин: «Дойдуга эккэ наадыйыы икки төгүл улаатта»

Дойдуга хамнас төһө да үрдээтэр, сыананы сиппэтин туһунан Арассыыйа олохтоохторо суруйаллар. Ол иһин, сыана үрдүүрүн…

51 минута ago