Салгыы
ГЭС уута тоҕо барыа диэн долгуйарга төрүөт суох

ГЭС уута тоҕо барыа диэн долгуйарга төрүөт суох

10.11.2022, 14:19
Бөлөххө киир:

Бүгүн сарсыардаттан батсаапка «Мииринэйгэ ГЭС уута тоҕу барар кутталлаах турар», «6 чааска биһиэхэ 8 м үрдүктээх уу кэлэр үһү», «Уу бөҕөтө кэллэ, ырбыы 6 миэтэрэ буолла», «ЧС биллэрэллэр үһү», о.д.а ис хоһоонноох сурах-садьык Саха сирин тилийэ көтөн Бүлүү бөлөх улуустарын улаханнык долгутта. Бу сурах төһө кырдьыктааҕын билээри, ууга уонна ГЭС-кэ сыһыаннаах тустаах тэрилтэлэргэ тахсан туоһуластыбыт.

Петр Аргунов, Уу ресурсаларын федеральнай ааҕыныстыбатын Өлүөнэ тардыытынааҕы ууга управлениетын салайааччыта:
— Биһиги тэрилтэбит Саха сиригэр баар водохранилищелар үлэлэрин эрэсиимин кэтээн көрөр, ууну ыытарга көҥүлү биэрэр боломуочуйалаах. Сэтинньи 10 күнүн сарсыарда 8.00 чаастааҕы даанайынан Бүлүү өрүскэ уу таһыма 243,86 миэтэрэ, сууккаҕа 4 см түстэ. Ууну «холостуой» ыытыы суох. Билиҥҥитэ Бүлүүтээҕи ГЭС электроэнергияны оҥорууга эрэ үлэлиир, уу гидроагрегат эрэ нөҥүө түһэр. Бүлүүтээҕи ГЭС гидротехническай өттүнэн сөбүгэр туруктаах, онон долгуйарга төрүөт суох.

Е.Н. Батенчук аатынан Бүлүүтээҕи ГЭС каскадын пресс-сулууспата:
— Бүгүҥҥү туругунан Бүлүүтээҕи ГЭС ыстаатынай эрэсииминэн үлэлии турар. Үөһээ этиллибит сурах-садьык оруна суох, биһиги хайдах үлэлээбиппит курдук үлэлии олоробут.

«Якутскэнерго» тэрилтэ Бүлүүтээҕи ГЭС-н 2 №-дээх гидроагрегатыгар хапытаалынай өрөмүөн уонна биэс гидроагрегакка өрөмүөн ыытыллан түмүктэннэ. Ыйыллыбыт үлэлэр бары Саха сирин арҕаа улуустарыгар электроэнергияны оҥорон таһаарар энергетическэй оборудование туһаныллар болдьоҕун уһатарга ыытыллаллар.

Гидротехническай тутууларга куттал суох буолуутун хааччыйарга анаан ыытыллыыбыт Бүлүү водохранилищеларыттан ууну бырахтарыылар быйыл күһүн тохтотуллубуттара. Уу түһүүтүн хааччыйар сабыы алтынньы 21 күнүгэр сабыллыбыта.
Араас сымыйа сурахтарга итэҕэйимэҥ, социальнай ситимнэргэ баар сигэлэргэ эрэ киирэн официальнай источниктары көрүҥ диэн сүбэлиэ этибит. Чопчу эттэххэ:

Телеграмҥа:
– «Якутскэнерго новости»: https://t.me/Yakutskenergo_news
– «Графики ремонтных работ энергетиков»: https://t.me/Yakutskenergo

• ВК: https://vk.com/yakutskenergo

• Дзен: https://dzen.ru/yakutskenergo

• ААУо «Якутскэнерго»: https://www.yakutskenergo.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: