Гепатиты утары охсуһуу нэдиэлэтэ саҕаланна
Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһа Гепато-киинин быраастара от ыйын 28 күнүгэр бэлиэтэнэр Гепатиты утары охсуһуу Бүтүн аан дойдутааҕы күнүн көрсө Ыарыыны сэрэтии нэдиэлэтин ыыталлар.
Килиниичэскэй балыыһа баазатыгар баар Гепатология киинэ 2021 сылтан үлэтин саҕалаабыта. Киин күнүскү стационарыгар С уонна Дельта вируснай хроническай гепатиттаах ыарыһахтарга вируһу утары терапия оҥоһуллар. Манна 2021 сылтан ыла С уонна Д гепатиттаах 900-тэн тахса киһи эмтэннэ.
— Вируһу утары терапияны ылар туһугар аан бастаан поликлиникаттан анаалыс түмүктэрдээх быыпысканы аҕалыахха уонна күүтүү лииһигэр суруйтарыахха наада. Вирус актыыбынаһыгар ПЦР анаалыс, ис көҥдөйүн уорганнарыгар УЗИ уонна ФГДС түмүктэрэ баар буолуохтаахтар. Вируһу утары терапия ПЦР “положительнай” түмүгэр ананар, онтон быар эластометрията быар фиброһун истиэпэнин быһаарарга наадалаах, — диэн балыыһа бырааһа Анна Дьяконова кэпсиир.
Билигин С гепатиты эмтээһин схемалара күүскэ сайдаллар, 1990-с сыллар саҥаларыгар, 2000-с сылларга С гепатит эмтэниллибэтинэн ааҕыллар буоллаҕына, билигин эмтэниллэр гепатикка киирсэр.
— Биһиги Арассыыйа эмтиир схематынан уонна аан дойдуга барытыгар туһаныллар омук препараттарынан эмтиибит. Иһэргэ табыгастаах табылыаккалары ыарыһах күҥҥэ биирдэр-иккитэ иһэр (быраас хайдах аныырыттан, холобур, 2-3 ый устата). Препараттар атын содуллара суоҕун кэриэтэлэр. Ыарыһах эмтэнэн баран, 3 ыйынан ПЦР хонтуруолунай анаалыһын туттарар уонна вирус актыыбынаһыгар ПЦР “отрицательнай” буолбута ыарыһах үтүөрбүтүн туоһулуур.
— Дельта гепатиты эмтээһин туһунан этэр буоллахха, билигин аан дойдуга Дельта гепатикка дьайар биир эрэ препарат баар. Ол «Булевиртид» («Мирклудекс») препараты күн аайы инъекция быһыытынан ылыллар, биир эбэтэр онтон өр сыл эмтэниэххэ сөп. Терапия анаалыстары хонтуруоллааһыны кытары дьүөрэлии оҥоһуллар. Ол эбэтэр ыарыһах ый аайы биһиэхэ кэлэн анаалыс туттарыахтаах. С уонна Дельта гепатит вируһун утары терапиянан биһиги сытар балыыһабыт эрэ буолбакка, Дьокуускай куорат атын да мэдиссииниҕэ тэрилтэлэрэ уонна улуустааҕы балыыһалар дьарыктаналлар”, — диэн Анна Иннокентьевна эбэн эттэ.
Бу нэдиэлэ устата Гепато-киин быраастара сонуну киэҥник тарҕатар сириэситибэлэргэ күүскэ сырдатыахтара. Киин исписэлиистэригэр Стадухин уулуссатын 81, 5 куорпуһугар кэлэн көрдөрүнүөххэ эбэтэр олорор сиргинэн инфекционист-быраас ыытыан сөп.
Зоя ИГНАТЬЕВА.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: