Глобальнай сылыйыы: Арассыыйа учуонайдара килиимэт уларыйыытын тула кэпсэттилэр
Сэтинньи 17 күнэ аан дойду килиимэтигэр биир олук охсор күнүнэн буолла – аан дойду орто температурата аан бастакытын индустрия сайдыа илигинээҕи кэмиттэн 2°C кыраадыс сылыйда. 1850 уонна 1900 сыллар (ол эбэтэр, сир анныттан хостонор уматыгы киэҥник туттуу тарҕана илик кэм) икки ардыларынааҕы орто температураны икки кыраадыһынан куоһарыы планетабыт билиҥҥи эко-систиэмэтигэр көннөрүллүбэт уларыйыылары аҕалар кутталлаах.
УРБААН УОННА БИЛИМ ТҮМСҮҮТЭ
Москваҕа сэтинньи 16 күнүгэр Андрей Мельниченко пуондата глобальнай сылыйыы кыһалҕаларыгар анаммыт кэмпириэнсийэни тэрийбитэ. “Айылҕа уонна килиимэт быһаарыылара: Арассыыйа аан дойдуга тугу этиэн сөбүй?” (Природно-климатические решения: что Россия может предложить миру?) диэн ааттаммыт кэмпириэнсийэҕэ килиимэти чинчийиигэ сыһыаннаах бүгүҥҥү күн саамай аптарытыаттаах учуонайдара түмсэн билиилэрин атастаспыттара, саҥа быһаарыылары ырыппыттара.
Андрей Мельниченко түмсүүнү арыйар аан тылыгар бүгүҥҥү күн тыҥаан турар кыһалҕатын быһаарыыга тус көрүүтүн бу курдук эппитэ:
“Болҕойон көрдөххө, Арассыыйа экэниэмикэтин 60 бырыһыана сир анныттан хостонор уматыгы туттууга олоҕурар. Оттон кэнники 15 сыл иһигэр глобальнай сылыйыыны утарылаһыы чэрчитинэн аан дойду углеводороднай уматыгы туһаныыны кыччатыы хайысхатын талла. Бу биһиэхэ соччото суох кэскиллээх хайысха. Билигин судаарыстыба, урбаан уонна билим глобальнай сылыйыыны утары атын ньымалары көрдүүргэ кыһаллыах тустаахтар. Холобур, биһиги дойдубут киэҥ сиригэр баар биологическай систиэмэлэр кыахтарын туһанан, сөптөөх дьайыыны биэрэр кыахтаах көрүҥнэри чинчийии”.
Андрей Мельниченко Арассыыйатааҕы бырамыысыланнас уонна урбаан сойууһун кэмитиэтин (РСПП) бэрэссэдээтэлэ буоларын быһыытынан, учуонайдарга дойду урбаанын холбоһуктаах санаатын тиэрдээччи буолла диэххэ сөп.
УРУККУ БИЛИИЛЭР, АНЫГЫ ЧИНЧИЙИИЛЭР
Өскөтүн соторутааҥҥа диэри айылҕаҕа быраҕыллар углекислай гаас (СО2) кээмэйин кыччатыы кыһалҕатын сир анныттан хостонор уматыгы туттууну хааччахтааһынынан ситиһэ сатыыр эбит буоллахпытына, билигин ити ньыма кэскилэ суоҕунан ааҕыллар. Киһи аймах ахсаана 8 миллиардтан тахсан турар, бу үтүмэн элбэх киһи сиир аһа үксэ уматык туттуутуттан үөскүүр. Биһиги бары ньиэби сиэн киһи-хара буолабыт диэххэ сөп. Онон бу кыһалҕаны аныгы көрүү атын ньымалары көрдөөһүҥҥэ сигэнэр. Сэтинньи 16 күнүгэр мустубут учуонайдар салгыҥҥа баар СО2 кээмэйин хайдах кыччатыахха сөбүн туһунан араас быһаарыылары ырыттылар. Уопсай санаа маннык “Өскөтүн СО2 таһаарыытын кыччатар сатаммат буоллаҕына, айылҕа углероду иҥэрэр күүһүн туһанан босхоломмут углероду кыччатыахха сөп”. Саамай судургу холобур – үүнэр мас улаатарыгар углероду туһанар, онон тыа ахсаанын элбэттэххэ, үүнээйи салгынтан углероду ылан кыһалҕаны кыччатар. Ол иһин, билигин маһы олордуу – экологическай хамсааһын биир сүрүн хайысхата. Бу хайысханы көмүскээччинэн РАН Тыа экологиятын уонна үүнүүтүн кыһалҕаларын киинин научнай үлэһитэ Алексей Алейников буолла. Кини этэринэн, тыа планетаҕа углерод балаансын хааччыйыыга биир тутаах сабыдыал буолар. Кини дакылаата “Тыа барыта тэҥ туһалаах дуо?” диэн ааттаммыт, сүрүн санаата – Арассыыйаҕа тыа көрүҥнэрин араарыы, систиэмэлээһин үлэтэ ыытыллыахтаах. Тыытыллыбатах тыалары (этэринэн, билигин даҕаны 600-1000 саастаах кэрдиллибэтэх, баһаартан эмсэҕэлээбэтэх тыалар бааллар) харыстааһын углероду хааччахтааһын биир суолталаах көрүҥэ буолар.
Тыа углероду тутар кыаҕын саарбахтыыр санаалаахтар бу көрсүһүүгэ бэрт элбэх этилэр. Кэнники сылларга аан дойду үрдүнэн турбут улахан ойуур баһаардара саарбахтыыр санааны мэктиэлиир курдуктар.
Билиҥҥи күн сүрүннүүр ньымаларын таһынан Сэбиэскэй Сойуус кэминээҕи түөрүйэлэри саҥаттан көрүү туһунан дакылаакка этиллибитэ. Давос физико-метеорологическай обсерваториятын килиимэти мадьыаллыыр бөлөҕүн салайааччыта Евгений Розанов урукку кэм бэрт баламат санаатын – салгыҥҥа сералаах аэрозоль кутан күн сардаҥатыттан хаххаланыы ньыматын туһунан кэпсээтэ. Бу ньыма туһунан ХХ үйэ 70-с сс. ССРС учуонайа Михаил Будыко этии киллэрбитэ. Кини вулкан дэлби тэбиитэ планетаны сойутарын бэлиэтээн, салгын үөһээ араҥаларыгар сера эттиктэрин ыстахха, глобальнай сылыйыыны тохтотуохха сөбүн сабаҕалаабыта. Ол эрэн, Евгений Розанов бу ньыма туһалыыра саарбаҕын, экологияҕа кутталлааҕын, билгэлэнэр кыаҕа кыратын туһунан кэпсээтэ. “Өскөтүн өҥө аҕалар да буоллаҕына, Арассыыйа Арктикатыгар дуоннаах дьайыыны аҕалбата чахчы. Бу ньыманы туттар буоллахха, сера оннугар алмаас кыырпахтарын ыһыы биһиги дойдубутугар сөптөөх туһаны аҕалыан сөп”. Биллэн турар, оччо алмаас кыырпаҕын салгын үөһээ араҥаларыгар кутуу үп өттүнэн кыаллыбат, өйгө оҥорон көрүү эрэ буолар.
КЭМПИРИЭНСИЙЭ “СУЛУҺА” НИКИТА ЗИМОВ
Андрей Мельниченко этэринэн, Арассыыйа сылыйыыны утарылаһыыга сүрүн куоһурунан киэҥ сиргэ тайанан сытар сирдэрбит буолаллар. “Биһиги дойдубутугар киһи ааҕан сиппэт биологическай систиэмэлэрэ бааллар. Бу хайысхаҕа көрдөөтөххө, кыһалҕаны быһаарар ньымалар көстүөхтэрин сөп буолуо”. Кэмпириэнсийэҕэ сир араас эйгэлэрин чинчийээччилэр кэлбиттэр. Океанология институтун бэрэстэбиитэлэ Сергей Гулёв, байҕал СО2 гааһы иҥэрэр кыаҕын туһунан билиһиннэрдэ, Томскайдааҕы университет бэрэпиэссэрэ Сергей Кирпотин, кута эко-систиэмэтэ углероду баайар кыаҕынан бастыҥ буоларын дакаастаан көрдө, почвовед Ирина Курганова сир кырсын анныгар хараллар силистэр углероду уһун үйэлэргэ кистииллэрин туһунан эттэ. Гидрология, палеоклиматология, метеорология, дендрохронология исписэлиистэрэ билгэлиир мадьыаллары тутан көрдөрдүлэр.
Биир ордук улахан интэриэһи тардыбыт дакылааты Саха сиригэр баар Плейстоцен пааркатын салайааччыта Никита Зимов оҥорбута. Дакылааттааччылар үгүстэрэ бэйэлэрин тиэмэлэрин кэпсии туран Зимов бырайыагын ахтан ылаллара. Сорохтор бу бырайыагы кытта олоччу сөпсөһөллөрүн биллэрэллэрэ, сорохтор этиилэригэр биллэр саарбахтааһын көстөрө. Туораттан көрдөххө, Плейстоцен пааркатын бырайыага барыларын болҕомтотун тардыбыта харахха быраҕыллар этэ.
Бу Паарка туһунан биһиги хаһыаппытыгар сиһилии суруйан турардаахпыт. Кылгастык кэпсээтэххэ, Плейстоцен паарката уонунан тыһыынча сыл анараа өттүгэр баар буола сылдьыбыт эко-систиэмэни сөргүтэр. Бу бырайыак глобальнай сылыйыыны утары хас даҕаны хайысханан утарылаһар. Ол курдук, саҥа үөскүөхтээх эко-систиэмэ үүнээйилэрэ сир кырсын анныгар модун силис систиэмэтин үөскэтэллэр – бу баайыллыбыт углероду сир анныгар кистиир. “Сэлии истиэбэ” элбэх мэччийэр кыыллаах буолар. Бу сир сылааһын тутар хаары чарааһырдан, ирбэт тоҥ кыһыҥҥы тоҥоруутун күүһүрдэр. Тыатааҕар сырдык дьүһүннээх ходуһалар альбедо (күн сардаҥатын тэйитии) көдьүүһүн күүһүрдэн, сылыйыы таһымын намтаталлар. Бары өттүттэн көрдөххө, Плейстоцен паарката “природно-климатическай” быһаарыы биир чаҕылхай холобура курдук көстөр.
Андрей Мельниченко Пуондата бу бырайыагы кытта 10 сыллаах үлэлэһии туһунан сөбүлэһии түһэрсибитэ, быйыл паарка иэнин кэҥэтэр олбуордары тутуу саҕаланыахтаах.
Паарка бырайыага мөлтөх уонна күүстээх өрүттэрэ олоххо киллэрии болдьохторугар сытар. Күүстээх өттө – 90-с сылларга саҕаламмыт бырайыак билигин киэҥ чинчийиилэргэ олоҕурар түмүктэрдээх. Мөлтөх өттө – билигин даҕаны толору олоххо киллэрэртэн ыраах, бырайыак килиимэккэ дьайар кыахтаах тэнийиитэ уонунан сыллары эрэйэр.
Никита Зимов дакылаатыгар бу курдук чахчыны этэн аһарда: “Киһи аймах айылҕаҕа биллэр дьайыыта XIX үйэҕэ сир анныттан хостонор уматыгы киэҥник туттуутуттан саҕаламмытынан ааҕыллар. Ол эрэн, улахан дьайыы 14 тыһыынча сыл анараа өттүгэр саҕаламмыта. Киһи кэлиэн иннинэ “сэлии истиэбэ” Испанияттан Канадаҕа диэри, Арктика арыыларыттан Кытайга тиийэ тэнийбит планета саамай улахан эко-систиэмэтэ этэ. Былыргы булчуттар сэлии, бизон курдук улахан кыыллары имири эспиттэриттэн бу эко-систиэмэ кэхтиитэ саҕаламмыта. Онон, Плейстоцен паарката былыргы айылҕа балаансатын сөргүтэр кыахтаах бырайыак”.
Бу бырайыак быйыл Дубай куоракка ыытыллар ХНТ салалтатынан сыл аайы ыытыллар 28-с килиимэккэ анаммыт СОР28 кэмпириэнсийэҕэ аан дойду учуонайдарын иннигэр презентацияланыахтааҕа биллэр. Арассыыйаҕа саҕаламмыт эспэримиэн аан дойдуну глобальнай сылыйыыттан көмүскүүр кыахтааҕын аан дойду чинчийээччилэрэ илэ истиэхтэрэ, көрүөхтэрэ.
ГЛОБАЛЬНАЙ СЫЛЫЙЫЫ ТУҺУНАН УОПСАЙ ЧАХЧЫЛАР
Сир үрдүнэн сылыйыы бара турарын туһунан мөккүөр номнуо суох, бу чахчыны саарбахтыыр учуонайдар бүгүн суохтарын кэриэтэ. Кэмпириэнсийэ кэмигэр учуонайдар киһини толкуйдатар чахчылары этэн аһардылар.
Планета сыл аайы салгыҥҥа 850 гигатуонна парниковай гаастары таһаарар. Олортон киһи аймах оҥорон таһаарар “буруота” 50 гигатуоннаҕа тэҥнэһэр. Санаатахха кыра курдук эрээри, бу сабыдыалтан сылтаан сылыйыы эрдэ хаһан даҕаны (кээмэйдэммит кэм иһинэн) буолбатаҕын курдук түргэнник барар.
Саха сирин ирбэт тоҥугар планетабыт атмосфератыгар баар СО2 кээмэйин икки төгүл куоһарар ахсаана кистэнэн сытар. Ол иһин ирбэт тоҥ туругун харыстааһын сүдү суолталаах сорук.
Арктика аан дойдуну кытта тэҥнээтэххэ, ортотунан, 2-3 төгүл күүскэ сылыйар. Билиҥҥи математикаҕа олоҕурар мадьыаллар көрдөрөллөрүнэн, тугу даҕаны гыммакка олордоххо, 2100 сылга Арктика 6-7 кыраадыс итийиэн сөп. Бу сылыйыы аҕалар иэдээннэрин билигин билгэлиир да ыарахан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: