Гепатиты утары охсуһуу: С гепатиттан сэрэнэргэ биэс сүбэ
Дьокуускай куоракка Өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһа баазатыгар баар Гепатология киинэ 2021 сылтан үлэтин саҕалаабыта. Киин күнүскү стационарыгар ааһан-араҕан биэрбэт (хроническай) С уонна Дельта вируснай гепатиттаах ыарыһахтарга вируһу утары терапия оҥоһуллар. Манна 2021 сылтан ыла С уонна Д гепатиттаах 900-тэн тахса киһи эмтэннэ.
– Вируһу утары терапияны ыларга аан бастаан поликлиникаттан анаалыс түмүктэрдээх быыпысканы аҕалыахха уонна күүтүү лииһигэр суруйтарыахха наада. Вирус актыыбынаһыгар ПЦР анаалыс, ис көҥдөйүн уорганнарыгар УЗИ уонна ФГДС түмүктэрэ баар буолуохтаахтар. Вируһу утары терапия ПЦР «положительнай» түмүгэр ананар, онтон быар эластометрията быар фиброһун истиэпэнин быһаарарга наадалаах, – диэн балыыһа бырааһа Анна Дьяконова кэпсиир.
Билигин С гепатиты эмтээһин схемалара күүскэ сайдаллар, 1990-с сыллар саҥаларыгар, 2000-с сылларга С гепатит эмтэниллибэтинэн ааҕыллар буоллаҕына, билигин эмтэниллэр гепатикка киирсэр.
«Биһиги Арассыыйа схематынан уонна аан дойдуга барытыгар туһаныллар омук препараттарынан эмтиибит. Иһэргэ табыгастаах табылыаккалары ыарыһах күҥҥэ биирдэ-иккитэ иһэр (быраас хайдах аныырыттан, холобур, 2-3 ый устата). Препараттар атын содуллара суоҕун кэриэтэлэр. Ыарыһах эмтэнэн баран, 3 ыйынан ПЦР хонтуруолунай анаалыһын туттарар уонна вирус актыыбынаһыгар ПЦР «отрицательнай» буолбута ыарыһах үтүөрбүтүн туоһулуур.
Дельта гепатиты эмтээһин туһунан этэр буоллахха, билигин аан дойдуга дельта гепатикка дьайар биир эрэ препарат баар. Ол «Булевиртид» («Мирклудекс») препараты күн аайы инъекция быһыытынан ылыллар, биир эбэтэр онтон өр сыл эмтэниэххэ сөп. Терапия анаалыстары хонтуруоллааһыны кытары дьүөрэлии оҥоһуллар. Ол эбэтэр ыарыһах ый аайы биһиэхэ кэлэн анаалыс туттарыахтаах. С уонна Дельта гепатит вируһун утары терапиянан биһиги сытар балыыһабыт эрэ буолбакка, Дьокуускай куорат атын да мэдиссииниҕэ тэрилтэлэрэ уонна улуустааҕы балыыһалар дьарыктаналлар», – диэн Анна Иннокентьевна кэпсиир.
Киин исписэлиистэригэр Стадухин уулуссатын 81, 5 куорпуһугар кэлэн көрдөрүнүөххэ эбэтэр олорор сиргинэн инфекционист-быраас ыытыан сөп.
С гепатиттан сэрэнэргэ биэс сүбэ
Быар ыарыыта кутталлаах, туох да улахан сибикитэ суох циррозка, араакка тириэрдиэн сөп. Киһи быар курдук туһалаах уоргана суох олорор кыаҕа суох. Онон, С гепатиттан харыстаныы – дьоһун суолталаах.
С гепатикка сыстыбат туһугар атын киһи тус гигиенатыгар туһанар сириэстибэлэрин туттума. Тиис суунар суоккаҕа, бытык хорунарга уо.д.а. хаан кыырпаҕа хаалыан сөп. Ол инфекция төрүөтүнэн буолар.
- Бэйэ-бэйэни үчүгэйдик билсибэккэ сылдьар эр киһи уонна дьахтар түүҥҥү олохторугар презервативы туһаныахтаахтар.
- Испириис туһаныллар мэдиссиинэ процедураларыгар эбэтэр хаан туттарарга мэдиссиинэ үлэһитэ биирдэ эрэ туһаныллар үнүстүрүмүөнү туттарын кэтээн көрүллүөхтээх. Ол тутуһуллубат буоллаҕына, укуолтан эбэтэр анаалыс туттарартан аккаастанар ордук.
- Кэрэ буолуу солуоннарын эбэтэр тату-устуудьуйалары таларга болҕомтолоохтук сыһыаннас. Тату-устуудьуйалар уруһуйу иҥнэнэн түһэрэллэр. Кэрэ буолуу солуоннарыгар инъекциялары, маникюры оҥороллор. Бу иннинэ сылдьыбыт киһи хаанын вируһа тэһэ анньыыга, бааска, тирии кыратык да хайа барыытыгар киириэн сөп. Онон гигиена уонна санитария нуормалара кытаанахтык тутуһуллар эрэ солуоннарын талан сырыт.
- Инфекцияҕа сыһынным быһыылаах диэн саарбаҕалыы санаатаххына, антитела анаалыстарын туттар. С тииптээх гепатит саҥа саҕаланар кэмигэр чэпчэкитик эмтэниллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: