Глобальнай сылыйыы: туспа көрүүлэр, чинчийиилэр

Share

Билим итэҕэлтэн сүрүн уратыта — ханнык баҕарар кыһалҕаны араас өттүттэн көрөр. Холобур, билигин үгүс учуонайдар “глобальнай килиимэт уларыйыыта” олоччу куһаҕан дьайыылаах диэн көрүүнү тутуһаллар. Ол эрэн, сорох чинчийээччилэр килиимэт уларыйыыта киһи аймах олоҕор үтүө дьайыылаах буолуон сөп дииллэр. Бу көрүү сүрүн балаһыанньаларын үөрэтэн көрүөҕүҥ.

ТЫМНЫЫ ӨЛӨРӨР

Тоҥон өлбүт дьон туһунан Саха сиригэр кэпсиир наадата суох, сыллата буолар түгэн. Ол эрэн, тымныы көннөрү дьайыынан эрэ өлөрбөт – кыһыҥҥы ыйдарга киһи
доруобуйата кэбириириттэн сыллата үгүс киһи өлөр. Ону сайыҥҥы ыйдары кытта тэҥнээтэххэ, статистика ырылхайдык көрдөрөр. Холобур, Арассыыйаҕа 2016 сыл ахсынньы уонна тохсунньу ыйдарыгар уопсайа 499 932 киһи өлбүт. Оттон ити сыл оттон бэс ыйыгар уонна атырдьах ыйыгар 461 135 киһи тыына быстыбыт. Ол эбэтэр, кыһын өлүү
ахсааана 8,41% үрдүк эбит. Ити сыл кыһыҥҥы өлүү сайыҥҥы өлүүнү кытта тэҥ эбитэ буоллар, дойдубутугар 39 тыһыынча киһинэн элбэх буолуо этэ. Бу биир сыллаҕы кэтээһин
буолбатах, сылтан сыл араас дойдуларга бэлиэтэнэр көстүү. Арассыыйа аан дойду биир саамай тымныы дойдута, онон тымныы дьайыытыттан дьон доруобуйата кэбириирэ өйдөнөр. Ол эрэн, бу көстүү олус сылаас дойдуларга эмиэ бэлиэтэнэр. Холобур, Бангладеш көрдөрүүлэрин ылыаҕыҥ. Бу дойдуга сайыҥҥы орто көрдөрүү 28С кыраадыс сылаас, кыһыҥҥа орто температура 17С кыраадыска тэҥнэһэр. Рецензияланар Global Health Action сурунаалга 2012 сылга тахсыбыт ыстатыйа этэринэн, бу дойдуга 24,6С кыраадыс турар кэмигэр өлүү таһыма 29,6С кыраадыс турар кэмиттэн 12% үрдүүрэ бэлиэтэммит. Тымныы кэмҥэ өлүү тоҕо үрдүүрүй? Араас дьайыылары сылтах быһыытынан көрө сатаабыттар – холобур, ультрафиолет дьайыыта кыччаан D битэмиин аҕыйыырын. Ол эрэн, Новай Зеландияҕа – ультрафиолет дьайыыта саамай күүстээх дойдутугар, кыһыҥҥы уонна сайыҥҥы өлүү арыта Арассыыйатааҕар үрдүгэ (кэтэнэр кэмҥэ 18% арыт баара көстүбүт!) бу гипотеза сыыһатын көрдөрбүт.

Глобальнай сылыйыы дьон олоҕун быыһыыра, биллэн турар, элбэх утарылаһыыны көрсөр. Холобур, утары көстүү – сылыйыыттан сылтаан өлүү элбээһинэ этиллэр. Ол эрэн, бу солуута суох тэҥнээһин “тепловой удар” дьайыытыттан сыллата биирдиилээн киһи өлөр, ону таһынан сылыйыыга хотугу дойду олохтоохторо бэрт түргэнник адаптацияланаллара дакаастаммыт.

СЫЛААС СИРГЭ

Хоту сытар дойдуларга сылыйыыттан сылтаан сир-дойду моһуона уларыйарын билигин утары этэр киһи суох. Ол эрэн, бу уларыйыы аҥаардас куһаҕан дьайыылааҕын утары этии наукаҕа эмиэ баар.

Глобальнай килиимэт уларыйыытын түмүгэр киһи олоруон сөптөөх сирэ аҕыйыыр диэн өйдөбүл баар. Курааннааһын, “торнадо” холоруктар урут үөскээбэт сирдэригэр баар буолбуттара, билгэлэммэт айылҕалаах сөҥүүлэр үксээбиттэрэ үгүс үтүө сир хаачыстыбатын мөлтөтөр. Кырдьык, килиимэт уларыйыыта үйэлэр тухары олохтоммут олоҕу-дьаһаҕы уларытыан сөп. Ол эрэн, “киһи олороругар сөптөөх сир-дойду сылаастан сылтаан аҕыйыыр” диэн этии, сымнаҕастык эттэххэ, омуннааһын буолар.

Ону судургу тэҥнээһин көрдөрөр – Саха сирэ уонна Индия араа-бараа иэннээх сиргэ тайан сыталлар. Ол эрэн, өҥүрүк куйаас Индияҕа 1 миллиардтан тахса киһи аһаан-сиэн олорор, оттон Саха сиригэр 1 мөлүйүөн киһи олорор. Тыһыынча төгүл арыттаах!

ИРБЭТ ТОҤ ЭНЧИРЭЭҺИНЭ…
ҮТҮӨ КӨСТҮҮ?

Сылыйыы биир саамай кутталлаах көстүүтэ биһиги сирбитигэр – ирбэт тоҥ ириитэ. Кырдьык, өскөтүн олорор дьиэлэрбит анныгар ирбэт тоҥ уулуннаҕына, акылаат хамсаан урусхалланыан сөп. Ол эрэн, кыһалҕаны биир күннээҕинэн көрбөккө, уонунан сылларга барыллаатахха, атын хартыына көстөр. Арассыыйа сирэ үс гыммыт иккитэ ирбэт -тоҥ үрдүгэр турар. Ирбэт тоҥ тэнийэр сиригэр дойду нэһилиэнньэтиттэн 2% эрэ олорор. Сүрүн төрүөтэ биир – ирбэт тоҥ тэнийэр сиригэр тымныы, буоругар ас биэрэр үүнээйи сиппэт. РАН Красноярскай кыраайдааҕы научнай киинэ суоттааһынынан, 2080 сылга глобальнай итийии түмүгэр Сибииргэ биэс төгүл элбэх киһи олорор усулуобуйата үөскүөн сөп. Бу суоттааһыны NASA чинчийэр киинэ ылынар. Өскөтүн Сибиир, Саха сирэ сылыйдаҕына, билигин тутуллубут дьиэлэрдээҕэр хас да төгүл элбэх дьиэ тутуллуо турдаҕа. Сылааһы кытта сайдыы, иччитэх сирдэри баһыйыы кэлэрэ саарбаҕа суох.

КУТТАЛ ЭЛБЭХ ЭРЭЭРИ, ҮТҮӨ КӨСТҮҮ ЭМИЭ БААР

Глобальнай килиимэт уларыйыытынан куттуур чинчийээччилэр сылыйыыттан сылтаан кумах куйаардар элбиэхтэрэ диэн билгэлэрэ туолбата. Төттөрүтүн баар улуу кумах куйаардар кытыылар күөх дойдуларга кубулуйан эрэллэрэ чопчу биллэр. 1982-2011 сыллаҕы кэрчиккэ планета үрдүнэн күөх үүнүүлээх сир урукку иэниттэн үс гыммыт бииригэр тэҥнэһэр сиргэ тэнийбитэ биллэр. Бу көстүү төрүөтэ биллэр – СО2 гаас үүнээйи сүрүн аһылыга, төһөнөн бу гаас салгыҥҥа элбиир да, оччонон үүнээйи үчүгэйдик үүнэр. Маны кытта төһөнөн салгын сылыйар да, оччонон байҕал ньууруттан паар тахсара үрдүүр, сөҥүү ахсаана элбиир, бу эмиэ үүнүүгэ туһалыыр. Ол эбэтэр, тыынар тыыннаах аһыыр аһа элбиир, олох тупсар.

Билгэлэммитин курдук, сылыйыы күүһүрэн истэҕинэ, киһи аймах элбэх кыһалҕаны көрсөрө чахчы. Байҕал кытылыгар турар куораттар пуортара ууга барыахтара, дьон кытылтан тэйэн биэрэргэ күһэллиэхтэрэ. Тымныы сиргэ олорорго үөрүйэх харамай көрүҥнэрин сорохторо айылҕаҕа сүтэр кутталлаахтар. Сорох бурдук үүннэрэр, сынньалаҥ тэрийиитинэн айах ииттэр сирдэр өҥүрүк куйаастан сылтаан иччитэхсийиэхтэрэ. Ол эрэн, ону кытта атын сирдэр тупсаллара саарбаҕа суох. Олорор планетабыт тымныыттан сылтаан иччитэх турар сирдэрэ, дьон олорор сирдэринээҕэр элбэх.

Онон, кэлэр кэм тугу аҕаларын куттана эрэ буолбакка, үтүөҕэ эрэллээх күүтэр оруннаах курдук.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

2 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

3 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

4 часа ago