Герман Греф Саха сиригэр кэллэ

Share

Бүгүн, сэтинньи 9 күнүгэр, Дьокуускай куоракка Ил Дархан Айсен Николаев уонна Арассыыйа Сбербаанын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Герман Греф көрсүөхтэрэ. 

Былаан быһыытынан Сбербаан салайааччыта «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга,  ИТ-пааркаҕа  уонна Саха сиринээҕи сыыппараны  трансформациялыыр кииҥҥэ сылдьан,
эрэгийиэн креативнай индустрияҕа сыһыаннаах хайдах-туох бородууксуйаны оҥорон таһааралларын көрүөҕэ. Ону тэҥэ, Герман Греф «Оскуола 21» диэн кампус аһыллыытыгар кыттыыны ылыаҕа.
Санатар буоллахха, быйыл бэс ыйыгар ыытыллыбыт Петербурдааҕы аан дойдутааҕы экэнэмиичэскэй пуорумҥа Саха сирэ уонна Сбербаан Дьокуускайга тустаах бырайыагы олоххо киллэриигэ  Сөбүлэһиини түһэрсибиттэрэ.
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан  итинник хабааннаах кампустар өссө 12 эригийиэҥҥэ аһыллыахтара.
What’s your Reaction?
+1
3
+1
1
+1
0
+1
3
+1
1
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

5 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

7 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

8 часов ago