Салгыы
Гимнастика турнирыгар 500-чэ оҕо кытынна

Гимнастика турнирыгар 500-чэ оҕо кытынна

23.02.2024, 18:30
Хаартыска: Дора Петрова.
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга «Сыдьаай» диэн художественнай гимнастикаҕа сыл аайы ыытыллар турнир буолан ааста. Турнирга Дьокуускайтан, Покровскайтан, Ньурбаттан, Чурапчыттан, Намтан 500-тэн тахса гимнастка кытынна.

Хаартыска: Дора Петрова.

Быйыл турнир күнэ «Муус устар» бэстибээли кытта сөп түбэһэн, күрэхтэһиини биир күҥҥэ ыытарга быһаарбыттара, онон гимнасткалар сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри күрэхтэстилэр.

— Саха сиригэр спорт маннык кыраһыабай көрүҥэ сайдан иһэригэр тириэньэрдэргэ, настаабынныктарга махтанабын. 12 сыллааҕыта бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир буолбутун бары өйдүүбүт, онно аҕыйах гимнастка кыттара. Оттон билигин турнир хас да түһүмэхтэрэ буолаллар, онно оҕолор бары кыттар кыахтаахтар. Спорт бу көрүҥэ аһаҕас, оҕолорго барыларыгар тиийэр буолбута олус үөрүүлээх. Араас улуустартан кытта кэлэллэрэ, бу спорка бэриниилээхтэрэ биһигини кынаттыыр, — диэн «Сыдьаай» художественнай гимнастика кулуубун дириэктэрэ, турниры тэрийээччи Дора Петрова санаатын үллэһиннэ.

Быйылгы турнир уратыта — оҕолор маассабай кыттыылара. Холобур, «Бриллианты Туймады» кулууптан 130 спортсменка кыттыбыта элбэҕи этэр. Саҥа кыттар оҕолорго үрдүк таһымнаах турнирга кыттыы өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн хаалыаҕа.

— «Сыдьаай» турнир үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Хас да көрүҥҥэ саҥа бырагыраамаларбытын көрдөрөр кыах бэрилиннэ. Турнир спортивнай маастарыстыба бары таһымнарыгар анаммыт буолан, спортивнай разрядтары ылар кыах биэрбитэ олус үчүгэй. Тэрийээччилэр дьиҥнээх спорт бырааһынньыгын оҥорорго күүстэрин-уохтарны харыстаабатахтара көстөр, — диэн Хаҥалас улууһун спортивнай оскуолатын тириэньэрэ Тамара Борисова  эттэ.

— Ньурбаттан 60 гимнастканы аҕалбытым. Кинилэртэн үгүстэрэ аан бастаан кытыннылар уонна аан бастаан биридимиэттээх күрэхтэстилэр. Кинилэргэ бу улахан уруок буолар. Оҕолор уонна төрөппүттэр үөрэн-көтөн, өссө дьарыктанар баҕалара күүһүрэн, дьиэлээтилэр, — диэн тириэньэр Мария Александрова бэлиэтээтэ.
— Кэнники кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ гимнастика тэтимнээхтик сайдан иһэр. Саха сирин гимнасткалара билигин дойду бастыҥ кииннэригэр дьарыктаналлар, атын эрэгийиэннэргэ тахсан күрэхтэһэр буоллубут. Онуоха СӨ художественнай гимнастикаҕа федерациятын бэрэсидьиэнэ Людмила Николаеваҕа махтанабыт. Хаһан эрэ Людмила Валерьевна миигин, кырачаан кыыһы таба көрөн, сайыннаран, билиҥҥэ диэри өйүүр. Кини өйөбүлүнэн мин уонна атын кыргыттар дойду бастыҥ кииннэригэр дьарыктанан, идэ ылан, Арассыыйа спордун маастара ааты ылары ситистибит. Мин билигин бэйэм тириэньэр буолан, билиибин, сатабылбын оҕолорго биэрэбин, — диэн «Сыдьаай» кулууп тириэньэрэ Алина Турнина кэпсээтэ.

— Хаһан эрэ биир кулууп турнира сыл аайы кэҥээн, сайдан, өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах күрэхтэһиигэ кубулуйда. Атын улуустартан кэлбит гимнасткалары көрөн наһаа үөрдүм, ол аата бу көрүҥ сайдан, кэҥээн иһэр. Быйылгы сыл биһиэхэ ураты буолуоҕа — өр кэмнээх тохтобул кэнниттэн, сайын «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга художественнай гимнастикаҕа күрэхтэһиилэрэ буолуохтара. Барыгытыгар ситиһиилэри баҕарабын! — диэн Людмила Николаева оҕолору, төрөппүттэри, тириэньэрдэри эҕэрдэлээтэ.

СӨ художественнай гимнастикаҕа федерациятын пресс-сулууспата.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: