Глафира Васильева: «Кыайыы төлөнө сөҕүрүйбэт»

Share

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.

Куонкуруспут 73-с кыттааччыта Үөһээ Бүлүү Оҥхойуттан Глафира Спиридоновна Васильева:

Кыайыы төлөнө сөҕүрүйбэт

Арҕаа дойду аһыҥастаахтара
Адьынаттаах санаалаахтара
Аан Ийэ дойдубутун
Аймыыр,умсарар сыаллаах
Алдьархайынан аргыйдылар.
Урукку дьыллар улаҕаларыгар
Уоттаах улуу сэриигэ
Умса көрбүт сааттарын
Умнан, саланан оһорунаат,
Умуллубатах өс санааларын
Уон араас кубулҕаттаатылар.
Ол эрэн ахсарбатахтар.
Орто дойду иэнигэр
Оҕолорбутун, ыччаттарбытын,
Олоххо тирэхпитин, кэскилбитин,
Уолуктарыгар уоттаах
Уола-хаан дьонноохпутун.
Умса көрбөт санаалаах
Удьуор,утума оҕолорбутун.
Ханнык да кэмҥэ,
Хайа баҕарар үйэҕэ
Хара дьайы хаптарарга,
Хааммытын хамсаппакка
Хардарабыт уон оччонон,
Таптыыр Ийэ дойдубут.
Түөрэҕэ,төлкөтө төннүбэтэ
Тумус,тумулук ыччаттарга
Эрэнэр эһиэхэ дойдугут.
Эрэҥкэдийбэт,саараабат
Эрдээх,хорсун санааҕыт
Эрэлгит,кыаххыт күлүгүрбэккэ,
Эриири, мускууру тулуйан
Эйэни, дьолу аҕалыаххыт.
Эргиллиэххит хайаан да
Кыайыы төлөнүн көтөҕөн.
Күөрэйэр күн саһарҕатыныы
Күлүм,мичил чаҕылыйан.
Күнү-дьылы аахсыбакка
Күүтэллэр, кэтэһэллэр эбээт.
Күн сирин көрдөрбүт
Күндү төрөппүт дьоҥҥут,
Көмүс туораах оҕолоргут,
Күн утаҕар тэҥниир
Килбик, сэмэй кэргэҥҥит.
Ахтар, суохтуур чуумпуран,
Арыы тыалаах алааскыт.
Хотун хатыҥ хаймыылаах,
Хаһан да хагдарыйбат
Халыҥ харыйа хаххалаах,
Бэс ойуур быыстаах,
Баараҕай тиит мастаах
Бултуур, балыктыыр ыырдаргыт.
Кылаан, өргөс өйгүт
Көлбөҕүрэри билбэтин,
Киэҥ, хорсун санааҕыт
Күлүгүрэр буолбатын.
Ыра ырааппат, симэлийбэт.
Ыраас, кырдьык чаҕыла.
Ырыа буолан дуорайыа.
Түөрэх, төлкө төннүбэт
Түмүгэр биһиги хотуохпут!
Үтүө, үрдүк ааккыт
Үйэлэргэ ааттаныа.
Истиҥ,бэриниилээх буолуҥ.
Ийэ оҕотун таптыырыныы,
Иитиллибит, улааппыт дойдугун
Ис туруккун туттаран итэҕэйэн,
Истиҥник санаа,  таптаа.
Аҕаларгыт,  эһэлэргит туруулаһан
Аҕалбыт,туппут олохторо —
Аны эһиги илиигитигэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

7 часов ago