Саҥа дьылы көрсө бырааһынньык тыынын эрдэттэн биллэрэр туһуттан дьон дьиэлэрин иһин номнуо киэргэтэн саҕалаабыттар. Үгүс түннүктэргэ гирлянда уота дьиримнээтэ. Аны аҕыйах сылтан бэттэх киинэҕэ көстөр омук дьиэлэрин үтүктэн дьиэ тас эргиннэрин, кырыыһаҕа тиийэ симиир буолбуттар. Ол эрээри сэрэхтээх буолуу туһунан умнар сатаммат. Гирляндалар биһиги тыйыс тымныыбытыгар сөптөөхтөр дуо?
Үгүс дьон ханна оҥоһуллубутун, хас чаас холбонон туруохтааҕын туһунан удумаҕалаппат. Гирлянда ырыынактан саҕалаан социальнай ситимнэринэн кытта хамаҕатык атыыланар. Дьон үксүн сыанатын уонна төһө миэтэрэ уһунун эрэр көрөр. Дьиҥэр, сүрүн болҕомтону боруобатын хаачыстыбатыгар, лаампалар төһө түргэнник сылыйалларыгар ууруллуохтаах. Лаампалардаах баһаар өттүнэн саамай сэрэхтээх тэрил буолар. Ол курдук, “Авито” чахчытынан, ааспыт сылга гирлянда атыыта балтараа төгүл үрдээбит. Хас биирдии уот ситимигэр холбонор тэрил: гирлянда, харыйа, уоттаах банаардар о.д.а. Саҥа дьыл кэмигэр туттуллар уот-күөс барыта баһаар өттүнэн сэрэхтээх.
Кыбартыыраҕа батарыайа, оһох таһыгар холбуур олус сэрэхтээх эбит. Билиҥҥи былаастык, сымнаҕас боруобаттар ууллан хаалар кутталлаахтарын эспиэртэр сэрэтэллэр. Гирлянда хайаан даҕаны сэртипикээттээх буолуохтаах. Ханна оҥоһуллубута биллибэти атыылаһар кутталлаах. Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар дьон эрэсиими тутуспат. Түүннэри бырааһынньык, тэлэбиисэр көрүү, таһырдьанан-иһирдьэнэн сылдьыы буолар. Бу кэмҥэ розеткаҕа холбонор бары тэрили араарар ордук. Көрө сылдьыахпыт диэн үгүс дьон сыыһа саныырын бэлиэтииллэр эспиэртэр. Дьиэ иһигэр киэргэлгэ анаммыты таһырдьа тымныыга иилэр көҥүллэммэт, сииктэн харысхаллара суох, онон быстахтан уот барыан сөп. Оттон таһырдьа иилиллэр гирляндалар сэртипикээттэрин, тыалтан, сииктэн харыстыыр кыахтаахтарын туһунан билсэр хайаан да наада. Киһи үөйбэтэх өттүттэн хаар да, кыһыннары самыыр да түһүөн сөп. Онон ханнык да түгэҥҥэ таска иилиллэр гирлянда хаачыстыбалаах буолара ирдэнэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ сыл саҕаланыаҕыттан ЫБММ иһитиннэрбитинэн, сыл саҕаланыаҕыттан алта ый иһигэр уопсайа 1 146 баһаар тахсыбыт. 510 баһаар дьон олорор сиригэр тахсыбыт. Былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, сыыппара 8% үрдээбит. 35 киһи суорума суолламмыт, онтон сэттэтэ – оҕо. 26 киһи баһаарга эмсэҕэлээбит, онтон түөрдэ – оҕо. Баһаарынайдар 49 киһини быыһаабыттар, 880 киһини эвакуациялаабыттар. Дьон олорор сиригэр тахсыбыт баһаардар үксэ уоту уонна электрическэй тэриллэри сэрэҕэ суох туттууттан тахсыбыт.
Баһаары утары сэрэтэр эриэйдэлэр күннэтэ ыытыллаллар. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн баһаары сэрэтэр 15 тыһыынча эриэйдэ оҥоһуллубут. Баһаары сэрэтэр туһуттан кыбартыыраларга, чааһынай дьиэлэргэ АДПИ тэрили туруорар туһунан ЫБММ управлениета иһитиннэрэр.
Баһаартан сылтаан чааһынай дьиэлэр, кыбартыыралар уокка былдьаналлар. Бэлиэтээн суруйдахха, ааспыт сайын Хатыҥ Үрэххэ чааһынай тутуулар умайбыттара, бу күннэргэ, Бүлүүгэ чааһынай олбуордаах дьиэҕэ баһаар тахсан баанньыктаах гараас эмсэҕэлээбит. Дьокуускай куорат Лермонтов аатынан уулуссаҕа баар элбэх кыбартыыралаах тоҕус этээстээх дьиэҕэ баһаар тахсыбыт. Ол курдук, 27 кв. м иэннээх дьиэ болкуона уонна куукуната эмсэҕэлээбит. Баһаар туохтан тахсыбытын быһаара сылдьаллар. Ахсынньы 4 күнүгэр Уус Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгэр 18 кыбартыыралаах уопсай дьиэҕэ баһаар тахсыбыт. 28 кв. м иэннээх дьиэ уоттан эмсэҕэлээбит.
Ааспыт 2023 сылга ЫБММ иһитиннэрбитинэн, уопсайа 685 баһаар тахсыбыт. Онтон 416 баһаар дьон олорор сиригэр тахсыбыт. Баһаар тахсыбыт сүрүн төрүөтүнэн электрическэй тэриллэри, оһохтору сыыһа туттуу түмүгэ буолар.
Былырыын Москваҕа кы-тай гирляндатыттан сылтаан баһаар тахсан икки оҕо суорума суолламмыта. Эмискэ умайан тахсан түннүк сабыытын хабан уот кыбартыыраны бүтүннүү ылбыт. Онус этээскэ тахсыбыт баһаартан быыһааччылар оҕолору таһаарбыттара эрээри, мэдиссиинэ суһал массыынатыгар айаннаан иһэн балыыһаҕа тиийбэккэ, оҕолор тыыннара быстыбыта. Былырыын Новосибирскайга гирлянда умайбытыгар эдэр кыыс суорума суолламмыта. Кытай гирляндата түүннэри холбонон туран лаампалара ууллан иэдээни таһаарбыт. Оттон бэйэтэ уоттаах харыйа эмиэ сэрэхтээх. Харыйа иннэлэрин ахсын иилиллибит кырачаан лаампалар алталыы-сэттэлии чаас холбонон турарга анамматахтар. Үгүс дьон, сэртипикээтэ да суох буоллаҕына, атыылаһар. Оттон сэртипикээтэ суох “кустарнай” тэрилтэлэр оҥорбут харыйалара, гирляндалара сэрэхтээхтэр. Кинилэр харчы эрэ туһуттан элбэҕи чэпчэкитик атыылаан барыһырар соруктаахтар. Онон Саҥа дьыллааҕы харыйаны, гирлянданы талыы улахан эппиэтинэһи ирдиирин умнумаҥ.
Интэриниэт ситимигэр гирлянда, бэйэтэ уоттаах харыйалар атыыланар биллэриилэрэ дэлэй. Манна биһиги тугу билиэхтээхпитий, туохтан сэрэниэхтээхпитий?
ЫБММ иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ сыл саҕаланыаҕыттан алта ый иһигэр 1 146 баһаар тахсыбыт. 510 баһаар дьон олорор сиригэр тахсыбыт. Былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, бу сыыппара 8% үрдээбит. 35 киһи суорума суолламмыт, онтон сэттэтэ – оҕо. 26 киһи баһаарга эмсэҕэлээбит, онтон түөрдэ – оҕо. Баһаарынайдар 49 киһини быыһаабыттар, 880 киһини эвакуациялаабыттар.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…