Арассыыйаны утары сааҥсыйалар киирэннэр уонна Голливуд хампаанньалара биһиги дойдубутугар киинэ уларсыытын аккаастааннар, киинэ тыйаатырдара улахан кыһалҕаҕа киирдилэр.
Тас дойдулар киинэни оҥорон таһаарааччылара Арассыыйаттан барыахтарыттан, киинэ ситимнэрин (сеть) киирэр дохуоттара 60-70 % түспүт, онтон киинэ тыйаатырдара 25 % сабыллыбыт. Сотору кэминэн бу салааҕа дохуоттара 80 % түһүө диэн сабаҕалыыллар. Итинэн сибээстээн, бэйэ оҥорон таһаарар киинэтин сайыннарыы боппуруоһа сытыытык турар.
Сэтинньигэ РФ Судаарыстыбаннай Дууматын Култуураҕа кэмитиэтин мунньаҕар «РФ кинематографиятын судаарыстыбаннай өйөбүлүн туһунан» ФС 6 ыст. уларытыылары киллэрии туһунан» сокуон барыла Госдуумаҕа көрүллүбүтэ.
«Кулун тутарга РФ Судаарыстыбаннай Дууматын Култуураҕа кэмитиэтин мунньаҕар бу сокуон барылын билиһиннэрбитим, онтон от ыйыгар Эрэгийиэннээҕи бэлиитикэ уонна олохтоох бэйэни салайыныы кэмитиэтигэр көрүллүбүтэ», – диэн Ил Түмэн наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, маассабай информация уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьылаларыгар сис кэмиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева санаатын үллэһиннэ.
Саха сиригэр киинэни оҥорон таһаарыыга туспа тиһиктээх систиэмэ оҥоһулунна, элбэх киинэ уһуллар уонна көрдөрүллэр буолла. Өрөспүүбүлүкэ киинэни оҥорон таһаарыыта Москуба уонна Санкт-Петербург кэнниттэн үһүс миэстэҕэ сылдьар. Киинэлэрбитин бэйэбит көрөөччүлэрбит киин куоракка, улуустарга да Арассыыйа, арҕаа да дойдулар киинэлэринээҕэр ордорон көрөр буоллулар.
Норуот дьокутаата эппитинэн, урут Арассыыйаҕа 74 % тас дойдуттан киирэр киинэни көрдөрөллөрө, онтон барыстаналлара. Сааҥсыйаларынан сибээстээн, тас дойдуттан киинэ киириитэ хааччахтанан, бэйэбит оҥорон таһааран, киинэ индустриятын өссө сайыннарарбытыгар кыах үөскээтэ.
Бу сокуон бырайыага олоххо киирдэҕинэ өрөспүүбүлүкэ бэйэбит кинематографистарбытын үп-харчы өттүнэн өйөөн киинэни оҥорон таһаарыыга уонна тарҕатыыга көмөнү оҥоруо. Билиҥҥитэ, «РФ кинематографиятын судаарыстыбаннай өйөбүлүн туһунан» 126 №-дээх 22.08.1996 с. олоҕуран кинематография судаарыстыбаннай өйөбүлү ылар. Бу сокуон эрэгийиэннэр салалталарыгар ханнык да өйөбүлү оҥорор боломуочуйаны биэрбэт, ол иһин олохтоох киинэни оҥорон таһаараачччылары өйүүргэ хааччахтары үөскүүллэр.
РФ Судаарыстыбаннай Дууматын Култуураҕа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Елена Драпеко Саха сирин парламенын этиитин өйөөтө. Госдума мунньаҕын түмүгэр сокуон бырайыагын ситэрэргэ этилиннэ.
Арассыыйатааҕы «Авито» сирэбискэ «Саха сириттэн саамай ыраас хаары атыылыыбын» диэн биллэрии таҕыста. Дьикти табаары атыылааччы,…
Карбонат кальций гормональнай препараттарын уонна микроскопическай чаастарыгар олоҕуран тирии ыарыытын эмтиир саҥа тиһиги Н.Г. Чернышевскай…
Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьокуускайга сабыылаах, искусственнай муустаах хаҥкылыыр сири уонна Саха политехническэй лиссиэй эбии…
Үөһээ Бүлүүгэ ахсынньы ый 14-15 күннэригэр Хапсаҕай Федерациятын Куубага оонньонно. "Үс хоһуун" успуорт комплексыгар хапсаҕай…
Бэнидиэнньиккэ, ахсынньы 16 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун ыйытыыларыгар «Саха» ГТРК «Россия…
Сахастат дааннайдарынан 2024 сыл тоҕус ый түмүгүнэн Саха сирин тэрилтэлэригэр балаҕан ыйыгар орто хамнас 103,2…